САККЫРЫЫРГА КЫАЙЫЫ БОЛУОССАТЫН 75 ТЫЫННААХ СИБЭККИЛЭР КИЭРКЭТТИЛЭР
Эбээн Бытантай улууһун киинигэр – Саккырыырга Улуу Кыайыы 75 сылын чэрчитинэн Кыайыы болуоссатыгар 75 сайыҥҥы тыыннаах сибэккилэри олортулар.
Сайыҥҥы саймаархай күҥҥэ Эбээн Бытантай улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ бары биир киһи курдук дьаһанан, кытаанах хомунаалынай бөҕү-сыыһы хомуйар эрэгийиэннээҕи эпэрээтэр тырахтарыыһа буор аҕалан кутан, субуотунньуктаан эгэлгэ араас тыыннаах сибэккилэр Кыайыы болуоссатын киэркэттилэр.
Бу үтүө санаа аахсыйатын “Сахамедстрах” боломуочуйалаах сотруднига Варвара Суханова, улуустааҕы федеральнай казначество салаатыттан Айсана Аммосова, улуус үлэлээх уонна дьарыктаах буолуу кииниттэн Елена Ефимова, Мария Стручкова тэрийэн, арассаада арааһын олордон кылааттарын киллэрдилэр, сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр сүгүрүйүү, махтал тылларын биллэрдилэр. Улуус дьаһалтата бу саҥа сүүрээни тута өйөөн, баһылык Гаврил Горохов салалта үлэһиттэрин субуотунньукка көхтөөх кыттыыны ыларга ыҥырда. Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта уонна бу толкуйу олоххо киллэриигэ төһүү күүс буолбут дьоҥҥо бэйэтин махталын биллэрдэ.
Биир дьиэҕэ олорон үлэлиир үс тэрилтэ Кыайыы 75 сылыгар туох тэрээһини кыттыһан ыытабытый, хайдах гынан аҕам саастаах дьоммутугар, бэтэрээннэрбитигэр болҕомто ууран, кинилэр Албан ааттарыгар сүгүрүйүүбүтүн, махталбытын биллэрэбитий диэн толкуйдаан-толкуйдаан, үбүлүөйдээх сылынан 75 араас сайыҥҥы сибэккилэри болуоссакка олордон үүннэриэххэ диэн санаммыппыт. Бу идеябытын олоххо киллэрэр сыалтан олунньу, кулун тутар ыйдарга номнуо арассаада бэлэмнээн, 90-ча сиэмэни ыспыппыт барыта тахсыбыта. Билигин кэрэкээн көстүүлээх бархатцы, петунья, флокс, сальвия, анютины глазки, веселая семейка уо.д.а. эгэлгэ сибэккилэр болуоссаты киэргэппиттэрин көрөргө астык буолла.
Бу биһиги саҕалааһыммытын өйөөн, улууспутугар үтүө үгэс быһыытынан хаалара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Атын тэрилтэлэри сайыҥҥы өттүгэр сибэкки арааһын олордуохха, үүнэриэххэ, нэһилиэкпитин тупсарыахха, киэргэтиэххэ диэн ыҥырабын», – диэн улуустааҕы үлэлээх уонна дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Елена Егоровна санаатын үллэһиннэ.
#новости #сахапечать #улусмедиа #эвенобытантайскийулус

ЭБЭЭН БЫТАНТАЙГА УРБААННЬЫТ АЛЕНА ГОРОХОВА БЭЛИМИЭН ОҤОРОН АТЫЫЛЫЫР
Тыа сиригэр үлэ миэстэтэ көстөрө уустуга кистэл буолбатах. Ол эрэн аныгы кэм ирдэбилинэн дьон-сэргэ сытыы-хотуу, булугас өйдөөхтөрө онтон иҥнэн-толлон туран хаалбаттар. Ким тугу сатыырынан, санаата сытарынан толкуйдаан-тобулан барыны барытын дэбигистик ылсан үлэлээн-хамнаан ииттинэн, бэркэ тиийинэн олороллоро киһини үөрдэр. Эбээн Бытантай улууһугар кэлиҥҥи кэмҥэ дьоҕус урбаан, бэйэ дьыалатын тэринии сайдар кэскиллээх. Олортон биирдэстэрэ – Алена Семеновна Горохова ааспыт кыһын устата бэлимиэн оҥорон атыылаан, биир дойдулаахтарын хайҕабылын ылар.
Эбээн Бытантай эр дьоно ордук тутууну баһылыыр, уһун суол суоппардарынан үлэлиир эбит буоллахтарына, кэрэ аҥардар сирдээҕи аналларынан ким ас астаан, ким иистэнэн, оҕуруот аһын үүннэрэн дьиэ кэргэттэрин бүддьүөтүн хаҥаталлар, оҕолоругар дьоһун холобур буолаллар.
Бүгүҥҥү кэпсэтэр далбар хотуммут Алена Семеновна Горохова чааһынай маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Ааспыт кыһын устата бэлимиэн оҥорон атыылаан, дьон-сэргэ хайҕабылын ылла. Кинини кылгастык бу дьарыгын туһунан сырдатарыгар көрдөстүбүт.
– Бэлимиэн оҥорор тэрили маҥнай интэриниэт ситимигэр көрөммүн бэркэ диэн сэргээбитим. Толкуйданан баран ааспыт сайын бу тэрили сакаастаабытым, күһүн кэлбитэ. Сыаната 120 тыһ. солк. курдук этэ, ыйааһына 50 киилэттэн тахса, онон тиэйтэриитэ ботуччу буолан тахсыбыта.
Салҕыы аах Улус Медиа сайтыгар 👉👉https://ulus.media/2020/06/30/ebeen-bytantajga-urbaannyt-alena-gorohova-belimien-o-oron-atyylyyr/.
#улусмедиа #сахапечать #эвенобытантайскийулус

Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Эбээн Бытантайга урбаанньыт Алена Горохова бэлимиэн оҥорон атыылыыр - Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Тыа сиригэр үлэ миэстэтэ көстөрө уустуга кистэл буолбатах. Ол эрэн аныгы кэм ирдэбилинэн дьон-сэргэ сытыы-хотуу, булугас өйдөөхтөрө онтон иҥнэн-толлон туран хаалбаттар. Ким тугу сатыырынан, санаата сытарынан толкуйдаан-тобулан барыны барытын дэбигистик ылсан…
Forwarded from Редакция "Бытантай уоттара" 🗞📰❤️