ПАРАСКОВЬЯ ГЛАДКИНА: “ЧУРАПЧЫБЫТЫГАР ВИНОГРАД ҮҮНЭР ЭБИТ!”
Тыа сирин дьахталлара барахсаттар, кылгас сайыммытын баттаһа, туохтан даҕаны иҥнибэккэ, бэйэ-бэйэлэрин үтүктүһэн, оҕолорун, дьүөгэлэрин батыһыннарбытынан, үүнээйини олордуу кистэлэҥнэрин аһаҕастык үллэстэллэр. Инстаграм, ватсап ситимин нөҥүө ыраах, чугас олорор атын улуус алаһа дьиэ далбар хотуттарын кытары ирэ-хоро кэпсэтиһэн уопут атастаһаллар. Мин бүгүн эһиэхэ, ааҕааччыларбар кэпсиир сырдык санаалаах киһим, Одьулуун нэһилиэгин олохтооҕо, Чурапчы нэһилиэгэр бастакынан “Сахаэтнофитнес” инструктора, “Улыбка” уһуйаан социальнай педагога Парасковья Васильевна Гладкина буолар.
Винограды үүннэриигэ Сибэкки Дуунньа тирэх буолбута
Нам улууһун олохтооҕо, биллэр оҕуруотчут, “Сибэкки сиккиэрэ” кинигэ ааптара Евдокия Степановна Гаврильева-Сибэкки Дуунньа үүнээйини олордуу ньымаларын кэпсиэҕиттэн ылата мин олоҕум тосту уларыйбыта. Ол онно Чурапчыга, чуолаан Одьулууҥҥа хайаан даҕаны виноград олордон үүннэриэхтээхпин диэн бастакы кытаанах сыалы-соругу туруоруммутум (үөрэр). Дьиҥ иһигэр винограды үүннэрэр улахан уустуга суох, көннөрү төттөрү-таары көһүүтүн сатыахха наада эбит. Кыһыҥҥы бириэмэҕэ кинилэр утуйуохтаахтар, ону бэрийэр уустуктардаах, уоннааҕыта өссө кэминэн курдук. Элбэх ууну кутары ирдээбэт. Кыргыттар биир үксүн сиэмэни ылан буорга астылар даҕаны үүнэ охсон, ас бэрсэрин эрэйэллэр. Оттон виноград ол оннук түргэнник үүммэккэ, элбэх тулууру эрэйэр. Биир бэйэм бу үһүс сылбар “Кишмиш” диэн суорду олордон, астанан тахсыбытын, дьоммун-сэргэбин кытары бастакыбытын сиэтибит уонна соһуйуохпут иһин олуһун диэн астынныбыт. Наһаа минньигэс буолар эбит! Салгыы даҕаны үүннэрэргэ баҕам баһаам. Онон билигин дьүөгэм курдук саныыр Сибэкки Дуунньабар махталым муҥура суох, кини наһаа элбэххэ үөрэтэр, Саха сиригэр оҕуруот аһын олордууга саамай баай уопуттаах кини эрэ буолар.
Салҕыы Улус Медиа сайтыгар аах 👉 https://ulus.media/2020/06/28/paraskovya-gladkina-churapchybytygar-vinograd-ner-ebit/.
#улусмедиа #сахапечать #выращиваниевинограда #чурапчинскийулус #якутия

Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Парасковья Гладкина: “Чурапчыбытыгар виноград үүнэр эбит!” - Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Тыа сирин дьахталлара барахсаттар, кылгас сайыммытын баттаһа, туохтан даҕаны иҥнибэккэ, бэйэ-бэйэлэрин үтүктүһэн, оҕолорун, дьүөгэлэрин батыһыннарбытынан, үүнээйини олордуу кистэлэҥнэрин аһаҕастык үллэстэллэр. Инстаграм, ватсап ситимин нөҥүө ыраах, чугас…
ЧУРАПЧЫТТАН ТАНЯ НОВГОРОДОВА: “КУУРУССАЛАР ЭМИЭ ДЬОН КУРДУК ТУСПА МАЙГЫЛААХТАР”
Чурапчы улууһун дьаһалтата “Дьиэҕэ олор. Дьиэ кэргэн экэниэмикэтинэн дьарыктан” пилотнай бырагырааманы үлэлэтэр. Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 4 кылааһын выпускнига Таня Новгородова иитэр кууруссаларын туһунан ирэ-хоро кэпсээтэ. Кини төһө даҕаны алын сүһүөх кылааһы саҥардыы бүтэрбитин иһин, улахан киһи курдук боччумнаах, ураты көрүүлэрдээх, сырдык санаалаах кыыс буолан биэрдэ.
“Дьон ааттарынан ааттаталаабытым”
– Билигин төрдүс кылааһы бүтэрдим уонна буойун учуутал Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар туттарсан киирээри бэлэмнэнэ сылдьабын. Кууруссалары дьонум эрдэ ылан эмиэ иитэллэр этэ. Оттон быйыл биэс кууруссаны ылан көрө сылдьабыт. Маҥнай ийэм аах ыам ыйын бүтүүтэ аҕалбыттара, ол онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри бэйэм көрөн сылдьабын. Кууруссаларбын бастаан көрөөт даҕаны кыргыттар ааттарынан ааттаталаабытым, холобура, Беллалаах Клара мэлдьи бииргэ сылдьар дьүөгэлиилэр (үөрэр), Изабелла буоллаҕына түүтэ иҥин үчүгэй буолан, олус кырасыабай, Ванесса түргэн-тарҕан уонна киҥнээх майгылаах (кырбый), оттон Валя барахсан наар туора сылдьар, ардыгар кырбанар. Кууруссалар син биир дьон курдук туспа майгылаах буолаллар эбит, – диэн кэпсиир Таня.
➡️➡️➡️ https://ulus.media/2020/07/07/churapchyttan-tanya-novgorodova-kuurussalar-emie-don-kurduk-tuspa-majgylaahtar/.
#УлусМедиа #Чурапчинскийулус #Сельскоехозяйство

Чурапчыттан Таня Новгородова: “Кууруссалар эмиэ дьон курдук туспа майгылаахтар” - Ulus.Media - все главные новости из районов Якутии
Чурапчы улууһун дьаһалтата “Дьиэҕэ олор. Дьиэ кэргэн экэниэмикэтинэн дьарыктан” пилотнай бырагырааманы үлэлэтэр. Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 4 кылааһын выпускнига Таня Новгородова иитэр кууруссаларын туһунан ирэ-хоро кэпсээтэ. Кини төһө…
АЛАҔАРДАР БИИР ДОЙДУЛААХТАРЫГАР ДЬИЭ ТУТАН БИЭРДИЛЭР
Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгин биир бастыҥ уопсастыбанньыгар, ыспарсымыаныгар, уран тарбахтаах иистэнньэҥэр, култуура эйгэтигэр дьоһун кылаатын киллэрсэ сылдьар соҕотох олорор инбэлииккэ Александра Алексеевна Андрееваҕа саҥа дьиэ күлүүһэ туттарылынна. Олохтоохтор бииргэ түмсэн, дьиэ тутуутугар күүс-көмө буоллулар.
Улуу Кыайыы 75 сылыгар уонна биир дойдулаахпыт аатырбыт артиллерист Г.Д.Протодьяконов төрөөбүтэ 110 сылын көрсө, 2020 сыл Алаҕар нэһилиэгэр «75 Үтүө дьыала сыла» биллэриллэн турар. Онуоха олохтоохтор нэһилиэктэрин туһугар араас хабаннаах дьаһаллары ыыталлар.
Алаҕар олохтооҕо Александра Андреева хас эмэ сыл устата олус эргэ, хаарбах туруктаах дьиэҕэ олорон кэллэ. Ыарахаттары этинэн-хаанынан көрүстэ. Дьиэтэ өрөмүөннээһин, “Хаарбах дьиэттэн көһөрүү” бырагыраамаларыгар хапсыбат этэ.
Онуоха уустук балаһыанньаны туоратар сыалтан, нэһилиэк баһылыга Ньургун Петрович Попов саҥа дьиэни тутууга этии киллэрбитин олохтоохтор бука бары өйөөбүттэрэ. Онон саҥа канадскай технологиянан 6х6 иэннээх дьиэ аҕыйах күн иһигэр дьэндэйдэ.
Тутууну Дьокуускай куоракка олорор Алаҕартан төрүттээх И.К.Мохначевскай салайааччылаах Чыаппара уолаттара туттулар. Дьиэ акылаатын маһын ытыктыыр киһилэрэ А.С.Мохначевскай биэрдэ. Буор үлэтигэр, тэрээһэни тутууга олохтоох дьон, тэрилтэлэр эр дьоно, Александра Алексеевна үөлээннээхтэрэ кытыннылар. Кырааскалааһыҥҥа, обуойдааһыҥҥа кэрэ аҥардар үлэлээтилэр. Нэһилиэк олохтоохторо, биир дойдулаахтара харчынан көмөлөстүлэр. Онон Александра Андреева үөрүүтэ муҥура суох.
Алаҕардар куруук даҕаны баһылыктарын Нь.П.Попов тула түмсэн үтүө дьыалаҕа олус көхтөөхтүк кытталлар. Ити курдук бары түмсэн саҥа таас кулуубу дьэндэтэн олоххо киллэрбиттэринэн киэн тутталлар, астыналлар.
Бар дьоҥҥо үтүөнү баҕарыы, кыһалҕалаах кэмҥэ көмө-тирэх, өйөбүл буолуу – бу олоххо киһи буолуу үрдүк чыпчаала. Дьиҥэр, ханнык даҕаны аат-суол, харчы үтүө дьыалаҕа тэҥнэспэт.
#УлусМедиа #благотворительность #Чурапчинскийулус #новости #75лет Победы #

Forwarded from Якутия. Оперштаб
⚡️⚡️Айсен Николаев работает в Чурапчинском районе
Сегодня во второй половине дня Айсен Николаев работает в Чурапчинском улусе. Об этом сообщает пресс-секретарь главы республики Афанасий Ноев.
По словам Ноева, Айсен Николаев посетит село Улахан-Эбя. В населённом пункте Мельджехси глава встретится с работниками, задействованными на тушении лесного пожара, и местными жителями.
Также в Улахан-Эбя он проведёт совещание о ходе кормозаготовительной кампании в заречной группе районов.
#Якутия #ГлаваЯкутии #АйсенНиколаев #Чурапчинскийулус #битвазатайгу #спасемЯкутию