ДЬОКУУСКАЙГА БААҺЫНАЙ ЫРЫЫНАГАР ОҔУРУОТ АҺЫН СЫАНАТА ЧЭПЧИИР
Баччаларга Дьокуускайга бааһынай ырыынагар оҕуруот аһын атыылыыр эрээттэргэ кэлии-барыы үксүүр. Тоҕо диэтэр, сибиэһэй оҕуруот аһа дэлэйэр итиэннэ сыаната да арыый удамыр буолар. Манна билигин Дьокуускай эргин баар Тулагы, Жатай, Маҕан хаһаайыстыбаларын өлгөм үүнүүлэрэ тардыллар.
Сыана билигин оҕурсуга чэпчээн турар. Тэпилииссэттэн бэҕэһээ быһан киллэрбиттэрин киилэтин 30 солкуобайга атыылыыллар. Сорохтор 40 солк. диэн этэллэр. Ол быыһыгар 25 солк. кытары мэнэйдииллэр, ол оҕурсулар харыс саҕа да буолбатахтар, кыралар уонна сүмэһинэ арыый сүүрэн эрэр буолан, сымнаабыттар. Помидор эмиэ араас сыаналаах. Биир киилэ биир мөһөөххө баар, эмиэ эрдэ хомуллубут, 200-220 солкуобайга быһыллыбыттар сибиэһэйдэр. Хаппыыстаны ортотунан 65-70 солк. булаҕын. Ону тэҥэ укроп, салаат, редискэ уо.д.а. Дьиҥэ билигин үгүс киһи оҕуруотугар бэйэтэ үүннэрэр, даачатыгар олордор. Ол да үрдүнэн атыы син-биир барар.
Киин улуустан оҕолоругар наадаҕа кэлбит Мария Заровняева кабачоктан алаадьы буһаран сиэннэрин үөрдээри ырыынакка сылдьар. “Бэйэм оҕуруотум үүнүүтэ куһаҕана суох. Уу ситимэ баар буолан, сайын ахсын абыранабыт. Тэлгэһэбиттэн 25 куул хортуоппуйу хостооччубут, быстах сииргэ оҕурсуларбытын тууһаан эрэбин. Өссө малина олордон амсайан үөрүүбүт үксээтэ. Бүгүн бу ырыынакка таарыйан сыаналарын көрдүм, син ама диэххэ сөп. Кабачок кыбынан баран эрэбин, өссө сибиэһэй чөчөгөйдөөхпүн, ытыйаммын сиэннэрбин күндүлүөм”, – диэн эттэ.
Ити курдук бааһынай ырыынагар атыы-тутуу эргийэр, арай сир аһа тахса илик. Сотору Алдан сугуна кэлиэн сөп диэн атыыһыттар этэллэр.
#улусмедиа #новости #рынок #обзор #овощи #фрукты