Улус.Медиа | Новости Якутии
11K subscribers
61.9K photos
10.4K videos
27 files
41.5K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
МУОМАҔА ЫРААХ УЧААСТАКТАРГА БОЛДЬОҔУН ИННИНЭ КУОЛАСТААҺЫН САЛҔАНАР

От ыйын 1 күнүгэр дойду үрдүнэн ыытыллар РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ ыраах учаастактарынан болдьоҕун иннинэ куоластааһын салҕанар. Бэс ыйын 19 күнүгэр Муоматааҕы быыбардыыр хамыыһыйа Индигирдээҕи учаастага бөртөлүөтүнэн ыраах ыстаадаларынан бара сырытта.

Муоматааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Хадаров Андрей Михайлович:

‒ Эрдэттэн болдьоммут күҥҥэ ыраах сытар ыстаадаларга баран куоластааһыны тэрийдибит. Быыбар бары ирдэниллэр усулуобуйаҕа олоҕуран тэрээһиннээхтик ыытылынна. Табаһыттар аналлаах балааккаҕа киирэн куоластаатылар. Биһигини кытта кэтээн көрөөччү, олохтоох участковай, хаһыат үлэһитэ барса сырыттылар.

Табаһыттар бэйэлэрин куоластыыр бырааптарын толору туһаннылар. «Бэркичэх» ыстаадатыгар сэттэ киһи, «Чыбааҕылаах» ыстаадатыгар биэс киһи куоластарын биэрдилэр. Үс киһи докумуоннара суох буолан кыайан куоластаабатылар».

Муома оройуонун дьаһалтатын баһылыга И.П.Павлов миэстэтигэр баран табаһыттары кытта үлэни-хамнаһы билсэн кэллэ. «Победа» МУП үлэһитэ Е.Е.Атласов үлэһиттэргэ анал таҥаһы, балаакканы, эми-тому, таба аһылыгын ‒ тууһу илдьэн туттарда. Хайа да өттүнэн туһалаах сырыы буолла.

Куоластааһын атын ыраах өссө уонча ыстаадаларынан салгыы барар.

#улусмедиа #сахапечать #новости #момскийрайон #общероссийскоеголосование
МУОМАҔА ЫСТААДА - ИННИКИЛЭЭХ

Бу күннэргэ Муомаҕа куоластааһын кэмигэр бөртөлүөтүнэн ыраах ыстаадаларга болдьоҕун иннинэ куоластааһын ыытылынна. Учаастактааҕы хамыыһыйаны кытары “Индигир уоттара” хаһыат кэрэспэдьиэнэ сылдьыста.

Ыстаада диэни хаһан да харахтаабатах киһиэхэ миэхэ барыта сонун. Айылҕата кэрэтэ, салгына ырааһа! Адаархай таас хайалар хапчаҕайдарын быыстарынан сүүрүгүрэр үрэхтэр дьэҥкир уулара бу тыытыллыбатах айылҕа буоларын кэрэһэлиир. Дьоно-сэргэтэ эмиэ бу киэҥ, көҥүл сиргэ олорор дьон быһыытынан киэҥ-холку майгылаахтар. Настырыанньалара сэргэх. Кэлбит ыалдьыттары үөрэ-көтө көрүстүлэр. Ыстаадаларга барыларыгар кэриэтэ оҕо-аймах элбэҕин сөҕө көрдүм. Маҥнай тиийбит сирбит Нэгээйин диэн 1200 табалаах Афанасий Яковлевич Слепцов биригэдьиирдээх ыстаада. Афанасий – эдэр табаһыт, биригэдьииринэн быйыл анаммыт. Бу иннинэ аҕата, убайа биригэдьиирдээбиттэр. Онон утум салҕанар. Улахан дьону, оҕолору аахтахха, отут киһи баар. Биһиги кэлбит иннинээҕи эрэ күммүтүгэр бу сиргэ көһөн кэлбиттэр. Ол курдук, түөртүү-биэстии хоно-хоно барар суолларын уларытан иһэллэр эбит. Цивилизацияны туоһулуур генератор турар. Онон интэриниэт ситимигэр киирэн аан дойду сонунун барытын билэ олороллор.

Улахан дьон куоластыыр кэмнэригэр тула өттүбэр оҕолор турунан кэбистилэр. Сэһэргэһээччилэрим – оҕолортон саамай сытыылара-хотуулара – уон биир саастаах Айысхан Никитин уонна уон саастаах Артем Слепцов дэлэй кэпсээннээх дьон буолан биэрдилэр, иҥнэн-толлон турбатылар.

– Биһиги дьоммутугар илии-атах буолан көмөлөһөбүт. Табалары аһатабыт, маныыбыт. Атынан сылдьан табаларбытын үүрэн аҕалабыт. Уокка оттор мас бэлэмнээһинэ – эмиэ биһиги үлэбит. Улахан дьон тугу үлэлииллэрин көрөн кинилэртэн үөрэнэбит. Соторутааҕыта атаҕа тостубут табаны эрэйдэммэтин диэн хараалга хаайан идэһэлээбиппит. Балыктыыбыт. Иллэҥ кэммитигэр сөтүөлүүбүт, сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулары оонньуубут. Артемнуун иккиэн атынан сүүрдээччибит.

Салҕыы аах https://ulus.media/2020/06/26/muoma-a-ystaada-innikileeh/

#сахапечать #улусмедиа #новости #момскийрайон
В МОМСКОМ РАЙОНЕ ГОЛОСОВАНИЕ ПРОХОДИТ ЛЕГКО И БЕЗОПАСНО

Сегодня – завершающий день голосования по поправкам в Конституцию Российской Федерации. С 25 июня во всех наслегах Момского района начали работать участковые избирательные комиссии.

О ходе голосования рассказывает председатель территориальной избирательной комиссии Иннокентий Васильевич Минаев: ” Всего в Момском районе в список занесено 3072 избирателя. На территории района расположено 7 УИК, где работают 53 человека. Все УИК расположены в стационарных зданиях, которые отвечают всем требованиям Роспотребнадзора. Голосование проходит в установленном порядке. Коллективы предприятий различных сфер деятельности голосуют по графику, чтоб не было массового скопления людей.

Используем все средства индивидуальной защиты. На участке постоянно присутствует медработник, который бесконтактным способом измеряет температуру избирателям, проводит дезинфекцию. Каждому голосующему выдаём одноразовые маски, перчатки и ручки. В целях безопасности избирательный участок обеспечен отдельным входом и выходом. За действиями членов УИК и голосующих следят наблюдатели.

С 19 июня у нас было организовано досрочное голосование в труднодоступных точках района, куда выезжали члены 325 и 328 участков на вертолёте МИ-8 компании “Полярные авиалинии”. Охвачены все работники оленеводческих стад. Всего в 12 точках проголосовало 97 человек.

Также выезжаем по адресам тем, кто не может придти на избирательный участок.

Призываю момчан придти сегодня на избирательные участки и проявить свой гражданский долг!”

#момскийрайон #общероссийскоеголосование #улусмедиа
ТӨБҮЛЭХ ХОМУС КУТТААХ ЫАЛА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭҔЭ СИТИҺИИЛЭННЭ

Муома оройуонун олохтоохторо өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас күрэхтэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Төбүлэх олохтооҕо Людмила Алексеевна Стручкова быйылгы ыһыахха хомус күрэҕэр сиэннэрин кытта кыттан үһүс миэстэни ыллылар.

Людмила Алексеевна сиэннэринээн өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс миэстэҕэ тахсан анал дипломунан бэлиэтэннилэр, бэлэх туттулар.

Оттон уола Алексей сэрии оҕолорун туһунан айар үлэтинэн күрэххэ кыттан Госдума депутата Ф. С. Тумусовтан махтал суругу, өйдөбүнньүк мэтээли ылар буолла. Алексей култуура эйгэтин үлэһитэ, араас түмсүүлэргэ мэлдьи кыттар, миэстэлэһэр.

Көхтөөх ыал ити курдук араас күрэхтэргэ кыайыыны ситиһэр.

#улусмедиа #Момскийрайон #конкурс #хомус
АЛААС УОЛА - ЫСТААДАҔА

Кэнники кэмҥэ ыччат үөрэҕин бүтэрэн баран киэҥ сиргэ – куоракка хаалбакка, төрөөбүт дойдуларыгар үлэһит буолан төннөрө хайҕаллаах.
Соторутааҕыта Улахан Чыыстай ыччата Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты ситиһиилээхтик бүтэрэн, химик-биолог идэтин баһылаабыт Уйгулаана Громова кэргэнинээн дойдутугар – дьонугар ыстаадаҕа сайылыы бардылар.

Удьуор табаһыт Громовтар кыыстара Уйгулаана кыра эрдэҕиттэн ыстаадаҕа улааппыт буолан, «кэрэ айылҕалаах ыстаадабын, дьоммун – сэргэбин олуһун ахтабын», – диир. Күтүөт хатыҥ чараҥнарынан сураҕырар Чурапчыттан төрүттээх Дмитрий Попов Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн землеустроитель идэтин ылла.

Алаас уола ыстаадаҕа аан маҥнай үктэннэ. Уйгулаана үгүстүк кэпсээбит буолан ыстаада олоҕо романтика буолбатаҕын истэн билэр. Тиийбит күммүтүгэр Дима туус көрдөөн чугаһаабыт табаны сылбырҕатык тутан ылан табаһыт үлэтигэр «сүрэхтэннэ». Аны мантан сайын уучаҕы миинии, маамыкта быраҕыыта, табалары манааһын курдук үөрүйэхтэргэ үөрэниэ турдаҕа. Эдэрдэргэ бу сайын үлэҕэ тургутууну ситиһиилээхтик ааһалларыгар баҕарабыт.

#улусмедиа #момскийрайон #оленеводство
В МОМСКОМ РАЙОНЕ ОБЪЯВЛЕН РЕЖИМ ЧС

По распоряжению главы Момского района Павлова И.П. 7 июля 2020 г. в 21 ч. по местному времени объявлен режим чрезвычайной ситуации в связи с лесопожарной обстановкой.

Пожар зарегистрирован на территории Момского национального наслега, площадь составляет 150 га. Ситуация усложняется тем, что лесной пожар находится в труднодоступной и горной местности. Возникла реальная угроза населенному пункту с. Хонуу и стратегическим объектам нефтебазы АО «Саханефтегазсбыт» и филиала «Аэронавигация Северо-Восточной Сибири».

Глава района Иван Павлов информирует, что вечером 7 июля была сформирована группа из работников ГАУ «Якутлесресурс», Момского лесничества ГБУ РС (Я) и администрации района. В 18 ч 25 м выехала группа в составе 6 человек и 3 единиц техники: 2 гусеничных трактора и 1 квадроцикл.

В течение 10 часов группа прокладывала минерализованную полосу протяженностью 7 км. Сегодня, 8 июля, в соответствии с планом тушения пожаров на территории Момского национального наслега направлены добровольцы на дальнейшее частичное тушение и окарауливание пожара. Работы по локализации лесного пожара будут продолжены.

В день выхода распоряжения оперативным штабом Момского района было направлено письмо на имя первого заместителя председателя Правительства РС(Я) Колодезникова А.З. с просьбой направить летательный аппарат Ми-8 с водосливной конструкцией Хабаровского авиационно-спасательного центра МЧС России для тушения лесного пожара, сообщает пресс-служба МО «Момский район».

#Момскийрайон #режимЧС #улусмедиа #лесныепожары #тушенипожаров