#дьоллоохоҕосаас
😂😂😂Аныгы үйэҕэ эриэккэс көстүү
Төлөпүөн тутан дьиэҕэ сыппат, сибиэһэй салгыҥҥа дуоһуйа оонньуур оҕолор маннык буолаллар😅
Ким оҕотун маннык көччүйэ оонньуурун көҥүллүүрүй?😅
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

#көмө
⭐️ "Чэбдик" скандинавскай хаамыынан дьарыктанар уонна "Дьулуур" түмсүүлэр чилиэннэрэ - уопсастыбаннай олоххо көхтөөх эбээлэр СВО-ҕа сылдьар байыастарга анаан улахан тиэхиньикэни кистиир сайыҥҥы сетканы оҥорон бэлэмнээтилэр.
Светлана Владимировна Иванова салайыытынан 1,5 ый устата үлэлэриттэн, дьиэтээҕи түбүктэриттэр быыс булан, илиилэрин сылааһын ууран туран оҥорбут 3*7-лээх сеткаларын алҕаан ыраах ыытардыы бэлэмнээтилэр.
Светлана Владимировна маны таһынан быстах кэмҥэ уоппускаҕа кэлэн барар уолаттарга таҥас-сап тигэн биэртэлиир. Элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх, амарах сүрэхтээх буолан хас биирдии байыаска дууһатын ууран туран кыһаллар-мүһэллэр.
Эбээлэр барахсаттар, биһиги бары даҕаны, түргэнник эйэлээх олох, өйдөһүү буолуон, дойдубут туһугар сулууспалыы сылдьар байыастарбыт этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэрин баҕарабыт🙌🙌🙌

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#эҕэрдэ
⭐️ ⭐️ ⭐️ Бүгүн, от ыйын 17 күнүгэр, самаан сайыммыт сатыылаан турар, сылбыт биир саамай кэрэ кэмигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Улуу Кыайыы гимнэ буолбут "Тыыннаахтар умнубат сыллара" ырыаны көччөх гына көтүппүт, 50 сыл Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо музыкальнай оскуолатыгар эҥкилэ суох үлэлээбит Анна Петровна Иванова-Дмитриева алгыстаах 80 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүнэн итии истиҥ эҕэрдэ👏👏👏💐💐💐
Күндү киһибитигэр баҕарабыт ыстаал курдук доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу соргуну, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тапталларынан угуттанан уһун дьоллоох олоҕу💐💐💐👏👏👏
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Күндү киһибитигэр баҕарабыт ыстаал курдук доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу соргуну, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тапталларынан угуттанан уһун дьоллоох олоҕу💐💐💐👏👏👏
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
⭐️ Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын планерката үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигынан солбуйааччыта Петр Деллохов "Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын Хаһаайыстыбатын туйгуна" бэлиэни улуус баһылыга Владимир Поскачин туттарда.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигынан солбуйааччыта Петр Деллохов "Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын Хаһаайыстыбатын туйгуна" бэлиэни улуус баһылыга Владимир Поскачин туттарда.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅ Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын үлэтин туһунан управление салайааччыта Сергей Иванов иһитиннэрдэ.
От ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн 297 т. от оттонон турар.
Федеральнай суол кытыытыгар олорор нэһилиэктэр сирдэрин-уоттарын көрүнүүлэрэ, күрүөнү оҥостуулара үчүгэй диэн бэлиэтээтэ.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко от ыйын 20 күнүгэр былааннаах мунньаҕар туруорсар наадаттан өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр төһө иэннээх сиргэ төһө от ууга баран сытарын отчуоттуулларын эттэ.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Агростартап күрэҕэр 7 киһи кытынна. Баал олус үрдүгэ бэрт буолан ким да хапсыбата. Уопсай баал 150, биһиги улуустан кыттааччылар 60-70 эрэ бааллаахтар.
Кырыкый нэһилиэгин баһылыга Сергей Сергеев 4 эрэ кээһиилээх оттоох олороллорун этинэн туран, оттуур ходуһалар ууга сыталларынан сибээстээн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньатын биллэрэр наадалааҕын ыйда. Бу күннэргэ ынах сүөһү охтон түһэн өлүүтэ бэлиэтэммит, биричиинэтэ биллибэт.
Далыр нэһилиэгин баһылыга Георгий Иванов дьон оттууу сатыыр да халлаан туран биэрэн оттоппотун, Бүлүү бөлөх оройуоннарын эргин зондировщик самолеттар көтүтүүлэрин, искусственнай ардаҕы тохтотоллорун туһугар бырабыыталыстыба таһымыгар сурук бэлэмниэххэ наада диэн этиннэ. Мелиоративнай үлэлэри күүскэ ыытар наадалааҕын ыйда. Саҥа ханаал хоруутун хаһыыга үп-харчы көрүллүбэтин, туттуллубут үбү, ороскуоту сабыы (возмещение) эрэ диэн быһаарыллыбыта үлэни атахтыырын эттэ.
Сургуулук баһылыга Алексей Тарасов бу этиллибит этиилэргэ кыттыста, толору өйүүрүн биллэрдэ. Сургуулукка ардах күн өрүү-өрүү түһэн оттооһун хаамыыта эмиэ атахтанан турар эбит.
Хоро нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов эмиэ бу үөһээ этиллибит этиилэри өйүүрүн биллэрдэ. Дьуоҕалаах сиригэр 2019 сыллаахха тутуллубут шлюз-регулятор туһатыттан ааһан, онтон сылтаан үгүс сир ууга сытар диэн эттэ.
Өргүөт баһылыга Андрей Николаев оттуур ходуһалар бары ууга сыталларын, олорон биэрбэккэ, көҥүл хотуур саҕана атын нэһилиэктэр сирдэрин арендаҕа биэрэллэрэ буоллар диэн көрдөстө.

✅ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыга Максим Силигиянов улуус киинигэр баар сквердэри, болуоссаттары тэрилтэлэргэ сыһыарыы туһунан иһитиннэрдэ.
Сынньалаҥ паарката спорт управлениетын көрүүтүгэр турар. Пааркаҕа киирии суол инники өттүгэр оҥоһуллара былааннанар, билигин үлэ хаамыытынан тутууга ананан, накопитель буолан турар. Мантан инньэ, оҕолор, ыччат дьон бэрээдэгин көрөр туһуттан пааркаҕа видеонаблюдение холбоноро наада буолбут.
Ийэ скверэ социальнай харысхал уонна үөрэх управлениеларын көрүүлэригэр турар.
Түөлбэлэр оҕо оонньуур былаһааккаларын, сквердэрин олохтоохтор бэйэлэрэ көрө-истэ олороллор.
Кыайыы болуоссатын кииннэммит бухгалтерия уонна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын эппиэтинэстэригэр бэриллэн турар.
Тунцзян скверигэр олордуллубут сибэккилэри Пенсионнай пуонда үлэһиттэрэ көрөллөр-истэллэр.
Барахов болуоссатын оҥоруу сөбүлэҥэ илии баттаһыыны ааһан, атырдьах ыйыгар харчы хамсыырын кэтэһэллэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията Кытай өрөспүүбүлүкэтин Тунцзян куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга кыттыыны ылбытын туһунан кылгастык кэпсээтэ.
Тунцзян куорат Үөһээ Бүлүү улууһун кытта салҕыы үлэлэһэр былааннааҕын биллэрбит.

✅ Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Ис дьыала отделын салайааччыта, полиция подполковнига Вячеслав Андреев иһитиннэрдэ.
Нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар 42 иһитиннэрии киирбит. Мантан 8-һа араас быһыылаах эт-хаан эчэйиитэ. ГАИ үлэһиттэрэ 63 ыстараап боротокуолун толорбуттар. 3 киһи арыгы испит туруктаах сылдьан уруулга олорон тутуллубут. Мантан икки киһитэ номнуо иккистээн итирик тутуллан, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар дьылҕаламмыттар.
Сайыҥҥы кэм саҕаланыаҕыттан дьуһуурунай чааска дьон тутуллан киириитэ аҕыйаабыта бэлиэтэммит. Ол да буоллар, түөкүннээһин син-биир тахсар. Ол курдук, нэдиэлэ устата 2 түөкүннээһин түгэнэ бэлиэтэммит. Оскуола саастаах оҕолор эбээлэрин, эһээлэрин, төрөппүттэригэр төлөпүөннэриттэн киирэн интернет ситиминэн оонньуур оонньууларыгар рейтиннэрин үрдэтэр сыаллаах харчы ыытыммыттар. 30 уонна 8 тыһ. солк. хоромньу бэлиэтэммит.
Үөһээ Бүлүү улууһун прокурорунан Михаил Михайлович Сивцев Таатта улууһуттан анаммыт. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэтигэр тахсара күүтүллэр.

✅ "РИК Автодор" АУо үлэтин туһунан учаастагы салайааччы Василий Попов иһитиннэрии оҥордо.
"Бүлүү" федеральнай трасса Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин иһинэн киирэн ааһар суолун оҥорууга быйыл дьаамалары тэҥнээһин үлэтэ эрэ былааннанар.
Күһүҥҥү, кыһыҥҥы кэмҥэ суолу сырдатыы олус наада. Билиҥҥи туругунан федеральнай суол Үөһээ Бүлүү киинин иһинэн ааһар устатын тухары сырдатыы бырайыага оҥоһулла турарын туһунан эттэ.