Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Саҥа үөрэх дьылын көрсө хаартыскаҕа түһэрэр талааннаах, улууспут биир сэдэх дьарыктаах кыыһа Ильза Ильина тэлгэһэтигэр олус үчүгэй фотозона оҥорон улууспут олохтоохторун хаартыскаҕа түһэрдэ.
Бу фотозонаҕа былыргы паартаны саҥалыы тыыннааан улууспут биир бастыҥ чааһынай урбаанньыта Евгений Ильин оҥордо. Ону тэҥэ урукку кэм дуоската хас биирдии киһи оҕо сааһын санатта, дууһатын кылын таарыйда.

Оҕо саас оскуолатааҕы кэмнэрин сүрэххэ, дууһаҕа уһугуннара улууспут араас көлүөнэ дьоно кэлэн хаартыскаҕа түһэн үөрдүлэр- көттүлэр.

Атырдьах ыйын 31 күнүгэр Кэлтэгэй түөлбэ олохтоохторугар босхо кэлэн хаартыскаҕа түһэллэригэр акция биллэриллибитэ. Оттон балаҕан ыйын1-2 күннэригэр олохтоохтор ким баҕалаах баран Ильиннэр тэлгэһэлэригэр бэйэтин төлөпүөнүгэр хаартыскаҕа түһэ тураллар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Forwarded from БОРБУЕВ (Борбуев)
Северное сияние в Верхневилюйске
Forwarded from НВК САХА
Ил Дархан II-c Аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Айсен Николаев милитаристскай Японияны кыайыы, итиэннэ II-c Аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүнэн эҕэрдэлээтэ.

Япония аармыйатын утары сэриигэ Саха сириттэн 3,5 тыһыынчаттан тахса саллаат уонна офицер дьоруойдуу хорсун быһыыны көрдөрбүтэ.

«Биир дойдулаахтарбыт Маньчжурияҕа, Сахалиҥҥа, Курильскай арыыга, итиэннэ Хайлар куорат таһынан кимэн киириигэ килбиэннээхтик киирсибиттэрэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

II-c Аан дойду сэриитин тохтотон дойдуларын иннигэр саха буойуннара ытык иэстэрин төлөөбүттэрэ. Хорсун быһыыларынан Россия бары көлүөнэтин өйүгэр-санаатыгар хаалбыттара.

@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#СВО

⭐️Ырыаһыт, мелодист, Ороһуттан төрүттээх Үөһээ Бүлүүтээҕи Оҕо дьиэтин педагога Евгений Тихонов анал байыаннай операцияҕа сылдьар бииргэ улааппыт доҕоругар Константин Татариновка анаан айбыт ырыатын истиҥ, сэргээҥ 👍👍👍

Бииргэ үөрэммит доҕотторо, Ороһутун, Үөһээ Бүлүүтүн, Сахатын сирин дьоно Костяны долгуйа кэтэһэбит 😍🙏🙌

Этэҥҥэ буолуҥ, Ийэ дойдугут, эйэлээх олох туһугар туруулаһа сылдьар хорсун-хоодуот Эр Хоһууттарбыт 🙌🙌🙌🙏🙏🙏

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Легендарный танк «Алеша» позавчера был отправлен в Москву на всеобщий показ гостям и жителям Москвы. Танк Героев России воинов - якутян Алексея Неустроева и Филиппа Евсеева станет памятником мужества и чести российских танкистов.

Об этом сегодня сообщили военкоры Якутии.

Военкоры «Сахамедиа» Евгений Петров и Федор Григорьев побывали во 2 роте танкового батальона, где служат и воюют наши земляки - Герои России, экипаж танка «Алеша». Однополчане тепло отзываются о своих боевых товарищах Алексее Неустроеве и Филиппе Евсееве.

2 рота, где служат герои, получила новые танки, которые готовятся к боям.

@voenkory_yakutii
Гороскоп на неделю с 4 по 10 сентября у нас в сообществе ВКонтакте 👈🏻

😄 Подпишись, там много интересного!

❤️ t.iss.one/ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#цикякутииинформирует

Уже в эту пятницу начнётся голосование на республиканских и муниципальных выборах!


Сегодня в 14.00 часов завершается прием заявлений о включении в список избирателей по месту нахождения (механизм «Мобильный избиратель»). Успевайте подать заявление в любой филиал МФЦ, в любую ТИК и УИК, а также через портал Госуслуг.

До 18.00 часов сегодняшнего дня могут быть поданы списки наблюдателей в избирательные комиссии от кандидатов, избирательных объединений и общественных наблюдателей.
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#кутурҕан

Биир дойдулаахпыт, култуура эйгэтин биир тутаах, чаҕылхай үлэһитэ Кузьмин Семен Семенович баара буоллар бүгүн 38 эрэ сааһын туолуохтаах этэ...😢🥺

Күндү доҕорбут, хаарыаннаах ыччаппыт, быдан дьылларга быраһаай😞😔

#сурутааччы 🎥
#үөһээбүлүүхаһыата
Үөһээ Бүлүү улууһун Баһылыга
Поскачин Владимир Семеновичка аныыбын

Хайдахтаах сүрэх тэбиэлиирий,
Харсыһыы күүһүн тулуйарый?
Хотойдуу кыырайар санаалаах
Хорсун, чулуу саха уолугар...

Түүннэри-күннэри сынньаммакка
Туруулаһар норуотун туһугар,
Түбүгүрэр сылааны билбэккэ
Төрөөбүт түөлбэтэ сайдарыгар.

Маардары, систэри нөҥүөлээн,
Сыралаах, сылбалаах үлэнэн
Массыына суоллара тыргыллар,
Олохпут биллэ уларыйар.

Эмэҕирбит дьиэлэр күрдьүллэн,
Таас тутууларынан килбэйэр,
Бүлүүм кытыла оҥоһуллан,
Үөһээ Бүлүүм сайдар, киэркэйэр.

Бэрт былдьаһыы күүстээх уотугар
Буруйа эрэ "Моттойоҕо",
Баһааҕырдар да күннэригэр
Биһиги сирдьиппит тахсыаҕа!

Балу. 03 09 23
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи сүбэ-мунньаҕа үөрэх управлениетын салайааччыта Спиридон Борбуев иһитиннэриититтэн саҕаланна.

Үөрэх дьыла ОГЭ күһүҥҥүлээх хаалбыттары тутууттан саҕаланна. Бүгүн математика предметин 76 оҕо туттара олорор.

Быйыл атын улуустан көһөн кэлии улахан суох, улуус иһигэр оскуолаттан оскуолаҕа көһүү түгэннэрэ ордук бэлиэтэммит. Ол түгэнигэр сорох кылаастарга 34-түү оҕоҕо тиийэ туолбуттар.

Оҕо уһуйааныгар 300 оҕо уочаракка олорор. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар сулууспалаахтар оҕолоро уочаракка бастакынан ылыллалларын иһин уочарат хамсаабатын кэриэтэ диэн салайааччы быһаарда.

Боотулууга 4 сыллааҕыта "Земскэй учуутал" бырагырааманан математика учуутала кэлбитэ. Эһиил үлэтин дуогабара бүтэр, ол эрэн салгыы үлэлии хаалар баҕалааҕын биллэрбит.

Уонтан тахса учуутал Дьокуускай куоракка үлэлии көһөн, учууталынан хааччыллыы боппуруоһа сытыытык турар. Саҥа үлэлии кэлэр учууталлары олорор дьиэнэн хааччыйыы сүрүн кыаллыбат боппуруос. Үчүгэй усулуобуйа суоҕуттан учууталлар үлэлии кэлбэттэр, атын сиргэ үлэлии бараллар. Ол түмүгэр төрөппүттэр оҕолоро үчүгэй үөрэхтээһини ылбаттарыттан эмиэ киин сиргэ көһөллөр. Үөрэхтээһиҥҥэ улахан болҕомто ууруллубатаҕына балаһыанньа ыарыыр туруктааҕын Спиридон Олегович бэлиэтээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

"Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү" федеральнай бырагыраама үлэтин туһунан Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов иһитиннэрдэ.

2024 сылга 57 квартира үлэҕэ киирээри турар.

2021 сыллаахха Барахов аатынан уулусса 13а нүөмэригэр 28 квартиралаах таас дьиэ, 2022 с. Строительнай уулуссаҕа 24 квартиралаах, Ленин аатынан уулусса 57 нүөмэрдээх дьиэтигэр 27 квартира, Ленин аат.уул. 1/4 аадырыһыгар 68 квартира, Интернациональнай уул. 25 квартира, Строительнай уул. 52 квартира аадырыстаммыт хаһаайыттарын булбута.

2023 сылга Барахов аатынан уулусса 7/1 нүөмэрдээх таас дьиэтигэр 32 квартира үлэҕэ киирдэ.

Күн бүгүн Школьная уулуссаҕа 5-с нүөмэрдээх дьиэҕэ 36 квартира, 3-с нүөмэрдээххэ - 47 уонна 27 квартира, Интернацианальнай 5а аадырыһынан 37 квартиралаах таас дьиэ, эмиэ бу уулуссаҕа 3/2 нүөмэригэр 25 квартира үлэҕэ киирээри бэлэмнэнэ тураллар.

Бу тутууларга "Тутуу Саха", "ВВК Групп" уонна "Строймонтажкомплект" хаарчахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр ылсан үлэлии сылдьаллар.

Бу туһунан үгүстүк улуус хаһыатыгар сырдатыллыбыта.

Бырагыраама үлэлиэҕиттэн, 2021 сылтан саҕалаан 2024 сылга диэри уопсайа 499 квартира хаарбах дьиэттэн көһөр дьоҥҥо ананан тутуллан бүтэн, күлүүстэрэ туттарыллыаҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска суолу-ииһи тутуу, өрөмүөннээһин үлэтин туһунан улуустааҕы суол пуондатын салайааччыта Тамара Миронова иһитиннэрии оҥордо.

Билигин суол оҥоруутун үлэтэ электроннай аукционунан ыытыллар. 1 килэмиэтиргэ анаммыт нуорматтан кыра харчыга оҥорорго кыһанар буолан, дойду атын куораттарыттан суол тутуутугар үлэлиир подрядчиктар, ороскуотурумаары, барыһа суох диэн аукциоҥҥа кыттыыны ылбаттар. Ол быһыытынан, бэйэбит олохтоох подрядчиктарбыт кыттан, бэрт кыра харчыга сөптөөх, хаачыстыбалаах үлэни оҥороллор диэн Тамара Никифоровна чиҥэтэн эттэ.

- Элбэхтэн аҕыйаҕы эттэххэ, Балаҕаннаах суолун тутуутугар федеральнай үпкэ киирсэн, 44 мөлүйүөн солкуобайы 2014 сыллаахха ылбыппыт. Кэнтиккэ тиийэр суолга 2 сыл устата 4,5 мөл.солк. ылары ситиспиппит.

2014 сыллаахха Башкирияттан үлэлээбэккэ турбут асфаллыыр-бетоннуур собуоту 7 мөл.солк. атыылаһан аҕалан, улууспут киинэ асфалламмыта.

Суол оҥоруутугар КУМИ тэрилтэтин үлэһиттэрэ бэрт тэрээһиннээхтик үлэлээн, докумуоннары чуолкайдык оҥорон, билигин суолларбыт бары докумуоннанан тураллар.

Бу туһунан сиһилии хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххыт.

Быыбар матырыйааллара бэчээккэ тахсалларынан сибээстээн, бу нэдиэлэтээҕи "Үөһээ Бүлүү" хаһыата балаҕан ыйын 7 күнүгэр, чэппиэргэ, бэчээттэнэн тарҕаныаҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус баайын-дуолун дьаһайар кэмитиэт (КУМИ) үлэтин туһунан салайааччы Артем Филиппов кэпсээтэ.

- Арендаҕа 2021 сыллаахха 173 сир бэриллибитэ. 2022 сылга 11 ый түмүгүнэн - 194 сир, оттон 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри 131 сир арендаҕа бэриллэн турар. Мантан оттуур ходуһата 192 га. 2022 сылга - 324 га, 2023 сыл балаҕан ыйыгар диэри 151 га арендаҕа бэриллибитэ.

Уһаайбанан хааччыйыы хартыыната маннык:
158 уһаайба учаастага чааһынай бас билиигэ бэриллибитэ.
2021 сылга - 16 га
2022 сылга - 34 га
2023 сыл балаҕан ыйыгар диэри 8,3 га уһаайба бас билиигэ бэриллэн турар.

Бас билиигэ 121 сир учаастага бэрилиннэ. Ол иһигэр элбэх оҕолоохторго 20 учаастак, уһаайба учаастага - 72, оттуур ходуһа - 27 учаастак.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын салайааччытын солбуйааччы, полиция майора Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар 54 иһитиннэрии киирбит. Онтон араас быһыылаах эт-хаан эчэйиитэ - 9, 1 суол саахала, 1 түөкүннээһин түбэлтэтэ, административнай кэтэбили 3 киһи кэспит, чааһынай бас билиигэ өтөн киирии - 1, арыгыны сокуоннайа суохтук атыылааһын 1 түгэнэ бэлиэтэммит. Дьуһуурунай чааска 7 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

ГАИ сотрудниктара нэдиэлэ иһигэр 93 административнай боротокуолу толорбуттар. Мантан 2 -тэ арыгы испит туруктаах суоппар уруулга олорон тутуллуута буолар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ситиһии

⭐️⭐️⭐️Арассыыйаҕа Аҕа настаабынньык уонна 23" күрэҕэр Үөһээ Бүлүүтээҕи 2 нүөмэрдээх М.Т.Егоров аатынан орто оскуола кэлэктиибэ "Декоративное цветоводство и ландшафтный дизайн" хайысхаҕа 2-с миэстэ, "Лекарственные растения" хайысхаҕа 3-с миэстэ, "Овощеводство и картофелеводство" хайысхаҕа -3-с миэстэ, " Плодово- ягодные культуры" хайысхаҕа 2-с миэстэ буоллулар! 👏👏👏👍👍👍🏆🏆🏆

Сири кытары үлэлиир агро хайысхалаах үлэһит кэлэктиипкэ эҕэрдэ бастыҥа буолуохтун 💐💐💐💐💫💫💫🙌🙌🙌

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM