БОРОҔОҤҤО САҤА СПОРТИВНАЙ БЫЛАҺААККА КИЭРКЭЙИЭ
Соторутааҕыта Бороҕоҥҥо биир бэлиэ түгэн буолан ааста. Мүрү нэһилиэгэр успуорт министиэристибэтин 3,5 мөлүйүөн солкуобайдаах спортивнай-технологическай тэрил сэртипикээтин туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла.
Бу тренажердар кэлиилэрэ Уус Алдан улууһа успуорка уруккуттан олохсуйбут үтүө үгэстэрдээҕин дьэҥкэтик көрдөрдө. Ол курдук Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньуулара аһыллыыларыгар диэри 1 000 хонугу ааҕыы саҕаланар тэрээһин чэрчитинэн ыытыллыбыт ГТО туттарыытыгар улуус үрдүнэн 5 886 киһи кыттыыны ылбыта. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ көрдөрүү быһыытынан сыаналаммыта. Онон Бороҕоммут өссө биир саҥа көстүүнэн киэркэйиэ.
Улуус дьаһалтатын баһылыга А.В.Федотов сэртипикээти Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгар В.И.Аммосовка туттарарыгар ити туһунан маннык бэлиэтээн эттэ: ”Маннык спортивнай да, оҕо да былаһааккалара сэлиэнньэбит тупсаҕай көстүүлээх оҥороллорун туһугар бары биир сомоҕо буолан үлэлиирбит ситиһиллиэхтээх”. Онно хардаран Василий Аммосов былаһаакканы тутууга нэһилиэнньэ уонна спонсордар көмөлөрүгэр эрэнэрин эттэ.
Былаһаакка урукку “Ньургуһун” оҕо саадын оннугар тутуллуоҕа. Бу тиэргэнин бүтүннүү ылыахтаах. Онно тренажернай былаһаакканы таһынан футболлуур хонуу, дьон сынньанар уонна оҕо оонньуур былаһааккалара баар буолуохтара. Онтон уулусса диэки силигилээн турар олордуу мастар тыытыллыбакка оннуларыгар хаалыахтара диэн эттилэр. Ол мастар бэйэлэрин көстүлэринэн чахчы да ханнык баҕарар тутууну киэргэтиэ этилэр.
Салгыы Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын таһыгар баар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа В.Д.Лонгинов бүүһэ көһөрүллэн туруон сөптөөх сирин көрүү буолла. Дьоруой бүүһэ бэйэтин аатынан уулусса 93 №-дээх дьиэтин таһыгар көһөрүллэн аҕалыллара былааннанна. Бу миэстэ чахчы бигэргэннэҕинэ, манна эмиэ дьон сынньанарыгар сөптөөх былаһаакка оҥоһуллуон сөбүн эттилэр. Сотору уулусса өрөмүөнэ түмүктэнэн буор бурҕайбат сирэ буолуоҕа. Ону дьоруойбутугар аналлаах миэстэ баара ситэрэн биэриэҕэ.
#улусмедиа #новости #борогонцы #спортивнаяплощадка