Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.96K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
ПОКРОВСКАЙГА БУРДУК САҤА СУОРДУН ТАҺААРАЛЛАР

Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр института уонунан сылларга үлэлээн, тыйыс усулуобуйалаах Саха сирин кылгас сайыныгар үүнэн ситэр бурдук суортарын оройуоннаан үүннэрэн таһаарар. Покровскайга Селекционнай микрооройуонугар баар бааһынаҕа бу институт эдэр анал үөрэхтээх агрономнарын үлэлэрин “Хаҥалас” хаһыат кэрэспэдьиэнэ билистэ. Бурдугу селекциялыыр бөлөҕү Елена Семеновна Владимирова салайар.

– Кыһыҥҥы оруос селекцията ыытыллар бааһынатыгар манна, соҕурууттан кэлбит суортары үөрэтэбит. Олору маннааҕы суортары кытта булкуһуннаран саҥа гибрид, саҥа суорт таһаарабыт. Сорох үлэһиттэрбит бурдукка “аттааһын” диэн үлэни, булкуһуннарыыны оҥоро олороллор. Бу бурдукпут күһүн ыһыллар, кыһынын хаар анныгар кыстыыр уонна күһүн хомуллар. Бааһынабытын сынньатан, аҥаардаан ыһабыт.
Холобурдаан эттэххэ, биһиэхэ түөрт култуура: сэлиэһинэй, нэчимиэн, эбиэс уонна кыһыҥҥы оруос бааллар. Хас биирдии култуураҕа, ол эбэтэр көрүҥҥэ тус эппиэтинэстээх үлэһиттэр сыһыарыллан үлэлэһэллэр. Сахабыт сиригэр, чуолаан Уус Алдан улууһун бааһынатыгар, биһиги суортарбытын ыһаллар, үүннэрэллэр. Быйыл Амма улууһун бурдугу үүннэрээччилэрэ ылбыттара, – диир эдэр кэскиллээх салайааччы Елена Семеновна.
Сахабыт сиригэр оройуоннаммыт бурдук суортара аҕыйаҕа суохтар.

#сахапечать #улусмедиа #покровск #хангаласскийулус #новости
🍃В этом году по программе “1000 дворов на Дальнем Востоке” будет благоустроено 124 двора и мини-парка в 37 городах и селах Якутии.

Целью проекта является создание пространств, актуальных для всех возрастных групп населения. Список адресов таких территорий сформирован на основе голосования жителей. Одна из особенностей программы «1000 дворов на Дальнем Востоке» в том, что в обсуждении благоустройства территорий принимают участие местные жители.

Они сами решают, каким будет их двор или где будет разбит мини-парк. Работы по благоустройству должны быть начаты 1 мая и завершены в срок до 1 ноября 2022 года.

Сегодня представляем проект благоустройства дворовой территории по адресу: г.Покровск, ул. Бр. Ксенофонтовых, 25/1. 👆🏻

Сделайте жизнь в родном городе или селе лучше!

#1000дворов, #Формированиекомфортнойгородскойсреды, #LETO, #нацпроект, #Покровск