Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
59K photos
10K videos
27 files
40.3K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
АММА ТАЛААННААҔА АННА МАТВЕЕВА ЭРГЭ БУОЧУКАЛАРЫ ТУУЙАСТАРГА КУБУЛУТТА

Амма биир далбар хотуна Анна Матвеева ырыаһыт эрэ буолбакка, тарбаҕар талааннаах, айар-тутар киһи буолар. Күөх сайыҥҥа Анна эдьиийин көрдөһүүтүн быһа гыммакка, үс эргэ буочукатын киһи эрэ кэрэхсии көрөр тууйастарыгар кубулутта.

Анна Матвеева 20-чэ сыл устата уһуйааҥҥа кырачааннары уруһуй абылаҥар уһуйбута. Кини манна уруһуйдуур талаана арыллан, элбэх саҥаны айан олус айымньылаахтык үлэлээбитэ.

Онтон билигин О.П. Иванова –Сидоркевич аатынан оҕо сайдар дьиэтигэр ырыаҕа уһуйааччынан эмиэ олус ылларан туран, араас бырайыактары олоххо киллэрэн үлэлии сылдьар.

“Эдьиийим көрдөһөн кини эргэ буочукаларын кырааскалаан, ойуулаатым. Эмаль кырааскаҕа колер эбэн, ойуулаатым. Уопсайынан, бу дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ биир өттүнэн эмиэ үчүгэй өттүнэн дьайда. Ол курдук урут солото суох сылдьар дьон, дьэ бириэмэлэнэн айар-тутар талааннара киирдэ. Ол иһигэр мин эмиэ урут ылсыбакка сылдьыбыт дьарыктарбар ылсан элбэххэ үөрэнним. Холобура, ыалым Матрена Караканова оҕуруонан араас киэргэллэри оҥорорго үөрэтэн, билигин бэйэм астынан туран дьарыктанабын. Бу олорон көстүүмнэрбин саҥартым, киэргэллэри оҥордум. Сорохторун арыый уларытан биэрдим. Билигин киэргэллэр сыаналара наһаа ыараата дии. Ол иһин бэйэм үөрэнэн киэргэллэрбин барытын бэйэм оҥоробун. Инникитин үөрэтэр оҕолорум симэхтэрин бэйэлэрэ оҥостоллоругар үлэлэһиэхпит”, – диир талааннаах уһуйааччы.

Кини бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит айар талааннаах киһи буолан, ону үлэтигэр хото туһанар. Олус үчүгэйдик ыллыыр. Быйыл сайын биирдиилээн ыллыыр оҕолорго клип уһуллулар. Манна киниэхэ оператор, монтажер быһыытынан Мария Иванова, ырыаларын устан Косиор Карманов, баянист Василий Неустроев күүс-көмө буоллулар. Урут “Сардаана” диэн ырыаны бэйэтэ толорон ыллыыр эбит буоллаҕына, билигин үөрэтэр оҕотугар Настя Черноградскаяҕа үөрэтэн, клип устан таһаарбыттарын, дьон-сэргэ олус диэн сэргээтэ.

Бу курдук кылгас күөх сайыммытын баттаһа Амма биир талааннаах киһитэ, көмүс куоластаах ырыаһыта Анна Матвеева бириэмэтин туһалаахтык атаарар, кэрэни дьиэтигэр киллэрэр.

#улусмедиа #сахапечать #Амгинскийулус #новости #творчество #народноетворчество #культура
НЬУРБАТТАН НАТАЛЬЯ ТРОФИМОВА КЫАЙЫЫНЫ УҺАНСЫБЫТ ДЬОНУГАР АНААН ПАННО ТИКТЭ

Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан Ньурба улууһун култуура департаменын сүрүннүүр исписэлииһэ Наталья Федотовна Трофимова таҥас кырадаһыннары тэҥнии, араас өҥү дьүөрэлии тутан, сэрии кэминээҕи олохтон кыргыһыыга барбыт чугас буойун аймахтарыгар анаан панно тиктэ.

Наталья Федотовна – СӨ култууратын туйгуна, Ньурба улууһун култууратын бочуоттаах үлэһитэ, улуустааҕы култуура департаменын тутаах үлэһитэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кини мэлдьи үлэ үөһүгэр сылдьан, улууска ыытыллар араас тэрээһиннэр көхтөөх кыттааччыта, култуура эйгэтин тэрээһиннэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ мэлдьи баар буолар.

Аммос Давыдов бырайыагынан «Оҕо кутун таттарыы», “Дьөһөгөй айыыта” паннолары тигиигэ иистэнньэҥнэргэ сүбэһит быһыытынан сылдьан тиксибитэ. Сахалыы моһуоннаах кыбытык аттарыылаах таҥастары тигэр, кылынан сэлээппэлэри өрөр. Маны таһынан маастар-кылаастары ыытан дьоҕурун, сатабылын бар дьонугар үллэстэр.

Наталья Федотовна кыайыыга анаан тикпит паннотун туһунан бу курдук кэпсиир:

– Ийэм Варвара Тимофеевна Николаева бастакы кэргэнэ Сталинград кыргыһыытыгар өлбүтэ. Аҕабар Федот Иннокентьевич Иннокентьевичка кэргэн тахсыбыта. Аҕам Курскай Дуга кыргыһыытын кыттыылааҕа, Харьков куораты босхолооһуҥҥа кыттыбыта, сэрии инбэлиитэ, кини 99 сааһыгар диэри олорбута. Оччотооҕу кэм дьон-сэргэ олоҕун, өрөгөйдөөх кыайыы үөрүүтүн ойуулаан тикпит паннобун сэриигэ кыайыыны уһансыбыт бар дьоммор аныыбын. Панном тигиллэригэр култуура департаменын салайааччыта Розалия Михайловна Тихонова сүбэлээбитэ, кэлэктиибим уолаттара эскиз уруһуйдуурбар көмөлөспүттэрэ. Бу үлэм дьаҥ ыарыы кэмигэр дьиэҕэ олоруу саҕана тигиллибитэ.

#Нюрбинскийрайон #Панно #75летПобеды #народноетворчество