Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.96K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
В МИРНОМ ДЕПУТАТЫ РАЙОННОГО СОВЕТА ОБСУДИЛИ СИТУАЦИЮ С КОРОНАВИРУСНОЙ ИНФЕКЦИЕЙ

Первым вопросом начавшейся XVI сессии районного Совета была ситуация с распространением коронавирусной инфекции в Мирнинском районе. Глава алмазного края Ришат Юзмухаметов вкратце доложил о нынешней обстановке.

На территории Мирнинского района развернуто семь обсерваторов общей мощностью 703 места: три в г. Мирном (в наркологическом отделении на 50 мест, в профилактории «Горняк» на 135 мест, в общежитии МПТИ на 180 мест); в больнице п. Чернышевский на 150 мест; в общежитии Айхальского ГОКа на 108 мест; в гостинице аэропорта Полярный на 30 мест; в гостинице «Юбилейная» Удачнинского ГОКа на 50 мест.

В Мирном находится два ковидных госпиталя (на 16 и 27 коек) и провизорный госпиталь на 55 коек, в Удачном ковидный и провизорный госпитали на 30 коек каждый. Есть резервное инфекционное отделение в Алмазном на 50 коек.

На предотвращение распространения коронавирусной инфекции из районного бюджета 1 млн 400 тыс. рублей потрачено на лабораторное оборудование для МЦРБ; на 600 тысяч заключен договор на проведение дезинфекции в помещениях центральной районной больницы; на сумму 1 млн 050 руб. заключен договор на приобретение реанимационного оборудования для Айхальской больницы. 700 тысяч направлено на пошив 232-х многоразовых защитных костюмов для медперсонала МЦРБ; свыше 6 млн руб. предусмотрено на организацию работы обсерватора на базе общежития МПТИ, свыше 3 млн рублей – на организацию санитарной зоны для медицинских работников. 900 тысяч ушло на приобретение средств индивидуальной защиты и дезинфектантов для бюджетных учреждений.

Подробнее читайте на сайте Улус Медиа (прямая ссылка на сайт в шапке профиля).

#сахапечать #улусмедиа #мирныйрайон #коронавирус #обусждение #СМИ #борьбаспандемией #новости #районы
МИХАИЛ ЗАХАРОВ АНЫГЫЛЫЫ ТЕХНОЛОГИЯНЫ КИЛЛЭРБИТ РЕДАКТОР БУОЛАР

Амма улууһун “Амма олоҕо” хаһыат өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас хаһыата. Ол курдук муус устарга тэриллибитэ 87 сылын туолла. Үгүс үлэлээн ааспыт редактордартан хаһыат сайдыытыгар күүскэ үлэлэспит киһинэн Михаил Захаров буолар. Михаил Васильевич Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

Михаил Захаров хаһыакка 12 сыл устата редакторы солбуйааччынан, онтон сирэй редакторынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук хаһыат үлэлээн ааспыт сылларын устатын тухары салайбыт редактордар ортолоругар саамай уһуннук алтыспыт уонна редакция үлэтигэр саҥа дьиэни, технологияны киллэрбит, республика үрдүнэн хаһыаттар салайааччылара буолан тарҕаммыт дьону иитэн таһаарбыт редактор быһыытынан билинэбит.

1990-1992 сылларга социалистическай куоталаһыы сырдатылларыгар, партийнай уонна комсомольскай тэрилтэлэр үлэлэрин эридьиэстээһиҥҥэ, уларыта тутуу саҥа хардыылааһынын матырыйаалларын хаһыат ааҕааччыларыгар тиэрдиигэ, биирдиилээн чулуу үлэһиттэр, ветераннар тустарынан сэһэргээһини быстыбакка тиэрдиигэ үлэлэспитэ. Уларыта тутуу саҕаламмытыгар хаһыат „Коммунизм тутуутуттан“ аныгы кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн „Амма олоҕо“ диэн ааттанарын ситиһиигэ сыралаһан туран оройуон Сэбиэтин сессиятыгар бигэргэттэрбитэ.

Михаил Васильевич редакцияҕа улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччынан үлэлии олорон кэлбитэ. Инньэ гынан нэһилиэк баһылыктарын кытта үлэлэһэргэ, атын хаһаайыстыбаннай да боппуруостарга уопута элбэҕэ. Онон 90-с сыллар ыарахан кэмнэрин редакция эрэллээхтик туораабыта. Үлэҕэ-хамнаска уопуттаах редактор кэлэн кэлэктииби салайан редакциябыт саҥа дьиэҕэ киирбитэ. Салгыы саҥа технология киирэн, офсетнай бэчээттиир массыына ылыллан, компьютердар атыылаһыллан, хаһыат атын сирэйдэммитэ. Маны сэргэ типографияттан арахсан, бэйэбит бэчээттиир буолбуппут.

Салҕыы Улус Медиа сайтыгар аах  👉 https://ulus.media/2020/06/29/mihail-zaharov-anygylyy-tehnologiyany-killerbit-redaktor-buolar/.

#улусмедиа #амгинскийрайон #СМИ #журналисты #Аммаолоҕо
БАҺЫЛАЙ ПОСЕЛЬСКАЙ - СПОРТ СОНУННАРЫН СЫРДАТАР ДЭГИТТЭР СУРУНАЛЫЫС

Бүгүн аан дойду үрдүнэн спортивнай суруналыыстар күннэрэ бэлиэтэнэр. Сахабыт сиригэр спорду таптааччылар, киэҥник сырдатааччылар үгүстэр. Бары ураты талааннах дьон буолаллар. Олортон биирдэстэрэ спорт эйгэтигэр биллэр, ытыктанар киһи – Баһылай Посельскай.

“Спорт Якутии” буруолуу сылдьар бүгүҥҥү сибиэһэй нүөмэрин арыйталаан, оҕолор сайыҥҥы спортивнай лааҕырдарын туһунан бэрт сэргэх суруйууга хараҕым хатанна. Ис иһиттэн киһи тартаран ааҕар буолан, бэл оҕолор буһа-хата дьарыктаналларын өйбөр ойуулаан көрдүм. Ыстатыйаны биллэр спортивнай суруналыыс Баһылай Посельскай сурукка тиспит.

Баһылай Посельскай кус быһыйдар, ат бөҕөлөр уҥа-хаҥас бырахсалларын, эгил-тэгил эрийсэллэрин Саха араадьыйатыгар чуор куолаһынан кэпсээн-ипсээн бардаҕына киһи эрэ  күүрээннээх күрэхтэһиигэ сылдьар курдук сананар, спорка талаһар. Баһылай оннук ис иһиттэн сөбүлээн, умсугуйан ханнык да спорт күрэҕин көтүппэккэ бар дьоҥҥо сырдатар. Саха араадьыйатыгар 1998 сылтан спорт суруналыыһын быһыытынан үлэтин саҕалаабыта. Бастаан утаа  нэдиэлэҕэ 1-2 биэриини ыытара, билигин биэстэ эпииргэ тахсан кэпсиир. 22 сыл эттэххэ дөбөҥ, төһөлөөх элбэхтэ спорт далааһыннаах түһүлгэлэриттэн “Спорт сонуннарын сырдатта Баһылай Посельскай” диэн сэргэх саҥаны истибиппит буолуой?

Кини үс олимпиадаҕа баран репортажтары оҥорбута, аан дойду, Европа, Бүтүн Арассыыйатааҕы чемпионаттары, турнирдары уу хараҕынан көрөн, спортсменнары, тренердэри кытта кыайыы үөрүүтүн үллэстибитэ. Хотторуу хомолтотун билэн салгыы хайдах дьарыктыахха диэн ырыппыта  уонна кэпсии-ипсии, хаһыакка суруйа, спорт министиэристибэтин сайтыгар киллэрэ олорор. Сахалыы эрэ буолбакка, нууччалыы эмиэ биэриилэри, матырыйаллары бэлэмниир дэгиттэр киһи.

Салҕыы Улус Медиа сайтыгар аах 👉👉https://ulus.media/2020/07/02/ba-ylaj-poselskaj-sport-sonunnaryn-syrdatar-degitter-surunalyys/.

#деньспортивногожурналиста #сми #улусмедиа #спорт