#Кыайыыкүнэ
⭐️ Икки фронт кыттыылааҕа Иннокентьев Иван Иванович - фронтовик ахтыыта
1941 сыллаахха атырдьах ыйын 28 күнүгэр Өргүөт нэһилиэгэр Энгельс колхоз Арбаҕастаах учаастагар, бурдук быһа сырыттахпына, бэбиэскэ туттарбыттара. 8 буолан барбыппыт: Таракатов Федор Саввич, Николаев Никита Игнатьевич, Матаяров Баһыкка Касьянович, Алексеев Михаил Данилович, Харлампьев Афанасий Егорович, Сиикээйэп Варлам Спиридонович, Дороохой Григорий Васильевич уонна мин. Бары мин барыллааларым, бары биир көлүөнэлэр. Онтон Үөһээ Бүлүүгэ киирэн, комиссияҕа киирэн, балаҕан ыйын 3 күнүгэр Үөһээ Бүлүү буоруттан арахпыппыт. Биһигини кытта маннык ааттаах дьон барбыттара: Толбонноохоп диэн Хоро киһитэ, Иванов Тихон, Васильев Василий - Мордьонноохоп, Василий Степанов - Буучугурас, Бытыакап уола Егоров Яков Васильевич о.д.а.
Якутскайтан Коминтерн борокуотунан 5 хонук айаннаан Усть-Кутка тиийдибит. Онтон Ангараҕа массыынанан куйаардаан бардыбыт. Иркутскайтан Маалта куоракка үөрэнэн баран, тохсунньу 1 күнүгэр 1942 сыллаахха фроҥҥа барбытым. Биир ый айаннаан, Калининскай область Ржев куоракка тиийдибит. Олунньу 3 күнүгэр сарсыарда 5 чааска, тоҥуу хаарга чопчу түһэн утуйан туран баран, наступлениеҕа киирдибит.
Сахалартан Чолбон колхоз председателэ Иванов Павел киирэн геройдуу өлбүтэ, Үөһээ Аһыкай киһитэ Васильев Кирилл, Ороһу киһитэ Павлов Хандараас, Кыһыл үлэһит колхоз киһитэ Александров Кииччэ уонна Ороһу нэһилиэгин киһитэ Николаев Михаил Иванович, Томскай Гаврил диэн Кыадаҥда киһитэ, Кынньаахырап Өлөксөөн II Ботулуу киһитэ ити сарсыарда өлбүттэрэ, араанньы буолбуттара: Илларионов Спиридон, Захаров Калиннин,Корякин Федор, Николаев Николай, Ойуров Андрей, Васильев Константин.
Аҕыс хонук устата сэриилэстибит. Олунньу 11 күнүгэр сарсыарда араанньы буолбутум, командирым Бакулин диэн киһи этэ. Ивановскай область Владимиров куоракка госпиталга киирдим. Ый кэриҥэ сытан, наһаа үчүгэйдик эмтэнэн, үөрдүм. Онтон Башкирияҕа Уфа куоракка салгыы эмтэнним. Атырдьах ыйыттан айаннаан дойдубар балаҕан ыйын 24 күнүгэр кэлбитим.
Салҕыыта комментарийга

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ
⭐️ Туобуйаттан Аҕа дойду сэриитигэр Ийэ дойду көмүскэлигэр 1942 сыллаахха барбыт ийэм Настаа бииргэ төрөөбүт убайа Алексеев Егор Николаевич хорсуннук сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сүппүтүн туһунан биллэрии ол кэмнэргэ дьонугар кэлбит.
Таайым Дьөгүөртэн сэриигэ барарыгар соҕотох хаалбыт кыыһа эдьийим Алексеева - Степанова Тамара Егоровна, оҕолоро ирдэһэн аҕатын, эһэлэрин көмүс уҥуоҕа Крымҥа көмүллэн сытарын 1986 сыллаахха булбуттар.
1989 сыллаахха Тамара Егоровна аҕатын көмүс уҥуоҕар баран көрөн кэлбит.
Улуу Кыайыы иһин сырдык тыынын толук уурбут хос эһэлэрин Алексеев Егор Николаевич көмүллэ сытар сиригэр Крымҥа хос сиэннэрэ Егор, Сергей 2019 уонна 2021 сылларга бара сылдьыбыттар.
Степан Дмитриев
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Таайым Дьөгүөртэн сэриигэ барарыгар соҕотох хаалбыт кыыһа эдьийим Алексеева - Степанова Тамара Егоровна, оҕолоро ирдэһэн аҕатын, эһэлэрин көмүс уҥуоҕа Крымҥа көмүллэн сытарын 1986 сыллаахха булбуттар.
1989 сыллаахха Тамара Егоровна аҕатын көмүс уҥуоҕар баран көрөн кэлбит.
Улуу Кыайыы иһин сырдык тыынын толук уурбут хос эһэлэрин Алексеев Егор Николаевич көмүллэ сытар сиригэр Крымҥа хос сиэннэрэ Егор, Сергей 2019 уонна 2021 сылларга бара сылдьыбыттар.
Степан Дмитриев
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ
⭐️ Нам нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 78 сылынан "Айхаллан, Улуу Кыайыы" кэнсиэр спортсааланы толору көрөөччүнү муста.
Тэрээһини кэргэннии Розалина, Айсен Бурнашевтар иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Кэнсиэри Үөһээ Бүлүүтээҕи Оҕо искусство оскуолатын Намнааҕы филиалын оҕолорун хора "Пусть всегда будет солнце", "Наша Армия!" ырыалара арыйда, көрөөччү дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Хор кылааһын Наталия Ильина дьарыктыыр.
Мария Павлова "Кукушка", Розалина Бурнашева "Туруйалар", Николай Осипов "Журавли", Розалия Тарасова "Саллаат турар", Людмила Гаврильева "Ньургуьун", Марианна Былкова, Ирина Бетту "Мы - эхо", Дархан Аталларов, "Дьиэрэй" ырыа ансамбылын квартета, "Кэнчээри" оҕо уһуйаанын коллектива "Крейсер Аврора" ырыаларын бэлэх ууннулар.
Нам оскуолатын коллективын "Катюша" ырыатын таһаарааччыларынан Наталия Ильина уонна кини кыракый кыыһа София Саргыдаева буоллулар.
Оскуола оҕолорун уруһуйдарын "Письма с фронта" быыстапката көрөөччү дьүүлүгэр турда. Көхтөөхтүк кыттыбыт оҕолорго туоһу суруктары туттардылар.
3 миэстэни ылбыт 4 кыл. үөрэнээччитэ Алёна Никулина, 2 миэстэни 3 кылаастан Айсен Семёнов ыллылар. Онтон ис хоһоонунан үс көрүҥҥэ арааран, пластилинынан сыбаан олус үчүгэй уруһуйу оҥорбут 2 кылаас үөрэнээччитэ Аурика Михайлова 1 миэстэни ылыан ылла. Миэстэлэспит оҕолор сэмэй бэлэҕинэн биһирэннилэр.
Военизированнай күрэххэ толору састаабынан бэлэмнээх кэлэн "Кэнчээри" оҕо сайдар киинин коллектива 1-кы миэстэни ылла. "Кэнчээри оҕо уһуйаанын "Журавли", "Эйгэ" үҥкүү коллектива "Синий платочек" үҥкүүлэрэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
П.Н.Тобуроков аатынан түмэл дириэктэрэ Уйбаан Чыычаахап мустубут дьоҥҥо эҕэрдэтин тириэртэ, бэйэтэ суруйбут хоһоонун бэлэх уунна.
Түмүккэ Кыайыы күнүн уруйдаан, мустубут дьон тоҥонохтон тутуһан оһуохайдаан дьиэрэттилэр. Үҥкүү тылын Александра Васильева таһаарда. Дьон-сэргэ бэрткэ астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
Сонуннарга анаан Надежда Мутуукаба.
Комментарийга киирэн сорох хаартыскалары көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser

#кыайыыкүнэ
🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩
Строевой хаамыыны Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Михаил Ан салайар.👏 👏 👏
#Үөһээбүлүүхаһыат
🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩
Строевой хаамыыны Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Михаил Ан салайар.
#Үөһээбүлүүхаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM