Улус.Медиа | Новости Якутии
11.5K subscribers
74.6K photos
12.9K videos
29 files
47.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

РКН: https://gosuslugi.ru/snet/67ab5ff62189cb207b3eb4fd

Улус.Медиа
@ulusmedia

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
ОЙУҺАРДААХ ЫҺЫАҔЫН «ЭР ХОҺУУНА» - 6 ОҔОЛООХ ЫАЛ АҔАТА

Быйылгы ыһыахтар үгүс сэлиэнньэҕэ онлайн көрүҥүнэн ыытыллаллар, оттон ыраах нэһилиэктэргэ өбүгэ ситимин быспакка Үрүҥ Тунах ыһыахтар номнуо саҕаланнылар. Биир бастакынан Орто Халыма улууһун ыраах сытар, аҕыйах нэһилиэнньэлээх Ойуһардаах олохтоохторо ыһыах ыстылар.

Быйылгы ыһыах Улуу Кыайыы — 75, Сиэн Күөлүн нэһилиэгэ төрүттэммитэ 90 сылларыгар уонна улуус киэн туттар киһитэ Егор Семенович Лаптев төрөөбүтэ 90 сылыгар ананна. Хааччахтыыр миэрэлэри тутуһан, 50-тан элбэҕэ суох киһилээх ыһыаҕы тэрийдилэр.

Икки күннээх уруккуга тирэнэр, өбүгэ күүһүгэр өйөнөр сиэдэрэйкээн ыһыахха тыыл бэтэрээннэрин, сэрии кэмин оҕолорун чиэстээтилэр, «Эр хоһуун», «Өбүгэ оонньуулара», «Тыы сырсыыта», «Үс төгүл үс» уонна «Сайылыкка» диэн бэрт тыҥааһыннаах күрэхтэр буоллулар.

«Эр хоһуун» күрэххэ 11 эр бэрдэ кытынна. Кыайыылааҕынан 6 оҕолоох ыал аҕата Николай Оконешников таҕыста уонна буран мотуорун бэлэх тутта.
Өбүгэ оонньууларыгар Патрис Шкулев тэҥнээҕин булбата уонна «Штиль» эрбиинэн наҕараадаланна.

Сыл аайы ыытыллар тыы сырсыыта эр дьон уонна кэрэ аҥардар ортолоругар ыытылынна. Манна Ким Бандеров уонна Замира Оконешникова кыайыылааҕынан таҕыстылар.

«Үс төгүл үс» күрэс кэрэ аҥардар ортолоругар ыытылынна. Манна быйыл орто оскуоланы бүтэрэр Таисия Винокурова кыайан, электромясорубка ылла.

Көлүөнэлэр ортолоругар «Сайылыкка» диэн күрэх буолла. Манна кэрэ аҥардар күөрчэх ытыйыытыгар, норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна ынах ыаһыныгар күрэхтэстилэр, ол түмүгэр орто саастаахтар бастыҥ көлүөнэ аатын ыллылар.

#сахапечать #улусмедиа #новости #ортохалыма #среднеколымск