НАМ СЭЛИЭННЬЭТИГЭР "ФРОНТАН ЭРГИЛЛИИ" ДИЭН ХААРТЫСКАНАН ДЬҮҺҮЙҮҮНҮ ТУРУОРДУЛАР
Нам сэлиэнньэтигэр Олоҥхо дьиэтин директора Вера Колпашникова уонна коллекционер, “Иэйии” ветераннар кулууптарын чилиэнэ Афанасий Васильев Улуу Кыайыы 75 сылынан, өрөгөйдөөх параады көрсө, “Фронтан эргиллии” диэн хаартысканан дьүһүйүүнү бэлэмнээтилэр.
Онуоха Нам коллекционердарын биир көхтөөх чилиэнэ Олег Омин байыаннай таҥастаах хаартыска ыытан, дьүһүйүү сүрүн санаата саҕыллыбыт.
Кыттааччылар: Олег Омин, Афанасий Васильев, Вера Колпашникова, Николай Жирков, Сергей Софронов. Түмүгэр, дьүһүйүү кыттааччылара Кыайыы скверигэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Хаартыскаҕа түһэрээччи — Роберт Охлопков.
#сахапечать #улусмедиа #намскийрайон #фронтанэргиллии #75летПобеды

СУНТААР УЛУУҺУН УОЛАТТАРА - КЫАЙЫЫ ПАРААДЫГАР
Бэс ыйын 24 күнүгэр Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүгэр Москваҕа буолбут параады үгүс киһи долгуйа көрдө.
Бу долгутуулаах, улахан суолталаах күн аармыйаҕа ытык иэстэрин толоро сылдьар уолаттарбыт сулууспалыыр куораттарын, сорохтор Москва Кыһыл болуоссатыгар параад кыттыылаахтара буолан биир дойдулаахтарын үөрүүлэрин үксэттилэр. Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйдээх параадыгар Москва, Хабаровскай, Ростов-на-Дону куораттарга Сунтаар улууһуттан Андрей Попов, Афанасий Федоров, Александр Федотов, Тимур Кириллин уонна Денис Кырелов кытыннылар.
Уолаттарбытыгар улахан эҕэрдэ! Биир дойдулаахтаргыт – сунтаардар киэн туттабыт!
#сахапечать #улусмедиа #сунтарскийулус #парадпобеды #75летПобеды

ОҤХОЙ БАС-КӨС ДЬОНО ОЛОХТООХТОРУ ОККО КИИРИИНЭН КҮНДҮЛЭЭТИЛЭР
Үөһээ Бүлүү Оҥхой нэһилиэгэр үрүҥ илгэни үрүлүтэр үтүө күннэр үүммүттэринэн, окко киирии үөрүүлээх кэминэн олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, нэһилиэк дьокутааттара быырпаҕынан, үтэһэлээх сылгы этинэн күндүлээтилэр.
Тэрээһин Улуу Кыайыы 75 сыллаах, Үөһээ Бүлүү оройуона тэриллибитэ 85 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрин чэрчитинэн ыытылынна. Күөх быйаҥтан үгүөрүтүк сомсоҥҥут, уйгу-быйаҥ, уһун дьоллоох олохтонуҥ диэн туран олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, нэһилиэк дьокутааттара быырпаҕынан күндүлээтилэр, үтэhэлээх сылгы этин түөлбэлэринэн түҥэттилэр.
Оҥхой нэһилиэгин тумус туттар, сүбэ-соргу биэрэр, маанылаах далбар хотуна, иһирэх ийэ, элбэх сиэн, хос сиэн эйэҕэс эбэтэ Александра Кирилловна Дмитриева оччугуй оҕо сааһыттан үлэни өрө тутан кэлбитэ, уоттаах сэрии сут кураан сылларыгар бэйэтин харыстаммакка хотуулаахтык үлэлээбитэ. Улуу Кыайыыны уһансыбыт үлэ, тыыл бэтэрээнэ, ытык мааны киһилэрин 90 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлээтилэр. Итиитик истиҥник эҕэрдэлээн туран, нэhилиэк дьокутааттара биир санаанан Александра Кирилловнаҕа “Нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо” үрдүк ааты иҥэрдилэр, Саха сирин Ил Дархана А.С.Николаев, дойдубут бэрэсидьиэнэ В.В.Путин эҕэрдэ суруктарын үөрүүлээх быһыыга туттардылар.
#улусмедиа #Верхневилюйскийрайон #сенокос #75летПобеды

НЬУРБАТТАН НАТАЛЬЯ ТРОФИМОВА КЫАЙЫЫНЫ УҺАНСЫБЫТ ДЬОНУГАР АНААН ПАННО ТИКТЭ
Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан Ньурба улууһун култуура департаменын сүрүннүүр исписэлииһэ Наталья Федотовна Трофимова таҥас кырадаһыннары тэҥнии, араас өҥү дьүөрэлии тутан, сэрии кэминээҕи олохтон кыргыһыыга барбыт чугас буойун аймахтарыгар анаан панно тиктэ.
Наталья Федотовна – СӨ култууратын туйгуна, Ньурба улууһун култууратын бочуоттаах үлэһитэ, улуустааҕы култуура департаменын тутаах үлэһитэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кини мэлдьи үлэ үөһүгэр сылдьан, улууска ыытыллар араас тэрээһиннэр көхтөөх кыттааччыта, култуура эйгэтин тэрээһиннэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ мэлдьи баар буолар.
Аммос Давыдов бырайыагынан «Оҕо кутун таттарыы», “Дьөһөгөй айыыта” паннолары тигиигэ иистэнньэҥнэргэ сүбэһит быһыытынан сылдьан тиксибитэ. Сахалыы моһуоннаах кыбытык аттарыылаах таҥастары тигэр, кылынан сэлээппэлэри өрөр. Маны таһынан маастар-кылаастары ыытан дьоҕурун, сатабылын бар дьонугар үллэстэр.
Наталья Федотовна кыайыыга анаан тикпит паннотун туһунан бу курдук кэпсиир:
– Ийэм Варвара Тимофеевна Николаева бастакы кэргэнэ Сталинград кыргыһыытыгар өлбүтэ. Аҕабар Федот Иннокентьевич Иннокентьевичка кэргэн тахсыбыта. Аҕам Курскай Дуга кыргыһыытын кыттыылааҕа, Харьков куораты босхолооһуҥҥа кыттыбыта, сэрии инбэлиитэ, кини 99 сааһыгар диэри олорбута. Оччотооҕу кэм дьон-сэргэ олоҕун, өрөгөйдөөх кыайыы үөрүүтүн ойуулаан тикпит паннобун сэриигэ кыайыыны уһансыбыт бар дьоммор аныыбын. Панном тигиллэригэр култуура департаменын салайааччыта Розалия Михайловна Тихонова сүбэлээбитэ, кэлэктиибим уолаттара эскиз уруһуйдуурбар көмөлөспүттэрэ. Бу үлэм дьаҥ ыарыы кэмигэр дьиэҕэ олоруу саҕана тигиллибитэ.
#Нюрбинскийрайон #Панно #75летПобеды #народноетворчество

ТААТТАЛАР АҔА КӨЛҮӨНЭНИ ҮЙЭТИТЭЛЛЭР
Таатта улууһугар Улуу Кыайыы 75 сылынан Бараһыылап сиригэр Аҕа көлүөнэ бойобуой уонна сэрии сылларыгар килбиэннээх үлэлэрин үйэтитэр сыалтан Өйдөбүнньүк стела-пааматынньык оҥоро сылдьаллар.
#улусмедиа #Таттинскийрайон #памятник #75летПобеды