Forwarded from УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ
✊Бэйдиҥэ бөһүөлэгин олохтоохторо анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан харыстанар, хаххаланар сиэккэни өрө сылдьаллар.
Нэһилиэк олохтооҕо Гаврил Пантилов 12 миэтэрэ усталаах, үс миэтэрэ туоралаах илими биэрэн, ким иллэҥнээҕинэн 10:00-22:00 чааска диэри аһаҕас турар норуот айымньытын киинигэр кэлэн өрөллөр👍👏
Бу үлэни норуот маастара Ольга Колодезникова иилээн-саҕалаан ыытар.
@uamurusahargata @ulusmedia

Forwarded from Новости газеты «Хангалас»
#БарыБииргэ
Анастасия Гуляева: «Түмсүүлээх буоллахпытына — нэһилиэкпит күүстээх туруктаах буолар»
Нөмүгү нэһилиэгин «Кэрэл» дьахталлар сэбиэттэрэ 2018 сылтан Анастасия Гуляева салалтатынан үлэлиир. Анастасия Николаевна ахтан аһарбытынан, кини сынньалаҥҥа олордоҕуна, олохтоох дьаһалта дьахталлары кытта үлэлэһэргэ көрдөспүтүгэр, быһа гыммакка, сөбүлэспит. Бэйэтэ да сынньалаҥҥа тахсыан иннинэ улахан кэлэктиипкэ салайар үлэҕэ сылдьыбыт киһи уопсастыбаҕа наадыйар курдук эбит. Онон, бэйэтин тула биир санаалаахтарын түргэнник түмэ тарпыт.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/anastasiya-gulyaeva-tymsyyleeh-buollahpytyna-nehiliekpit-kyysteeh-turuktaah-buolar/
Ольга ГЕРМОГЕНОВА, "Хаҥалас" хаһыат.
@gazetahangalas

Харыстанар сетка, блиндажнай чүмэчи оҥордубут
Байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммутун өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа ыҥырыыларын ылынан Төхтүр нэһилиэгин «Саһарҕа» пенсионердар түмсүүлэрин көҕүлээһининэн уонна тэрийиитинэн «Илиибит сылааһын аныыбыт» диэн харыстыыр сеткалары баайыы түмүктэннэ.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/harystanar-setka-blindazhnaj-chymechi-onordubut/
Дария Петрова, Төхтүр с.
@gazetahangalas
☑️Присоединяйтесь в наш ВКонтакте Новости газеты «Хангалас» по ссылке: https://vk.com/gazetahangalas

Сиинэҕэ байыастары кытта көрүстүлэр
Бу күннэргэ Сиинэҕэ анал байыаннай дьайыыттан үс байыас уоппускаларыгар кэллилэр. Хомуурга ыҥырыллан барбыт хорсун-хоодуот уолаттар сылтан ордук инники кирбиигэ сырыттылар. Дьоннорун-сэргэлэрин ахтан, дойдуларын суохтаан кэлбит ыччаттары биир дойдулаахтара истиҥник көрүстүлэр. Култуура киинигэр нэһилиэк дьаһалтата көрсүһүү тэрийдэ, онно Сиинэ олохтоохторо, байыастар аймахтара, табаарыстара, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ кэлэн аһаҕас кэпсэтиигэ кыттыстылар.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/siine5e-bajyastary-kytta-kerystyler/
Ольга Гермогенова, "Хаҥалас" хаһыат.

Ийэлэр илиилэрин сылааһын иҥэрэн иистэннилэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Илии сылааһа» байыаннай таҥас тигиитин кэтэхтэн күрэх муниципальнай түһүмэҕэ түмүктэннэ. Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, биһиги улууспутуттан Покровскай куорат, Хачыкаат уонна Нөмүгү нэһилиэгин волонтер дьахталлара бу түөрт күн устата сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тигинэччи үлэлээтилэр.
Куонкурус балаһыанньатынан 10 араас көрүҥ таҥас киирэр «Эр хоһуун» диэн аатынан биллэр, байыастар сөбүлээн кэтэр кэмпилиэктэрин бэлэмнээтилэр. Ол курдук, биир кэмпилиэккэ х/б көстүүм, чараас көстүүм, флис толстовка, футболка, тактическай ырбаахы, флис бэргэһэ, снуд, куллуку, стеганай куртка уонна сахалыы харысхаллаах рюкзак киирсэр.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/49088-2/

Forwarded from «Томпонский вестник»
#БарыБииргэ
Мэҥэ Алданнар акцияҕа кыттыһаллар
"Сиэл сипсиэрэ" бөлөх акцияҕа актыыбынай кыттыыны ылла.
25 устуука блиндажнай чүмэчини уонна 15 пара кылтан угунньа (стелька) оҥорон туттардылар.🙌🏼✊🏼
@tompovestnik
Мэҥэ Алданнар акцияҕа кыттыһаллар
"Сиэл сипсиэрэ" бөлөх акцияҕа актыыбынай кыттыыны ылла.
25 устуука блиндажнай чүмэчини уонна 15 пара кылтан угунньа (стелька) оҥорон туттардылар.🙌🏼✊🏼
@tompovestnik
Forwarded from Новости газеты «Хангалас»
#БарыБииргэ
«Эркээни иис» өрөспүүбүлүкэҕэ бастаата
Бэҕэһээ «Илии сылааһа-2024» байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар таҥас тигиигэ III-с өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүктэннэ. Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, муниципальнай түһүмэххэ «Нөмүгү далбардара» кыайыылаах ааттаммыттара. Ол эрээри иистэнньэҥнэр салгыы кыттартан аккаастананнар, Покровскай куораттан «Эркээни иис» (салайааччы Альбина Лукина) хамаанда улуус чиэһин көмүскүүргэ соруммута уонна, талба талааннаах далбардар бу улахан күрэххэ кыайыыны ситистилэр.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/erkeeni-iis-erespyybylyke5e-bastaata/

Альбина Лукина: «Госпитальга сырыттыбыт, уолаттарбытын көрүстүбүт…»
Атырдьах ыйыгар Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар буойуттарга көмөҕө тэриллибит иистэнньэҥнэр амарах санаа сыахтарын бөлөҕө Владивостокка, Хабаровскайга сылдьан кэллэ. Иистэнньэҥнэр госпитальга сытар биир дойдулаахтарбытын кытары көрсүһэн, хайдах эмтииллэрин, туох санаалаахтарын билсэн, байыаннай таҥаһы тигэн таҥыннаран кэллилэр. Покровскайтан онно сылдьыбыт Альбина Лукинаны кытары көрүстүм, бу сырыытын туһунан кэпсии түһэригэр көрдөстүм
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/albina-lukina-gospitalga-syryttybyt-uolattarbytyn-kerystybyt/
Людмила Аммосова, "Хаҥалас" хаһыат.

Булгунньахтаахтар буойун уолаттарын өйүүллэр
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр нэһилиэк олохтоохторо туох кыалларынан көмөлөһөллөр. Ол курдук, харыстанар сиэккэлэри баайаллар, гуманитарнай көмөнү оҥороллор, дойдуларыгар хаалбыт дьонноругар дьиэ-уот, хаһаайыстыба үлэлэригэр күүс-көмө буолаллар.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/55382-2/

#Барыбииргэ
«Эркээни иис» үлэтин салҕыыр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Илии сылааһа» добровольческай иис сыаҕа Ирина Саввина көҕүлээһининэн 2022 сыл күһүнүттэн тэриллэн үлэлиир. Билигин бу хамсааһын үгүс улуустарга филиаллардаах. Покровскайга «Эркээни иис»филиалы Альбина Лукина салайар.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/erkeeni-iis-yletin-sal5yyr/
Ольга Гермогенова, «Хаҥалас» хаһыат.

Хаҥаласка буойун дьонун дьиэтигэр киинтэн сылаас киириэҕэ
Кытыл Дьураҕа Анал байыаннай дьайыыга сылдьан быйыл саас сырдык тыына быстыбыт буойун Иван Сорокин дьиэтигэр олохтоох дьаһалта уонна олорор дьиэ хомунаалынай хаһаайыстыбатын кэлэктиибэ бииргэ үлэлэһэннэр саҥа тутуллар киин хочуолунайтан сылааһы киллэриигэ үлэлэһэ сылдьаллар. Ол курдук, дьаһалта дьиэ иһинээҕи ититэр тиһиги, турбалары уйунан, хомунаалынай хаһаайыстыба дьоно тас тыраассаны тардан дойдубут туһугар олоҕун толук уурбут саллаат дьиэ кэргэнин өйөөн үлэни тэрийдилэр. Бу туһунан биһиэхэ нэһилиэк баһылыга Николай Осипов иһитиннэрдэ уонна хаартыскалары ыытта.
Людмила Мордовская, "Хаҥалас" хаһыат.

Кыайыы туһугар сэмэй кылааппытын киллэрэбит
Төхтүр нэһилиэгин пенсионердарын көҕүлээһининэн байыаннай дьайыыга сылдьар ыччаттарбытыгар көмөлөһөр соруктаах сүүйүүлээх лотерея-аахсыйа тэрилиннэ.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/56362-2/
Мотрена Ефремова,
Төхтүр нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ.
@gazetahangalas
@ulusmedia
Кыайыы туһугар сэмэй кылааппытын киллэрэбит
Төхтүр нэһилиэгин пенсионердарын көҕүлээһининэн байыаннай дьайыыга сылдьар ыччаттарбытыгар көмөлөһөр соруктаах сүүйүүлээх лотерея-аахсыйа тэрилиннэ.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/56362-2/
Мотрена Ефремова,
Төхтүр нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ.
@gazetahangalas
@ulusmedia
Forwarded from Новости газеты «Хангалас»
#БарыБииргэ
Үөдэйдэр эрэллээх тыыл буолаллар
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн үгүс киһи дойдубутун көмүскүү барбыта.
Улууспут биир уһук сытар, 400-чэкэ эрэ киһи нэһилиэнньэлээх дьоҕус 4-с Малдьаҕар нэһилиэгэ да ойдон хаалбатаҕа – 2022 сыл күһүнүгэр биир олохтоох уонна Үөдэйтэн төрдүлээх-уустаах сэттэ уол быстах хомуурга ыҥырыллыбыттара.
Онтон саҕаламмыта амарах санаалаах дьон дойду көмүскэлигэр барбыт уолаттарга ситимнээх көмөлөрө. Бу туһунан «Кулуһун» дьахталлар Сэбиэттэрин салайар Галина Скрябина кылгастык кэпсииригэр көрдөстүм.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/yedejder-erelleeh-tyyl-buolallar/

#барыбииргэ
Валентина Степанова: «Биһиги өрбүт сиэккэбит оҕолорбутун харыстыа, хаххалыа диэн санаа кынаттыыр»
2-с Малдьаҕар нэһилиэгэр «Боевые шелкопряды Якутии» хамсааһыҥҥа олохтоох волонтердар түмсэн кыттыспыттара бу ыйга биир сылын туолла. Нэһилиэккэ сиэккэни өрүүгэ хайдах, туохтан үтүө санаалаахтар түмсүбүттэрин сүрүн көҕүлээччи, Улахан Аан олохтооҕо, өр сыл «Кыымчаан» уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлээбит амарах сүрэхтээх Валентина Степанова кэпсээтэ.
Cиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/valentina-stepanova-bihigi-erbyt-siekkebit-o5olorbutun-harystya-hahhalya-dien-sanaa-kynattyyr/
Ольга Гермогенова.

Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат
Тиит Арыыга дьахталлар Сэбиэттэрин үлэтэ сөргүтүллэн, алтынньы ыйга саҥа бэрэссэдээтэл, актыып талыллыбытын, «Иитиллибит ытык иэстээх» диэн дьахталлар кэмпириэнсийэлэрэ тэриллэн араас хайысхалаах үлэ былаанын ылыммыттарын туһунан олохтоох общественнай кэрэспэдьиэн Маргарита Кузьмина сырдатан турар.
Соторутааҕыта Тиит Арыыга бара сылдьан анаан-минээн бу актыыбы кытта көрүстүм.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/ojuurdaah-kuobah-ohtubat-donnooh-kihi-tutajbat/
Ольга Гермогенова.
Ааптар уонна Тиит Арыы нэһилиэгин пресс-киинин хаартыскалара.

✊ Уус Алдан улууһун олохтоохторун гуманитарнай көмөлөрүн тиэрдэр делегация бэҕэһээ, ахсынньы 6 күнүгэр, ДНР Бабах Тарама, Восточнай полигон хайысхаларынан сылдьан, 6 биир дойдулаахпытын көрсүбүттэрин "Эрэл" фонда учредителэ Иван Захаров иһитиннэрдэ.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
✊ Уус Алдан улууһун олохтоохторун гуманитарнай көмөлөрүн тиэрдэр делегация бэҕэһээ, ахсынньы 6 күнүгэр, ДНР Бабах Тарама, Восточнай полигон хайысхаларынан сылдьан, 6 биир дойдулаахпытын көрсүбүттэрин "Эрэл" фонда учредителэ Иван Захаров иһитиннэрдэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from ГАЗЕТА "ЭРКЭЭЙИ" Мегино-Кангаласского улуса
Чүүйэ оскуолатыгар үтүө санаалаахтар буойуннарга анаан көмө хомуйдулар
🪖 🇷🇺 В.В.Скрябин аатынан Чүүйэ орто оскуолатын “Хатан” оҕо түмсүүтэ “Үтүө санаа долбуура” аахсыйа биллэрбитэ.
🤩 🧦 Аахсыйаҕа оскуола кэлэктиибэ уонна үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кыттан, хомуйбут гуманитарнай көмөлөрүн туттардылар. Манна сылаас таҥас-сап, наадалаах тэрил уонна бородуукта баар.
🙌🏼🙏 Бу көмө анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар барыаҕа.
Аахсыйа тэрийээччилэрэ уонна салайааччылара педагог-тэрийээччи Алена Васильева «Бары үтүө санаалаах дьоммутугар уонна оҕолорго буойун уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьалларын туһугар хомуйбут көмөҕүт иһин махталбытын тиэрдэбит!», — диэн истиҥ тылларын тиэрдэллэр.
#барыбииргэ
@gazetaerkeii
@ulusmedia
🙌🏼🙏 Бу көмө анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар барыаҕа.
Аахсыйа тэрийээччилэрэ уонна салайааччылара педагог-тэрийээччи Алена Васильева «Бары үтүө санаалаах дьоммутугар уонна оҕолорго буойун уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьалларын туһугар хомуйбут көмөҕүт иһин махталбытын тиэрдэбит!», — диэн истиҥ тылларын тиэрдэллэр.
#барыбииргэ
@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from ГАЗЕТА "ЭРКЭЭЙИ" Мегино-Кангаласского улуса
«Кыталыктар» Кыайыыга кылааттарын киллэрэллэр

💠 “Кыталык” үҥкүү норуодунай ансаамбыла үбүлүөйдээх 45 сылыгар анаммыт үгүс тэрээһиннэр түмүктэнэн эрэллэр.
💠 Ансаамбыл өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэри, үгүс маастар-кылаастары ыытан, Илин эҥэр улуустарынан гастроллары тэрийэн, Дьокуускай куоракка, Майа сэлиэнньэтигэр, Аллараа Бэстээххэ улахан кэнсиэрдэри көрдөрөн, дьону түмтэ.
💠 Аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кыталык Куо” талааннаах кыргыттар икки ардыларыгар күрэх ыыттыбыт. Сөбүлэҥ ылынан, көрөөччүлэртэн киирбит үп-харчы анал байыанннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмө быһыытынан ананыа диэн мэктиэ тылбытын биэрбиппит. Кэрэ куолар үрдүк таһымнаах күрэхтэрин үгүс көрөөччү кэлэн сэргээбитэ бэлиэтэнэр.
💠 Ол түмүгэр, дойдубут туһугар, эйэлээх олох иһин туруулаһа сылдьар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар “Кыталык” ансаамбыл 140 000 солкуобай суумалаах көмөбүтүн, уолаттарбыт этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн кэлиэхтэрэ диэн эрэнэн туран, ыыттыбыт.
#барыбииргэ
@gazetaerkeii
@ulusmedia

#барыбииргэ
@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM