НЬУРБА ОҺУОХАЙДЬЫТТАРА, ИИСТЭННЬЭҤНЭРЭ КУЙААР СИТИМИГЭР СИТИҺИИЛЭННИЛЭР
Быйылгы үбүлүөйдээх 1941-1945 сс. Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананар «Туймаада ыһыаҕа-2020» дьаҥынан сибээстээн куйаар ситимин нөҥүө аҕыс хайысханан ыытыллан барда. Киэҥ Ньурба киэлититтэн уус тыллаах оһуохайдьыттар, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр ситиһии эҥэрдэстилэр.
Фольклор, айар талаан, этническэй, араас хайысхалаах лиэксийэлэр, эстраднай кэнсиэртэр, үҥкүү, виртуальнай быыстапкалар, маастар-кылаастар ыытылыннылар. Маны таһынан, Дьокуускай куорат култууратын уонна духуобунай сайдыытын управлениета тэрийиитинэн Сахабыт сирин араас улуустарыттан кыттыылаах дэгэрэҥ ырыаҕа «Дьиэрэһитэр дэгэрэҥ», кылтан оҥоһуктарга «Кыл киэргэлэ, сиэл симэҕэ», СӨ «Сахалыы таҥас» региональнай уопсастыбаннай тэрилтэ тэрийиитинэн «Сылааһынан угуттуур олбох» уран тарбахтаахтарга, «Олоҥхо алыптаах дойдута» норуот эпоһын олоҥхону толорууга, «Ыһыаҕым талба таҥаһа-2020» саха национальнай таҥаска, «Ытык ыһыах үҥкүүлэрэ» үҥкүүгэ, «Туос иһит мин төрүт иһитим», «Кыл киэргэлэ сир симэҕэ» куонкурустар буоллулар.
Бэйиэт-фронтовик, оһуохайдьыт Саха сирин Аар Дархан этээччитэ А.Т.Титаров аатыгар анаммыт Улуу Туймаада Ыһыаҕын оһуохайын күрэҕэ бэс ыйын 9-21 күннэригэр онлайн, ол эбэтэр Инстаграм ситимэн куоластааһын нөҥүө барда.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Ньурбаттан СӨ Аар Дархан этээччитэ Розалия Михайловна Тихонова кыттыыны ылан, сыанабыл биэрэн, бэйэтин санаатын бар дьонугар үллэһиннэ:
“Сахабыт сирин үрдүнэн куйаар ситим нөҥүө ыытыллыбыт күрэххэ 44 тохтор тойуктаахтар, уран тыллаах оһуохайдьыттар кыттыыны ылбыттарыттан, киэҥ Ньурба киэлититтэн 4 оһуохайдьыт Омоҕойун оонньуутун оонньоппутуттан, өрөспүүбүлүкэ Дархан оһуохайдьыта Т.Г.Дмитриева тэгил тэҥнээхтэрин иһигэр киирсэн, үһүс үрдэл үтүө аатын куму тардан, көхтөөх көрүн көрүлэттэ. Тылбын тыалга ыспат туһуттан, салгын нөҥүө тобулу көрүү кэнниттэн, Т.А.Кучурова күҥҥэ тиийэ күөрэйэн, куйаар ситим нөҥүө балтараа тыһыынчаттан тахса дьон биһирэбилин ылан, бу сырыыга тэҥнээҕин булбата.
Салҕыытын Улус Медиа сайтыгар аах https://ulus.media/2020/06/25/nurba-o-uohajdyttara-iistenne-nere-kujaar-sitimiger-siti-iilenniler/.
#сахапечать #улусмедиа #новости #нюрбинскийулус #ОҺУОХАЙДЬЫТТАР

Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Ньурба оһуохайдьыттара, иистэнньэҥнэрэ куйаар ситимигэр ситиһиилэннилэр - Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Быйылгы үбүлүөйдээх 1941-1945 сс. Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананар «Туймаада ыһыаҕа-2020» дьаҥынан сибээстээн куйаар ситимин нөҥүө аҕыс хайысханан ыытыллан барда. Киэҥ Ньурба киэлититтэн уус тыллаах оһуохайдьыттар, уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр ситиһии эҥэрдэстилэр.…