Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.96K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
ҮӨДЭЙ МУЗЕЙЫГАР СЭДЭХ ЭКСПОНАТ КЭЛЛЭ

Ньурба улууһун  Үөдэй нэһилиэгин “ЫТЫК ӨБҮГЭЛЭР” Аһаҕас халлаан анныгар музейга айылҕа харыстабылын инспектора Николай Дмитриевич Николаев былыргы тэлиэгэни бэлэхтээтэ.

Сэдэх экспонат Чаппанда сириттэн тиийэн кэллэ. Кимиэнэ буоларын чуолкайдастыбыт. Онтубут Ил Түмэн депутата Владимир Михайлович Прокопьев аҕата тутта сылдьыбыт тэлиэгэтэ буолла.

Владимир Михайлович маннык диэн быһаарда: “Чуолкайын билбэтим, дьиэбит кэннигэр турбутун өйдүүбүн. Тимир Миитэрэйтэн саҕалаан эһэм Никифор Алексеевтан (Көтөөхөп) тиийэн кэлбит буолуон сөп. Бодойбонон айаҥҥа элбэхтик сылдьыбыт киһи. Саталары кытта ситимнээх этилэр. Саалтаананы кытта эмиэ. Тэлиэгэ гайката сахалар бэйэлэрэ оҥорбуттар, түөрт муннук быһыылаах. Онон саха уустара оҥорбуттара чуолкай”.

Тэлиэгэ икки чаастан турар, табыгастаах буоллун диэн. Онон ханна баҕарар тиэйэргэ чэпчэки. Тэлиэгэ туруга сэнэх.

Маннык өбүгэлэрбит оҥорон-тутан олохторугар-дьаһахтарыгар туттубут тэриллэрэ өссө даҕаны уһун кэмҥэ дьон көрүүтүгэр музейбытыгар тиийэн кэлбитэ бэрт. Бу тэлиэгэни Корнил Федотов булан биэрдэ, Иван Федоров массыынатыгар тиэйэн аҕалла. Барыгытыгар махтал бастыҥа буоллун. Николай Дмитриевичка музейбытын биир сэдэх экспонатынан хаҥаппытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.

#сахапечать #улусмедиа #новости #нюрбинскийрайон #музей
В НЮРБУ ДОСТАВЛЕНЫ МАТЕРИАЛЫ ДЛЯ СТРОИТЕЛЬСТВА КОС

Сегодня благодаря действиям администрации Нюрбинского района прибыли 2 емкости объемом 1 тыс. куб.м., 5 на подходе, всего должно быть 18 единиц из г. Самара для будущей КОС.

Как известно, в 2019 году в г. Мирный состоялся Инвестиционный форум Западной Якутии под председательством премьера Владимира Солодова, где было подписано соглашение между правительством РС (Я) и главой МР “Нюрбинский район” Алексеем Иннокентьевым о строительстве КОС в г. Нюрба. Этому предшествовала долгая и кропотливая работа администрации района, умение довести до высших эшелонов власти острые проблемы горожан на основе программы-целевого метода организации управленческой деятельности. Умение вести откровенный диалог с народом и смелый нестандарный подход к проблеме со стороны главы района отмечает и гендиректор ООО ЖКХ “Альтернатива” И.Н. Николаев.

Вот что, рассказал Иннокентий Николаевич:
– Проект КОС в г. Нюрба был разработан “Куйбышев водоканал – проектом”, поставщиком был определен “Эколос” в г. Самара. В марте текущего года на публичных слушаниях по КОС поступили предложения по некоторой корректировке сброса сточных вод за пределы отдельных территорий. Это было учтено и в результате чего, инженерная инфраструктура претерпела изменения. Сейчас проект проходит экспертизу и мы уверены в ее благоприятном исходе. Если все будет нормально, строительство КОС в г. Нюрба начнется с осени сего года. Замечу, что обещания данные избирателям главой Алексеем Иннокентьевым при вступлении в должность выполняются и вызывают доверие нюрбинцев.

#сахапечать #улусмедиа #новости #нюрбинскийрайон
НЬУРБА УЛУУҺУН БАҺЫЛЫГА БИЛИҤҤИ КЭМ ДЬОРУОЙДАРЫГАР - ВОЛОНТЕРДАРГА МАХТАННА

Ньурба улууһун үрдүнэн барыта холбоон 147 волонтер бу күҥҥэ диэри 2100-тэн тахса сайаапканы толордо. Ортотунан ыллахха күҥҥэ 20-н тахса сакааска сырыттылар. Бэс ыйын 30 күнүгэр улуус баһылыга Алексей Иннокентьев хорсун санаалаах ыччакка – волонтердарга суһал штаб аатыттан улахан махталын уонна сэмэй көмөтүн видео сибээс нөҥүө тиэртэ.

«Эһиги туох даҕаны мөккүөрэ суох билиҥҥи кэм дьоруойдара буолаҕыт. Ньурба улууһугар ыарахан кэмҥэ бастакынан көмөлөһөр санааҕытын биллэрэн бу ыарыыны утары охсуһууга туруммут хорсун дьоҥҥут. Үтүө санаа ханнык да кэмҥэ инники күөҥҥэ сылдьар. Өрүү маннык ыарахантан чаҕыйбакка, дойдугут дьонун туһугар үлэлээҥ, хамсааҥ. Биһиги эһигини холобур оҥостобут уонна киэн туттабыт”, – диэн улуус баһылыга эҕэрдэтин тиэртэ.

Волонтердар ааттарыттан Чаппандаҕа ыччаты кытары үлэлиир исписэлиис Акулина Семенова улахан махталын эттэ итиэннэ бу курдук улуус суһал штабын аатыттан болҕомто кинилэргэ улахан суолталааҕын уонна салгыы үлэлииргэ төһүү күүс буоларын бэлиэтээтэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ кутталлаах коронавирус ыарыы кэлэн хааччахтааһын миэрэлэрэ олохтоноотун кытта, ол эбэтэр кулун тутар 17 күнүттэн, көстүбэт дьоруойдар – волонтердар тохтоло суох күннэтэ үлэлээн кэллилэр.

Волонтердар дьиэлэригэр олорор 65-тэн үөһэ саастаахтарга, доруобуйаларыгар хааччахтаах, дьиэлэриттэн тахсар кыахтара суох дьоҥҥо, самоизоляцияҕа барбыт дьиэ кэргэҥҥэ бородуукталарын, эмтэрин ылан илдьэллэр, счеттарын төлүүллэр. Сорох дьон кыһалҕаҕа кыһарыйтаран дьиэ кыылларыгар астарын, почтаттан таһаҕастарын кытары ыллараллар. Дьиҥэр, волонтер эбээһинэһигэр сорох өҥөлөр киирбэттэр эрээри, аһыныгас санаалаах, бэйэлэрэ эбэлэрдээх, эһэлэрдээх дьон буолалларын быһыытынан, төһө кыахтара баарынан үлэхтэрин толороллор, сакаастарынан сүүрэллэр-көтөллөр.

Волонтердар ким даҕаны күһэйиитинэн буолбакка, бу ыарахан кэмҥэ туора туран хаалбакка, санаа, суобас ыйыытынан, күннэтэ доруобуйатын туругун кутталга киллэрэн үлэлииллэр.

#волонтеры #улусмедиа #нюрбинскийрайон
НЬУРБАҔА "БЭЧЭЭТ - ОЛОХ КЭРЭҺИТЭ" ОНЛАЙН-ВИКТОРИНА ТҮМҮКТЭННЭ

Быйыл от ыйын 1 күнүгэр республикаҕа аан бастаан национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэннэ. 1907 с. бу күн “Саха дойдута” диэн ааттаах бастакы сахалыы хаһыат күн сирин көрбүтэ. Бу кэрэ бэлиэ күнү көрсө Ф. Г. Сафронов аатын сүгэр Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ уонна оройуон хаһыата онлайн-викторина биллэрбиттэрэ.

Викторинаҕа Ньурбаттан, Уус Алдантан, Дьокуускайтан, Таиландтан тиийэ кытыннылар. 15 боппуруоска толору сөптөөх, сыыһата суох эппиэт киирбэтэ, онон элбэх боппуруоска (14 боппуруоска) сөпкө эппиэттээбиттэргэ маннык кыайыылаахтары таһаардылар: Афанасьева Мария (Антоновка с.), Канаева Луиза Акимовна (Дьиикимдэ нэһ.), Николаева Мария Пудовна (Үөдэй нэһ.), Иннокентьева Людмила Романовна (Нюрба к.).

Бары кыттыбыттарга махталбытын биллэрэбит, кыайыылаахтарга итии-истиҥ эҕэрдэ! Кыайыылаахтар “Ньурба” хаһыат редакциятын анал бирииһинэн – “Ньурба” хаһыат 2020 сыл иккис аҥаарыгар сурутуунан наҕараадаланнылар.

Күндү доҕоттор, сэргэх сонун кэһиилээх улууспут хаһыатын кэрэхсээн ааҕыҥ, суруттарыҥ!

#нюрбинскийрайон #онлайнвикторина #улусмедиа #итогивикторины
НЬУРБАҔА ҮТҮӨЛЭЭХ СУОППАР СУОЛ ОҤОРУУТУГАР ТУС КЫЛААТЫН КИЛЛЭРЭР

Ньурбаҕа  суоллары оҥоруу тэтимнээхтик барар. Куорат иһигэр ыытыллар үлэлэргэ эбии чааһынай тэрилтэ бэйэтин баҕа өттүнэн кыттара хайҕабыллаах дьыала.

СӨ тыраанспарын үтүөлээх үлэһитэ, ыраах айан бочуоттаах суоппара, чааһынай урбаанньыт Николай Владимирович Сотников көҕүлээһининэн саҥа Новай микрооройуон ортотунан аспааллааһыҥҥа үлэ барар. Бу үлэни хардарыта аахсыы суотугар «РИК Автодор» ААУо биригээдэтэ толорор.

Николай Сотников: «Олох-дьаһах өттүгэр сайдыы барарынан, дьон уонна бэйэм да абыраныам диэн санааттан суолу оҥоттордум», – диэн кылгастык эттэ.

Бу иннинэ Николай Владимирович кырачаан оҕолорго Саҥа дьыллааҕы “Праздник к нам приходит” соһуччу  бэлэҕи оҥорбута. Бу маннык үтүө санаа атыттарга холобур буолуон сөп.

#улусмедиа #нюрбинскийрайон #ремонтдорог
НЬУРБА ДЬИИКИМДЭТИГЭР 98 СААСТААХ КЫРДЬАҔАС ОТ ОХСОР

Социальнай ситимнэргэ аҕам саастаах киһи от охсо сылдьар хаартыскаларын сэргии көрөн, «Ньурба» хаһыат кэрэспэдьиэнэ «Дьиикимдэ нэһилиэгэ” МТ баһылыга Варвара Анатольевна Сухариноваттан  чуолкайдаста, нэһилиэккэ сайыҥҥы күргүөмнээх үлэ туһунан ыйыталаста.

– Үйэтин сааһын тухары “Ньурба” сопхуос Дьиикимдэтээҕи отделениетыгар оробуочайтан саҕалаан, сылгы көрүүтүгэр бостуугунан үлэлээн кэлбит 98 саастаах үлэ, тыыл бэтэрээнэ Дмитрий Иванович Семёнов билигин да дьиэтин уһаайбатын отун хотуурунан охсор, мунньар.
Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылынан оройуон бырагырааматыгар хапсан, тыыл бэтэрээнигэр Семенов Д.И. дьиэтин өрөмүөннэтиэхтээхпит.
Дьиикимдэ нэһилиэгэр быйыл бэс ыйыгар ардах өлгөмнүк түһэн уонна эбэҕэ уу халыйан от үүнүүтэ орто көрдөрүүлээх. Нэһилиэкпитигэр кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларбыт – 43, бааһынай хаһаайыстыбаларбыт – 3. Дьиикимдэҕэ уопсайа 385 ынах сүөһү, 331 сылгы баар. Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар сорохтор окко киирдилэр,
бааһынай хаһаайыстыбалар окко киирэргэ бэлэмнэнэллэр. Быйыл окко былаан 1000 туонна.

Дьаҥ ыарыытыттан улахан оҕустарыыта суох экономиканы чөлүгэр түһэрэр туһугар дойду Президенэ Владимир Путин ыйааҕар олоҕуран улуус дьаһалтата “Күндээдэ” агрофирматтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэрбитигэр социальнай өйөбүл быһыытынан 4 саҥа төрүөх ньирэйдэри ылан биэрдилэр.

Нэһилиэккэ баар эдэр ыччат дьарыктаахтар, дуогабар быһыытынан тутууга уо.д.а. үлэлэргэ үлэлииллэр, – диэн кэпсээтэ Варвара Анатольевна, «Дьиикимдэ нэһилиэгэ” МТ баһылыга.

#нюрбинскийрайон #сенокосчики #сельскоехозяйство #новости #долгожители
НЬУРБАТТАН НАТАЛЬЯ ТРОФИМОВА КЫАЙЫЫНЫ УҺАНСЫБЫТ ДЬОНУГАР АНААН ПАННО ТИКТЭ

Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан Ньурба улууһун култуура департаменын сүрүннүүр исписэлииһэ Наталья Федотовна Трофимова таҥас кырадаһыннары тэҥнии, араас өҥү дьүөрэлии тутан, сэрии кэминээҕи олохтон кыргыһыыга барбыт чугас буойун аймахтарыгар анаан панно тиктэ.

Наталья Федотовна – СӨ култууратын туйгуна, Ньурба улууһун култууратын бочуоттаах үлэһитэ, улуустааҕы култуура департаменын тутаах үлэһитэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кини мэлдьи үлэ үөһүгэр сылдьан, улууска ыытыллар араас тэрээһиннэр көхтөөх кыттааччыта, култуура эйгэтин тэрээһиннэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ мэлдьи баар буолар.

Аммос Давыдов бырайыагынан «Оҕо кутун таттарыы», “Дьөһөгөй айыыта” паннолары тигиигэ иистэнньэҥнэргэ сүбэһит быһыытынан сылдьан тиксибитэ. Сахалыы моһуоннаах кыбытык аттарыылаах таҥастары тигэр, кылынан сэлээппэлэри өрөр. Маны таһынан маастар-кылаастары ыытан дьоҕурун, сатабылын бар дьонугар үллэстэр.

Наталья Федотовна кыайыыга анаан тикпит паннотун туһунан бу курдук кэпсиир:

– Ийэм Варвара Тимофеевна Николаева бастакы кэргэнэ Сталинград кыргыһыытыгар өлбүтэ. Аҕабар Федот Иннокентьевич Иннокентьевичка кэргэн тахсыбыта. Аҕам Курскай Дуга кыргыһыытын кыттыылааҕа, Харьков куораты босхолооһуҥҥа кыттыбыта, сэрии инбэлиитэ, кини 99 сааһыгар диэри олорбута. Оччотооҕу кэм дьон-сэргэ олоҕун, өрөгөйдөөх кыайыы үөрүүтүн ойуулаан тикпит паннобун сэриигэ кыайыыны уһансыбыт бар дьоммор аныыбын. Панном тигиллэригэр култуура департаменын салайааччыта Розалия Михайловна Тихонова сүбэлээбитэ, кэлэктиибим уолаттара эскиз уруһуйдуурбар көмөлөспүттэрэ. Бу үлэм дьаҥ ыарыы кэмигэр дьиэҕэ олоруу саҕана тигиллибитэ.

#Нюрбинскийрайон #Панно #75летПобеды #народноетворчество
Сергей Васильев-Бороҕоонускай аатын сүгэр Ньурба сынньалаҥ пааркатыгар сөргүтүү үлэтэ бара турар. 2019 сылга дойду үрдүнэн ыытыллыбыт күрэххэ кыайыылаах бырайыак буолбута. Өрөмүөн үгүс дьон болҕомтотун тардар. Нэдиэлэҕэ хаста да отчуот оҥоһулларын таһынан, манна бырайыагы оҥорбут архитектордар үлэлэһэллэр. Оттон күн бэҕэһээ паарка аспаалланна, диэн куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Соторутааҕыта Дьокуускайтан авторскай надзор кэлэн барда. Бырайыак үбүн туттуута эрэ буолбакка, хас биирдии эбийиэк ис тутула, оҥоһуллуутун хаачыстыбата хонтуруолланар. Ньурба пааркатын бырайыагын ааптара – «BAZA-14» диэн архитектурнай бюро архитектора Светлана Бугаева уонна «LETO» диэн куорат эйгэтин тутулугар үлэлэһэр киин архитектора Сергей Барахов көрдүлэр-иһиттилэр. «Билиҥҥи туругунан көннөрүллүөн сөптөөх кыра бэлиэтээһиннэр бааллар. Аан бастакыттан үлэлэспит буолан бырайыак олоххо киирэрин көрөр олус долгутуулаах уонна интэриэһинэй», – диэн архитектордар санааларын үллэстэн барбыттара. Бэҕэһээ үөрүүлээх түгэн буолла – паарка тула 1300 миэтэрэлээх аспаал ууруллан бүттэ. Аспааллааһын бүтүн бырайыак биир уустук өрүтэ буолар, онон бэлиэ күнүнэн ааҕыллар. Бу үлэни «РИК Автодор» хампаанньа Ньурбатааҕы филиала толоро сылдьар. Аспааллааһын саҕаланыаҕыттан манна куорат дьоно сүүрэн да көрдүлэр, бэлэсипиэттээтилэр даҕаны, ролигынан да хатааһылыыллар, кэлээскэлээх аҕам саастаахтары кытары сибиэһэй салгыҥҥа да сылдьар буолаллар. Бу көстүү барыта аспаал бэйэтин анал сыалын ситиһэрин көрдөрдө.

Аспаал ууруллан бүппүт күнүн сарсыҥҥы сарсыардатыгар аспаалга араас өҥнөөх уруһуй баар буолбута суол да үлэһиттэрин, үлэ хаамыытын көрө-истэ тиийбит куорат да баһылыгын олус диэн уйадытта. Тутатына Инстаграм ситимигэр таһааран, сарсыарда аҕыс чааска (сурулла сылдьар) миэлинэн уруһуйдаммыт махтал тыллаах оҕолор уруһуйдара бар дьоҥҥо үгүс үөрүүнү бэлэхтээтэ. «Бу уруһуй паарка саҥардылларын туһугар улэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо-сэргэҕэ барыларыгар ананар, маннык оҕолуу ыраас тыллар, түгэннэр тутар, оҥорор дьоҥҥо олус суолталаах уонна уратылаах буолаллар» – диэн Ньурба куорат баһылыга Александр Иванов соһуччу үөрүү туһунан этэр.

улусмедиа #нюрбинскийрайон #новости