НЬУРБАҔА ТУОС ОҤОЧО БЭРЭБИЭРКЭНИ "ТУЙГУННУК" ААСТА
К.Д.Уткин аатынан «Норуоттар доҕордоһуулара» түмэл методиһа, Ньурба улууһун норуот уус-уран оҥоһуктарын норуодунай маастара Василий Николаевич Петров өбүгэ саҕанааҕы үгэһи тутуһан, урукку матырыйаалынан оҥоһуллубут оҥочоҕо маарыннатан оҥордо. Бэрэбиэркэлээн өрүскэ киллэрэн уһуннаран көрдүлэр. Оҥочо бэрэбиэркэни «туйгуннук» ааста.
Василий Николаевич:
– Урут түмэлгэ манна маарынныыр оҥочо суоҕа. Оҥочону оҥорор эрдэттэн былааҥҥа баара. Бастаан ылсан оҥоруом иннинэ былыргы хаартыскалары көрөн, түмэлгэ баар матырыйааллары үөрэтэн көрөн туһанным. Саас талах тылларыгар талахтары иэҕэммин бэлэмнээбитим. Туос хастанар кэмигэр хастаан ылбытым. Оҥочо куорпуһун ойоҕосторун бэлэмнээн, туоһунан бүрүйэн, талаҕынан тикпитим. Үйэлээх буоллун диэн, тиит маһы туттубутум. Уһуна 3 м 20 см.
Түмэлгэ булка аналлаах сэп-сэбиргэл турар хоһугар экспонат быһыытынан туруорарга былаанныыбыт, – диэн кылгастык билиһиннэрдэ.
#улусмедиа #сахапечать #нюрбинскийулус #туосоночо #туос

АММАЛАР ТУОС ТИГИИЛЭРИН ТААТТАҔА ИЛДЬЭН ТУТТАРДЫЛАР
Амма нэһилиэгин уран тарбахтаахтара Борис Неустроев – Мандар Уус моҕол ураһатыгар көмөлөһөн оҥорбут туос тигиилэрин Таатта Баайаҕатыгар илдьэн туттардылар. Аны бу күннэргэ Болугур нэһилиэгин “Арчылаана” түмсүү уран тарбахтаахтара бэйэлэрин тигиилэрин илдьэн бэлэхтиэхтэрэ.
Амма уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ Клавдия Новикова, Людмила Борисова, Анастасия Сирдитова, Светлана Михайлова өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыакка баҕа өттүлэринэн кыттыһан Таатта Баайаҕатыгар туруохтаах Борис Неустроев – Мандар Уус моҕол ураһатыгар көмөлөстүлэр. Ол курдук алта ый иһигэр тикпит 2,5 м усталаах, 1,5 м туоралаах испэни, таспаны, 15 м курдууну – барыта 80 устуука туос оҥоһуктарын бөлөх салайааччыта, норуот маастара Клавдия Новикова Борис Федоровичка илдьэн туттарда.
Амма улууһуттан хамсааһыҥҥа Болугур нэһилиэгин “Арчылаана” түмсүү уран тарбахтаахтара кыттыһан бэйэлэрин тигиилэрин бу күннэргэ илдьэн туттараары бэлэмнэнэ сылдьаллар.
«Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах улахан дьыалаҕа көмөлөһөр үтүө санаалаах дьонноох, өйөбүллээх буоламмыт үөрэ – көтө кыттыстыбыт. Болугуртан “Арчылаана” түмсүү иистэнньэҥнэрин кытта биир сүбэнэн үлэлээтибит. Ф.Ф.Потапов аатынан норуот айымньытын дириэктэрэ Петр Кулаковскай биһиэхэ хос анаан улахан көмө буолла. Биир санаалаах дьоммут көмөлөрүнэн хаста да Таатта уһук нэһилиэгэр баран кэллибит.
Түмүктээбит сыралаах үлэбитин илдьэрбитигэр Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев айанныыр ороскуоппутун барытын уйунан, суоппар Анатолий Аммосов тиэйэн үөрэ – көтө илдьэн туттардым. Аны Тааттаҕа ураһа бүтэн турарын эрэ кэтэһэбит. Мандар Уус аммаларга улахан махталын тириэрдэр. Билигин кинилэргэ үлэ күөстүү оргуйар, моҕол ураһаны бүтэрэ охсор санаалара баһаам. Саамай улахан үлэни аммалар оҥордубут. Бу барыбыт кыайыыта диэн сыаналыыбын, онон салгыы бу курдук биир сүбэнэн үлэлиэҕиҥ», – норуот маастара Клавдия Новикова үөрүүтүн үллэстэр.
#улусмедиа #новости #амгинскийрайон #мандаруус #туос