Улус.Медиа | Новости Якутии
11K subscribers
61.9K photos
10.4K videos
27 files
41.5K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
САХА СИРИН НАЦИОНАЛЬНАЙ БЭЧЭЭТИН КҮНҮГЭР АНАЛЛААХ ОНЛАЙН-КЭМПИРИЭНСИЙЭ ЫЫТЫЛЫННА

От ыйын 1 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Национальнай бэчээт күнэ бастакынан бэлиэтэниэҕэ. 1907 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр саха тылынан аан маҥнайгы “Саха дойдута” диэн  хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. Бу историческэй чахчыга олоҕуран, 2020 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С.Николаев от ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнүн бэлиэтиир туһунан 1007 №-дээх Уураахха илии баттаабыта.

Бу бэлиэ күн чэрчитинэн, «Сахабэчээт» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэтэ  сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна улуустааҕы сүрүн эрэдээктэрдэри кытта онлайн-кэмпириэнсийэ тэрийэн ыытта. Кэмпириэнсийэни генеральнай дириэктэр Ньургуйаана Стручкова уонна «Саха сирин суруйааччылара» Ассоциация бэрэссэдээтэлэ, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров салайдылар. Кэмпириэнсийэ сахалыы тылынан периодическай бэчээт историятын кэпсиир кылгас роликтан саҕаланна.

«Сахабэчээт» генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна улуустааҕы сүрүн эрэдээктэрдэри эҕэрдэлииригэр национальнай бэчээт күнүн итиэннэ аныгы көрүҥүнэн аан маҥнай бэлиэтииллэрин биллэрдэ. «Сахалыы тыллаах суруналыыстыкаҕа билигин улахан эппиэтинэстээх кэм үүннэ. Оччоттон баччаҕа диэри бэйэтэ ураты суоллаах-иистээх, ону ааһан анал ыйдарыылаах, норуот ис туругун уонна ис кыаҕын бэйэтигэр көрдөрөр аналлаах. Саха бэчээтэ норуот духуобунай баайын, култууралар хардарыта дьайсыыларын өйөөн, сайыннаран кэлбитэ. Саха тылын ыыра бэчээттэнэн тахсар хаһыаттарынан муҥурданар кыаҕа суох, интернет куйаарыгар тэҥҥэ барсан, аныгы көлүөнэ дьоҥҥо бэйэлэрин булуналларыгар, сомоҕолоһоллоругар тирэх буолуохтаах», — диэтэ.

Саха сирин национальнай бэчээтин күнүнэн  Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, СӨ Инфокоммуникационнай технологияларын, сыыппара сайдыытын уонна инновацияларын миниистирэ Алексей Семенов, «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков, «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрэ Алексей Чертков, Саха сирин суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева, «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Егоров, кылаабынай эрэдээктэр Валерий Луковцев, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын генеральнай дириэктэрэ Ольга Семенова, СӨ култууратын туйгуна, саха бэчээтин бэтэрээнэ Василий Алексеев эҕэрдэ тыл эттилэр.

Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар «Кыл сахалар» ансаамбыл Анемподист Софронов-Алампа матыыптарыгар олоҕуран дьүһүйүүнү бэлэхтээтэ. Үөрүүлээх бэлиэ күҥҥэ биир идэлээхтэр, улуус хаһыаттарын үлэһиттэрэ бэйэлэрин дойдуларын кэрэ айылҕатыгар уһуллан, эҕэрдэ тылларын тиэртилэр.

Бастакынан бэлиэтэнэр саха суруналыыстарын идэлээх бырааһынньыктарынан СӨ Инфокоммуникационнай технологияларын, сыыппара сайдыытын уонна инновацияларын Министиэристибэтин наҕараадатын ылбыт дьон аата үөрүүлээх быһыыга-майгыга этилиннэ.

#деньнациональнойпечати #сахапечать #онлайнконференция
ГАЗЕТА "ХОТУГУ КЫЫМ" СКВОЗЬ ПРИЗМУ ВРЕМЕНИ

Сегодня традиционные издания, несмотря на обилие электронных и цифровых средств распространения информации, не утрачивают своей актуальности. Свобода слова является одной из важнейших составляющих демократии и современное общество имеет право на получение актуальных и достоверных сведений о событиях в мире. Если затронуть историю возникновения официальной печати в Абыйском улусе, то надо вернуться в 20-ые годы прошлого сто­летия.

История печати Абыйского района

2 апреля 1929 года была учреждена пер­вая ежемесячная стенная газета («Дьадаҥы кытата» («Бедняцкая кузница») — орган Эльгетского улусного исполкома и комите­та партии (Эльгетским раньше назывался Абыйский улус). Редколлегия состояла из пяти человек и двух кандидатов в редколлегию. Газету выпускали члены редколлегии Тим Владимирович Колмогоров, Николай Петрович Колесов, Семен Николаевич Слеп­цов, Петр Николаевич Бурнашов, Василий Семенович Хабаров-I. Так такового редакто­ра не было. По мере надобности кого-нибудь из сотрудников заменяли Елена Васильевна Колмогорова, Данил Николаевич Данилов.

Первая регулярная районная газета под названием «Хотугу Кыым» вышла 5 мая 1953 года методом ручного набора. Редактором в то время работал Аким Иосифович Гоголев. Он отработал три года. В 1956 году его заме­нил фронтовик Сивцев Иннокентий Дорофеевич. В разные годы редакторами работали Винокуров Михаил Семенович, Трофимов Илья Егорович, Устинов Афанасий Гераси­мович.

23 года редакцию газеты и типографию возглавлял Петр Семенович Ребров — член Союза журналистов СССР, почетный граж­данин Абыйского района. После его выхода на пенсию почти два года редактором рабо­тала Муза Гаврильевна Скрыбыкина — член Союза журналистов РФ, отличник печати PC (Я).

Читайте далее на сайте https://ulus.media/ по ссылке https://ulus.media/2020/06/30/gazeta-hotugu-kyym-skvoz-prizmu-vremeni/.

#улусмедиа #хотугукыым #абыйскийрайон #деньнациональнойпечати
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
На сквере ветеранам-журналистам установили сэргэ в честь 95-летия журнала «Чолбон» 👏🏻

#улусмедиа #новостиякутии #деньнациональнойпечати
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
💥Памятное сэргэ в честь 95-летия журнала «Чолбон» установили в Якутске.

В День национальной печати в сквере журналистам-ветеранам установили сэргэ, посвящённое юбилейной дате якутского журнала «Чолбон». В 1926 году его начинал якутский поэт Анемподист Софронов - Алампа. Сегодня дело наших коллег продолжается.

Сэргэ - это знак связи поколений, отметила генеральный директор ГАУ РС(Я) «Сахапечать» Ньургуяна Стручкова.

Подробнее смотрите в нашем ролике!👆🏻

#Улусмедиа #деньнациональнойпечати #видеоотум