НЬУРБА ДЬИИКИМДЭТИГЭР 98 СААСТААХ КЫРДЬАҔАС ОТ ОХСОР
Социальнай ситимнэргэ аҕам саастаах киһи от охсо сылдьар хаартыскаларын сэргии көрөн, «Ньурба» хаһыат кэрэспэдьиэнэ «Дьиикимдэ нэһилиэгэ” МТ баһылыга Варвара Анатольевна Сухариноваттан чуолкайдаста, нэһилиэккэ сайыҥҥы күргүөмнээх үлэ туһунан ыйыталаста.
– Үйэтин сааһын тухары “Ньурба” сопхуос Дьиикимдэтээҕи отделениетыгар оробуочайтан саҕалаан, сылгы көрүүтүгэр бостуугунан үлэлээн кэлбит 98 саастаах үлэ, тыыл бэтэрээнэ Дмитрий Иванович Семёнов билигин да дьиэтин уһаайбатын отун хотуурунан охсор, мунньар.
Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылынан оройуон бырагырааматыгар хапсан, тыыл бэтэрээнигэр Семенов Д.И. дьиэтин өрөмүөннэтиэхтээхпит.
Дьиикимдэ нэһилиэгэр быйыл бэс ыйыгар ардах өлгөмнүк түһэн уонна эбэҕэ уу халыйан от үүнүүтэ орто көрдөрүүлээх. Нэһилиэкпитигэр кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалларбыт – 43, бааһынай хаһаайыстыбаларбыт – 3. Дьиикимдэҕэ уопсайа 385 ынах сүөһү, 331 сылгы баар. Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар сорохтор окко киирдилэр,
бааһынай хаһаайыстыбалар окко киирэргэ бэлэмнэнэллэр. Быйыл окко былаан 1000 туонна.
Дьаҥ ыарыытыттан улахан оҕустарыыта суох экономиканы чөлүгэр түһэрэр туһугар дойду Президенэ Владимир Путин ыйааҕар олоҕуран улуус дьаһалтата “Күндээдэ” агрофирматтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэрбитигэр социальнай өйөбүл быһыытынан 4 саҥа төрүөх ньирэйдэри ылан биэрдилэр.
Нэһилиэккэ баар эдэр ыччат дьарыктаахтар, дуогабар быһыытынан тутууга уо.д.а. үлэлэргэ үлэлииллэр, – диэн кэпсээтэ Варвара Анатольевна, «Дьиикимдэ нэһилиэгэ” МТ баһылыга.
#нюрбинскийрайон #сенокосчики #сельскоехозяйство #новости #долгожители