#сиэртуом #итэҕэл
🖼️ П.Н.Тобуруокап аатынан орто оскуола бэтэрээн учууталларын түмсүүтэ ый ахсын тэрээһин ыытар.
Муус устардааҕы тэрээһиҥҥэ оскуола 1976 с. выпускнига Трофим Миронов балаҕаныгар "Төрүт дьиэбит- балаҕан" диэн көрсүһүүнү 4-с кылаас оҕолоругар ыыттылар.
Оҕолор алгыс тылын иҥэриннилэр, өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын-салларын көрдүлэр, остуоруйа иһиттилэр, хабылык- хаамыска оонньоотулар. Биһилэх кутан, таабырын таайан олус сэргэхсийдилэр.
Трофим Васильевичка элбэх ыйытыылары биэрдилэр, ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Алаадьы сиэн, махтанан, оҕолорбут астынан үөрэн-көтөн кэллилэр.
Сонуннарга анаан Нина Саввинова
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхтээһин
⭐️ Хоро уонна Кэнтик оскуолаларыгар полицейскай кылаастар баар буоллулар.
Бүгүн бу кылаастар арыллалларын туһунан үс өрүттээҥ сөбүлэҥи Хоро, Кэнтик орто оскуолалара, Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отдела баттастылар.
Бырайыак ааптарынан "Правоохранительная деятельность" диэн идэлээх үлэһиттэрин бэлэмниир Техникум дириэктэрэ Матрена Осипова буолар.