#түмэл #уһуйаан
⭐️ Үрүйэчээн уһуйаан "Кэнчээри" улахан бөлөх оҕолоро бүгүн, ыам ыйын 23 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи этнография уонна история түмэлигэр экскурсияҕа сырыттылар.
Экскурсовод Елизавета Иванова кэрэхсэбиллээх кэпсээнинэн сирдэтэн, түмэл бииртэн-биир эриэккэс экспонаттарын остуоруйатын иһиттилэр көрдүлэр.
Елизавета Алексеевна өйдөнүмтүө, дириҥ ис хоһоонноох экскурсиятыттан оҕолор элбэҕи биллилэр. Ордук интэриэһиргээн былыргы өбүгэлэрбит иһиттэрин-хомуостарын, таӊастарын-саптарын ааттарын, туохха туттуллар аналлаахтарын билистилэр. Улахан махталбытын түмэл үлэһиттэригэр Елизавета Ивановаҕа, Тайыына Кононоваҕа, Чэмэлиинэ Чыычахабаҕа биллэрэбит.
Оҕолорбутугар биир кэрэхсэнэр күн ааста.
Сонуннарга анаан Вероника Протопопова.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат