Улус.Медиа | Новости Якутии
11.5K subscribers
75.1K photos
13K videos
29 files
47.3K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

РКН: https://gosuslugi.ru/snet/67ab5ff62189cb207b3eb4fd

Улус.Медиа
@ulusmedia

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
НАМ СЭЛИЭННЬЭТИГЭР "ФРОНТАН ЭРГИЛЛИИ" ДИЭН ХААРТЫСКАНАН ДЬҮҺҮЙҮҮНҮ ТУРУОРДУЛАР

Нам сэлиэнньэтигэр Олоҥхо дьиэтин директора Вера Колпашникова уонна коллекционер, “Иэйии” ветераннар кулууптарын чилиэнэ Афанасий Васильев Улуу Кыайыы 75 сылынан, өрөгөйдөөх параады көрсө, “Фронтан эргиллии” диэн хаартысканан дьүһүйүүнү бэлэмнээтилэр.

Онуоха Нам коллекционердарын биир көхтөөх чилиэнэ  Олег Омин байыаннай таҥастаах хаартыска ыытан, дьүһүйүү сүрүн санаата саҕыллыбыт.

Кыттааччылар: Олег Омин, Афанасий Васильев, Вера Колпашникова, Николай Жирков, Сергей Софронов. Түмүгэр,  дьүһүйүү кыттааччылара Кыайыы скверигэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Хаартыскаҕа түһэрээччи — Роберт Охлопков.

#сахапечать #улусмедиа #намскийрайон #фронтанэргиллии #75летПобеды