Улус.Медиа | Новости Якутии
11K subscribers
61.8K photos
10.4K videos
27 files
41.5K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
СУНТААР УЛУУҺУН УОЛАТТАРА - КЫАЙЫЫ ПАРААДЫГАР

Бэс ыйын 24 күнүгэр Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүгэр Москваҕа буолбут параады үгүс киһи долгуйа көрдө.

Бу долгутуулаах, улахан суолталаах күн аармыйаҕа ытык иэстэрин толоро сылдьар уолаттарбыт сулууспалыыр куораттарын, сорохтор Москва Кыһыл болуоссатыгар параад кыттыылаахтара буолан биир дойдулаахтарын үөрүүлэрин үксэттилэр. Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйдээх параадыгар Москва, Хабаровскай, Ростов-на-Дону куораттарга Сунтаар улууһуттан Андрей Попов, Афанасий Федоров, Александр Федотов, Тимур Кириллин уонна Денис Кырелов кытыннылар.

Уолаттарбытыгар улахан эҕэрдэ! Биир дойдулаахтаргыт – сунтаардар киэн туттабыт!

#сахапечать #улусмедиа #сунтарскийулус #парадпобеды #75летПобеды
СУНТААР УЛУУҺУГАР КУОЛАСТААҺЫН ХААМЫЫТЫН 117 КИҺИ КЭТЭЭН КӨРӨР

РФ Төрүт Сокуонун уларыйыыларыгар буола турар куоластааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палаатата хас улуус аайы куоластааһын хаамыытыгар кэтээн көрөөччүлэри анаабыта. Сунтаар улууһугар өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ, улуус палаататын бэрэссэдээтэлэ Надежда Львова маннык кэпсиир:

– Биһиги Сунтаарбыт улууһугар 31 быыбардыыр учаастакка 117 кэтээн көрөөччү анаммыта. Ол иһигэр «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан 62, уопсастыбаннай тэрилтэлэртэн 55 кэтээн көрөөччү ананан үлэлии сылдьаллар. Хас биирдии учаастакка үллэстэн үлэлиибит. Сүрүн эбээһинэспитинэн хас биирдии учаастакка куоластааһын хайдах барарын кэтээн көрөөһүн, дьиэҕэ олорооччулары куоластатыыга арыаллаан сылдьыһыы, куоластааһын бүттэҕинэ түмүгү таһаарыыга кыттыы.

Биһиги улууспутугар куоластааһыҥҥа кыттар дьон испииһэгэр барыта 16794 быыбардааччы киирбититтэн, бэҕэһээҥҥи туругунан 6282 киһи куоластаата, ол иһигэр ыраах сытар учаастакка олорооччу 26 киһи. Ол аата уопсай куоластааччы ахсааныттан 37,4 бырыһыана куоластаата. Билигин да икки эппиэттээх күн баар. Дойдубут инники олоҕор сүрүн суолталаах тэрээһиҥҥэ Сунтаар дьоно көхтөөхтүк кытталларыгар эрэл улахан.

#улусмедиа #сахапечать #общероссийскоеголосование #сунтарскийулус
СИЭЙЭҔЭ ЫТЫК КЫРДЬАҔАС ПРОКОПИЙ АФАНАСЬЕВИЧ СТЕПАНОВЫ ЧИЭСТЭЭТИЛЭР

Аҕа Дойдуну көмүскээбит уоттаах сэрии бэтэрээнин, Сиэйэ нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһын Прокопий Афанасьевич Степановы 98 сааһынан эҕэрдэлээтилэр.

Прокопий Афанасьевич хорсун быһыытынан биһиги бүгүҥҥү былыта суох ыраас халлааммытын, нус-хас эйэлээх олохпутун түстээн Дойдубут көҥүл уонна тутулуга суох буолуутун туруулаһан көмүскээбитин «За взятие Берлина», «За победу над Германией», «За отвагу», «За освобождение Праги» мэтээллэр туоһулууллар.

Киэн туттар, сүгүрүйэр, ытык-мааны кырдьаҕаспытыгар Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, Сиэйэ нэһилиэгин баһылыга Алексей Обоюков уонна эдэр ыччат «Катюша» ырыаны толорон эҕэрдэлээтилэр.

Кэлбит ыалдьыттар 98 саастаах кырдьаҕас тэлгэһэтин отун бэйэтэ охсубутун сөҕө-махтайа бэлиэтээтилэр.

#улусмедиа #сунтарскийулус #ветераныВОВ #чествованиеветеранов
АЛЛЫҤА «ЧОРГУЙ» ФОЛЬКЛОРНАЙ БӨЛӨҔҮН ИИТИЛЛЭЭЧЧИТЭ АЙЫЛААН ЯКОВЛЕВ ДЬОҺУН СИТИҺИИЛЭННЭ

Сунтаар улууһун Аллыҥа нэһилиэгин кылаабынай библиотекара, эбии үөрэхтээһин учуутала Нюргуяна Семеновна Саввинова 2013 сылтан «Чоргуй» фольклорнай бөлөҕү тэрийэн, күн-бүгүн оҕолор ситиһиилэрэ үгүс.

“Чоргуй”-дар Сунтаар улууһугар, Бүлүү бөлөххө, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күөн-күрэстэр хас да төгүллээх лауреаттара, кылаан кыайыылаахтара. Холобур, бөлөх улахан кыттааччылара 2016 с. Южнай Кореяҕа «Фестиваль холода» кыттан, лауреат, оттон бу аҕыйах хонуктааҕыта Айылаан Яковлев, Аллыҥа 4 кылааһын үөрэнээччитэ Аан дойдутааҕы Босфорскай муусука, үҥкүү, искусство онлайн бэстибээлигэр I истиэпэннээх лауреат буолла.

«Айылаан оҕо саадыгар бэлэмнэнии бөлөҕөр сылдьыаҕыттан бэйэтин улахан баҕатынан, биһиги бөлөхпүтүгэр киирбитэ.Чабырҕахтыыра олус табыллар, олус кыһаллар, сылтан сыл тупсар. Икки сыллааҕыта Турцияҕа баран бөлөҕүнэн лауреаттаан турар. Бу бэстибээлгэ ситиһиилэнэн, SAYAR кэмитиэт тэрийэр бэстибээлигэр 2020-2021 сылга ыҥырыы тутта», – диир салайааччыта.

Бөлөххө Аллыҥаттан 20-тэн тахса, ону тэҥэ Маар Күөл нэһилиэгиттэн 5 оҕо дьарыктаналлар.

Эдэр талааннаах уһуйааччы, педагог Нюргуяна Семеновна бу курдук оҕолору төрүт дорҕоон абылаҥнаах эйгэтигэр уһуйан, оҕолор талааннара арыллан, ситиһиилэрэ сиэттиһэн кэлэ турдун!

#творчество #чоргуй #Сунтарскийулус #новости #победители #Якутия
В СУНТАРСКОМ РАЙОНЕ ВОССТАНОВИЛИ ЭЛЕКТРОСНАБЖЕНИЕ

Энергетики восстановили электроснабжение Сунтарского улуса, прерванное 11 июля 2020 года под воздействием грозы, сообщает пресс-служба Западных электрических сетей ПАО «Якутскэнерго».

Устранено повреждение на ВЛ 35 кВ Л-313 «Сунтар – Кемпендяй», от которых запитаны сёла Устье и Кемпендяй. 12 июля в 22.07 линия введена в работу.

Электроснабжение села Сунтар по ВЛ 0,4 кВ также восстановлено.

Все потребители Сунтарского района, электроснабжение которых пострадало из-за грозы, запитаны. Ограничений нет.

В восстановительных работах было задействовано 16 человек и 2 единицы спецтехники.

Западные электрические сети – предприятие, занимающееся транспортировкой электрической энергии по населенным пунктам Западной Якутии. Общая площадь обслуживаемой территории – свыше 611 тыс. кв. км. Протяженность магистральных линий электропередачи 220/110/35 кВ – 4054,7 км, распределительных сетей – 5816 км.

#Сунтарскийулус #электроснабжение #энергетики #улусмедиа #новости
СУНТААР МЕДИКТЭРЭ СУДААРЫСТЫБАТТАН ТӨЛӨБҮРҮ КЭМИГЭР ЫЛАЛЛАР

Сунтаар улууһугар COVID-19 дьаҥыттан харыстанар миэрэлэр тута ылыллан, ирдэбил күн бүгүн тутуһуллар. Билигин улууска 3 ИВЛ аппараата баар эбит буоллаҕына, 1 аппарааты Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин нөҥүө уонна улуус бүддьүөтүн суотугар 2 аппарааты эбии атыылаһан эрэллэр.

Оттон бу дьаҥы утары үлэҕэ, билигин ордук сайыҥҥы итии күннэргэ тустаах харыстанар көстүүмнээх, буһа-хата сылдьар Сунтаар улууһун медиктэрэ судаарыстыбаттан анаммыт төлөбүрдэрин ылаллар дуу, суох дуу диэн ыйытыыга маннык эппиэттииллэр:

Ю Светлана Викторовна:

– Мин инфекционнай отделениеҕа медсиэстэрэнэн үлэлиибин. Бэрэсидьиэммит Владимир Путин уонна Ил Дархаммыт Айсен Николаев бу инфекцияны кытта үлэлэһэр медиктэргэ көрбүт төлөбүрдэрэ ыйдааҕы хамнаспытын кытта кэмигэр төлөнөр. Онон бу ураты балаһыанньаҕа үлэлии-хамсыы сылдьар медиктэргэ туһааннаах көмө дии саныыбын.

Иванова Ольга Александровна:

– Мин эмиэ инфекционнай отделениеҕа үлэлиибин, младшай медсиэстэрэнэн. Билигин бу ураты эрэсиимҥэ үлэлиир үлэһиттэр харысхаллаах буолалларыгар туһааннаах харыстанар көстүүмүнэн, мааскаларынан хааччыллыылаахтар. Олохтоохтор даҕаны уопсастыбаннай миэстэлэргэ ыарыыттан харыстанар миэрэлэри төһө кыалларынан тутуһуллалларын киһи бэлиэтии көрөр. Судаарыстыба анаабыт төлөбүрэ кэмигэр кэлэн иһэр. Онон уһаабакка, тардыллыбакка сөптөөх төлөбүр оҥоһулларыгар биһиги махтанабыт.

#медики #коронавирус #пандемия #борьбаспандемией #сунтарскийулус #улусмедиа
Сунтаар улууһугар өрүһү туораары ууга-мууска былдьана сыспыт туртаһы паромщик уолаттар этэҥҥэ быыһаабыттар 👍🏻😍

Кыыл сылаас гаражка киирэн бэттэх кэлбит, улаханнык эмсэҕэлээбэтэх, эчэйбэтэх🦌👍🏻

#улусмедиа #сунтарскийулус #ulusmedia