Улус.Медиа | Новости Якутии
11K subscribers
62.3K photos
10.5K videos
27 files
41.7K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
Эдэр, кэскиллээх тренер Юрий Сыромятников

Үүммүт 2024 сыл Россия Федерациятыгар Дьиэ кэр­гэн сылынан, оттон Саха Ѳрѳс­пүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Онон бүгүн Хаандыгаҕа олорор эдэр тренер, тус­тууга спорт маастарыгар кандидат, хапсаҕайга спорт маас­тара, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Юрий Сыромятниковы көрсөн кэпсэттим. Юрий Сыромятников сөбүлүүр дьарыгын, ситиһии, хотторуу туһунан санааларын билсиэххэ.

https://томпонскийвестник.рф/eder-keskilleeh-trener-yurij-syromyatnikov/

#дьиэкэргэнсыла
@tompovestnik
#Дьиэкэргэнсыла

60 сыл устата бииргэ сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, биир көрүүттэн өйдөһөн, 12 оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, үлэ бөҕө быыһыгар оҕолорун иитэн, үөрэттэрэн дьоһун дьон оҥортообут сэрии тулаайахтара, Нам нэһилиэгин биир бастыҥ ыала Мария уонна Федор Егоровтар олохторун устата үстэ сыбаайбалаабыт дьоллоохтор 👏👏👏

Кинилэр олохторун туһунан толору кэпсиир "Удьуор ситимэ" кинигэни оҕолоро таһааттардылар ⭐️⭐️⭐️👍👍

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Всейсемьей #Дьиэкэргэнсыла

👨‍👩‍👧‍👦Эдэр дьон Сардааналаах Гриша ​ сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан ыал буолбуттара номнуо 10 сыл буолла. Бу сыллар тухары кинилэр тапталлара намыраабат, төптөрүтүн сылын ахсын бөҕөргөөн, күүһүрэн иһэр.​

🔅Сунтаар нэһилиэгэр олорор Чолбодуковтар 3 кыталык кыыс оҕолоохтор.
Сиһилии⤵️⤵️⤵️
https://xn--80aaaa5dcaagtfcekni.xn--p1ai/sardaana-cholbodukova-o5olorbutugar-dollooh-o5o-saahy-ba5arabyt/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
#Всейсемьей #Дьиэкэргэнсыла

👨‍👩‍👧‍👦 "Түһүлгэ" фольклор үҥкүү ансаамбылын салайааччылара Матрена Иван Лазаревтар элбэх оҕолоох эдэр ыал. Улахан уол Алмаз 5 саастаах, Лиана 3 саастаах төрөппүттэрин кытта үлэҕэ, айаҥҥа, гастролга тэҥҥэ сылдьаллар. Былырыын Алмаз "Оһуор" үҥкүүнү көрөөччү саалатыттан үтүктэрэ куйаар ситиминэн киэҥник тарҕаммыта. Билигин кыра үҥкүүһүттэр Алмаз уонна Лиана номнуо нэһилиэктэринэн гастролга айаннаһар артыыстар буоллулар. Сытыы-хотуу Лиана кыыс гастролга айаннаан иһэн "Хаһан тиийэбит?" диэн дьонун сылаппыт😅😂. Ол курдук үҥкүүлүүргэ баҕалаах оҕолор. Хомурдуостар үҥкүүлэрин толорбуттарын элбэх дьон биһирээтэ.Кырачааннар талааннарын сайыннаран үҥкүүһүт буола улааттыннар.
Мира Афанасьева

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Дьиэ кэргэн сыла
Майаҕа "ДЬОЛЛООХ ОҔО СААС" хаартан оҥоһук күрэҕэ 17 дьиэ кэргэни түмтэ


👨‍👩‍👧‍👦 Дойдуга Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас,
Майа сэлиэнньэтигэр Чөл олох сылларын чэрчитинэн олунньу 24-25 күннэригэр
"ДЬОЛЛООХ ОҔО СААС"
диэн дьиэ кэргэн икки ардыгар аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи хаартан оҥоһук күрэҕэ ыытыллар.

❄️ Майаҕа «Таала күөл» саҥа хаар паарка бастакы тэрээһинэ 17 дьиэ кэргэни түмтэ.

☃️👨‍👩‍👧‍👦 Дьиэ кэргэнинэн кэлэн сынньаныҥ, кыттааччылары өйөөҥ, саҥа паарка киэркэйэрин илэ хараххытынан көрүҥ диэн Майа сэлиэнньэтин дьаһалтата, тэрийээччилэр ыҥыраллар.

#Всейсемьей
#Дьиэкэргэнсыла
#МайаҕаЧөлолохсыла

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Майаҕа Таала күөлгэ -
«ДЬОЛЛООХ ОҔО СААС» куонкуруска дьиэ кэргэннэр чочуйбут оҥоһуктар
а 👍👏😍

❄️☃️🌤🌈❄️☃️❄️

#Всейсемьей
#Дьиэкэргэнсыла
#Оҕосаассыла
#Чөлолохсыла

@gazetaerkeii
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Радион Шарин – уус удьуорун салҕааччы

🔥🔪 Саха быһаҕа – тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр олорор эр киһиэхэ эрэллээх доҕоро, күннээҕи олоххо туттар туохха да тэҥнэммэт тэрилэ буолар. Суола үрэх сүнньүнэн урут-уруккуттан тимир уустара ууһаан-тэнийэн олорбуттар. Төһө да бириэмэ уу сүүрүгүн курдук устан аастар, төрүт удьуор быстыбат. Онно олорон билигин да тимири уһаарар дьарыктаах уолаттар бааллар.

🔨 “Тумуһахтаах” диэн сиргэ өтөхтөнөн олорон ааспыт тимир уустара, Саарыннар сыдьааннара Радион Шарин Мэлдьэхси нэһилиэгэр олорор. Талааннаах эдэр уол саха быһаҕын оҥорорун уонна ол сатабылын дьоҥҥо тарҕатарын туһунан истэн, болдьоһон баран тиийэ сырыттыбыт. Хаһаайын биһигини мастарыскыайыгар үөрэ-көтө көрүстэ. Астына-дуоһуйа оһох уотун сыралыгар кэпсэттибит. Дьэ чахчы, саханы саха дэтэр быһахтарбыт охсуллар сирдэрэ сахалыы ураты тыыннаах буолар эбит.

⚒️ Радион көмүскээбит бырайыагын уратыта диэн нэһилиэк, улуус олохтоохторун саха төрүт дьарыгар уһуйуу, баҕалаахтарга саха быһаҕын бэйэлэрин илиилэринэн оҥосторго төлөбүрэ суох  босхо үөрэтии буолар. 2023 сыл түмүгүнэн 500-тэн тахса улахан киһи, 100 оҕо куруһуок быһыытынан дьарыктанан үөрэммиттэр. Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, атын да улуустан - Амматтан, Уус Алдантан, Дьокуускай куораттан, Усуйаанаттан уонна Амурскай уобаластан тиийэ кэлэн барбыттар.

Сиһилии ⬅️

#Всейсемьей
#Дьиэкэргэнсыла

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Дэриэбинэҕэ кэлбит сиэннэрбин сылгыга чугаһатабын

🌤❄️ Сааскы уһун өрөбүл буолан, куораттан дэриэбинэлэргэ сиэннэр эбэлэригэр, эһэлэригэр кэллилэр. Үөрүү-көтүү элбээтэ.

🐎 Начаалынай кылаас оҕолорун, сиэннэрбин акка чугаһата сылдьабын. Өрөбүллэригэр аҕалтаатым. Кыыс 1-кы кылаас, уол 3-с кылаас. Кыыһа сылбырҕа, хата бэркэ сыстыах эбит. Уол сиэн мөдөөт. Дьарыктаннаҕына хайыыра буолла.
«Тириэньэрдэрэ» да тугу да билбэт, сэрэх хоту сылдьаахтыыбын. Хата, убаһабыт оҕус курдук сымнаҕас буолан абыраата 😅.
 
🗣🗣 Куорат нууччалыы тыллаах оҕолорун тута сахалыы тылга таһаара сатааһын эһээлэргэ ыарахан таһаҕас буолла. Ол гынан күнтэн күн кээрэтэн, хамсааһын баар буолсу 👍
Куорат оҕото дьиэ иһигэр тэһийэр, хамсаммат буолан аанньа аһаабат, нукаай-икээй курдуктар. Ол эрээри сааскы сылаас күн таһырдьа таһааран оонньоттоххо сэргэхсийбит, имнэрин хаана кытарбыт буолар. Ордук убаһаҕа, ньирэйгэ бэртэр эбит. Сысталлара сүр. Уолаттар, сатаан көрдөрдөххө, үлэһиттэр. Хаары таһыыга бэртээхэй көмөлөһөөччүлэр 💪

Сиһилии 👈

#Всейсемьей
#Дьиэкэргэнсыла

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from КЭСКИЛ
👩‍❤️‍👨 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла

👵👩🏼👧 Үс көлүөнэ Герой-Ийэлэр: эбээ, ийэ, кыыс. Кинилэр тэниппит халыҥ аймахтара бэйэ-бэйэлэригэр холобур буолан, олох кэскилин тэнитэллэр

https://keskil14.ru/s-k-l-ne-geroj-ijeler/

#Дьиэкэргэнсыла
#ГеройИйэлэр
#Кыайыы80сылыгар