ФОТОРЕПОРТАЖ: СЕВЕРНЫЕ КРАСОТЫ ГЛАЗАМИ УСТЬ-ЯНСКОГО ФОТОГРАФА
В эти дни в Депутатском, да и по всему Устьянью стоит непривычная для северян жара.
В горной тундре прорываясь через каменистую почву вовсю выросли цветы, радуя жителей улусного центра Усть-Янского района своей красотой. Всю эту красоту запечатлел местный фотограф Афанасий Климовский.
Листайте карусель 👆👆👆
#сахапечать #новости #улусмедиа #красотаякутии #устьянскийулус #фотографии

ТУМАТ ЫЧЧАТА ХОТУ СИР УСУЛУОБУЙАТЫГАР КУУРУССА, СИБИИННЬЭ ИИТЭР
Усуйаана улууһун кииниттэн тэйиччи сытар Тумат нэһилиэгиттэн биир үөрүүлээх сонун кэллэ. Нэһилиэк олохтооҕо, эдэр киһи Алексей Горохов кэтэх хаһаайыстыбатыгар тутар икки тыһы сибиинньэтиттэн биирэ төрөөн, 8 сибиинньэ оҕотун биэрэн хаһаайын киһи үөрүүтэ үксээбит. Билигин төрүөх туруга кэминэн.
Алексей Андриянович Горохов төһө да сааһа эдэр буоллар, тыа хаһаайыстыбатын бу салаатыгар ылсан үлэлиир, дьыалатын сайыннарар санаалааҕа хайҕаллаах суол. Бу иннинэ, кини саас инкубаторынан чоппуускалары таһаартарбытын туһунан сырдаппыппыт. Кини элбэх уопута суох эрээри, онтон иҥнэн турбакка, бэйэтэ тустаах литератураны, кинигэлэри ааҕан, сибиинньэ, куурусса иитиитин ньыматын туһунан билиитин хаҥатар эбит.
Хоту сиргэ дьиэ сүөһүтүн, көтөрүн иитэр ыарахана биллэр. Аҥаардас эбии аһылыгы, уотурбаны, комбикорманы атыылаһыы, аҕалтарыы элбэх харчыны-үбү, сыраны-сылбаны эрэйэр. Ол да буоллар бу салааҕа кыһаллан үлэлээтэххэ сибиинньэ, куурусса түргэнник ситэр, онон тыа сиригэр сайыннарарга, үлэлииргэ-хамсыырга, эбии дохуот киллэрэр, сибиэһэй аһы-үөлү хааччыйар сөптөөх дьарык буолар.
Алексей бэйэтэ дьаһанан, сөптөөх суолу тутуһан, дьыалата өссө сайда турарыгар ситиһиилэри баҕарабыт. Уонна кини дьарыга нэһилиэгиттэн, оройуонуттан, тустаах тэрилтэлэртэн өйөбүллээх буолуо диэн эрэнэбит.
#улусмедиа #устьянскийулус #тумат #сельскоехозяйство