Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.96K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
НЬУРБАҔА ТУОС ОҤОЧО БЭРЭБИЭРКЭНИ "ТУЙГУННУК" ААСТА

К.Д.Уткин аатынан «Норуоттар доҕордоһуулара» түмэл методиһа, Ньурба улууһун норуот уус-уран оҥоһуктарын норуодунай маастара Василий Николаевич Петров өбүгэ саҕанааҕы үгэһи тутуһан, урукку матырыйаалынан оҥоһуллубут оҥочоҕо маарыннатан оҥордо. Бэрэбиэркэлээн өрүскэ киллэрэн уһуннаран көрдүлэр. Оҥочо бэрэбиэркэни «туйгуннук» ааста.
Василий Николаевич:

– Урут түмэлгэ манна маарынныыр оҥочо суоҕа. Оҥочону оҥорор эрдэттэн былааҥҥа баара. Бастаан ылсан оҥоруом иннинэ былыргы хаартыскалары көрөн, түмэлгэ баар матырыйааллары үөрэтэн көрөн туһанным. Саас талах тылларыгар талахтары иэҕэммин бэлэмнээбитим. Туос хастанар кэмигэр хастаан ылбытым. Оҥочо куорпуһун ойоҕосторун бэлэмнээн, туоһунан бүрүйэн, талаҕынан тикпитим. Үйэлээх буоллун диэн, тиит маһы туттубутум. Уһуна 3 м 20 см.

Түмэлгэ булка аналлаах сэп-сэбиргэл турар хоһугар экспонат быһыытынан туруорарга былаанныыбыт, – диэн кылгастык билиһиннэрдэ.

#улусмедиа #сахапечать #нюрбинскийулус #туосоночо #туос