МИХАИЛ ЗАХАРОВ АНЫГЫЛЫЫ ТЕХНОЛОГИЯНЫ КИЛЛЭРБИТ РЕДАКТОР БУОЛАР
Амма улууһун “Амма олоҕо” хаһыат өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас хаһыата. Ол курдук муус устарга тэриллибитэ 87 сылын туолла. Үгүс үлэлээн ааспыт редактордартан хаһыат сайдыытыгар күүскэ үлэлэспит киһинэн Михаил Захаров буолар. Михаил Васильевич Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Михаил Захаров хаһыакка 12 сыл устата редакторы солбуйааччынан, онтон сирэй редакторынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук хаһыат үлэлээн ааспыт сылларын устатын тухары салайбыт редактордар ортолоругар саамай уһуннук алтыспыт уонна редакция үлэтигэр саҥа дьиэни, технологияны киллэрбит, республика үрдүнэн хаһыаттар салайааччылара буолан тарҕаммыт дьону иитэн таһаарбыт редактор быһыытынан билинэбит.
1990-1992 сылларга социалистическай куоталаһыы сырдатылларыгар, партийнай уонна комсомольскай тэрилтэлэр үлэлэрин эридьиэстээһиҥҥэ, уларыта тутуу саҥа хардыылааһынын матырыйаалларын хаһыат ааҕааччыларыгар тиэрдиигэ, биирдиилээн чулуу үлэһиттэр, ветераннар тустарынан сэһэргээһини быстыбакка тиэрдиигэ үлэлэспитэ. Уларыта тутуу саҕаламмытыгар хаһыат „Коммунизм тутуутуттан“ аныгы кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн „Амма олоҕо“ диэн ааттанарын ситиһиигэ сыралаһан туран оройуон Сэбиэтин сессиятыгар бигэргэттэрбитэ.
Михаил Васильевич редакцияҕа улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччынан үлэлии олорон кэлбитэ. Инньэ гынан нэһилиэк баһылыктарын кытта үлэлэһэргэ, атын хаһаайыстыбаннай да боппуруостарга уопута элбэҕэ. Онон 90-с сыллар ыарахан кэмнэрин редакция эрэллээхтик туораабыта. Үлэҕэ-хамнаска уопуттаах редактор кэлэн кэлэктииби салайан редакциябыт саҥа дьиэҕэ киирбитэ. Салгыы саҥа технология киирэн, офсетнай бэчээттиир массыына ылыллан, компьютердар атыылаһыллан, хаһыат атын сирэйдэммитэ. Маны сэргэ типографияттан арахсан, бэйэбит бэчээттиир буолбуппут.
Салҕыы Улус Медиа сайтыгар аах 👉 https://ulus.media/2020/06/29/mihail-zaharov-anygylyy-tehnologiyany-killerbit-redaktor-buolar/.
#улусмедиа #амгинскийрайон #СМИ #журналисты #Аммаолоҕо

Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Михаил Захаров аныгылыы технологияны киллэрбит редактор буолар - Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Амма улууһун “Амма олоҕо” хаһыат өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас хаһыата. Ол курдук муус устарга тэриллибитэ 87 сылын туолла. Үгүс үлэлээн ааспыт редактордартан хаһыат сайдыытыгар күүскэ үлэлэспит киһинэн Михаил Захаров буолар. Михаил Васильевич Амма улууһун…