Улус.Медиа | Новости Якутии
10.9K subscribers
62.6K photos
10.6K videos
27 files
41.8K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
ҮӨҺЭТТЭН ҮӨТҮҮЛЭЭХ, АЙЫЫЛАРТАН АЙДАРЫЫЛААХ УУС АЛДАН АЛГЫСЧЫТТАРА

Сайын кэлбитин бэлиэтиир үрүҥ тунах Ыһыах тэрээһиннэрэ өрөспүүбүлүкэ, дойду үрдүнэн уустук эпидемиологическай балаһыанньа туран, кэтэхтэн ыытыллаллар. «Сахабэчээт» иһинэн биллэриллибит «Сахабыт сирин алгысчыттара» флешмобу өйөөн, “Үлэ күүһэ” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Уус Алдан улууһун дэгиттэр алгысчыта Иван Бурцевы уонна эдэр алгысчыт Айаал Аргуновы кытта кэпсэттэ.

Уһун Күөл бөһүөлэгин олохтооҕо Иван Иванович Бурцев дэгиттэр киһи. Кини сатаабатаҕа диэн суох. Билигин 78 сааһыгар барбыт кырдьаҕас ыҥырыыга сылдьар алгысчыт, мастан, тимиртэн уһанар СӨ норуодунай маастара, Саха өрөспүүбүлүкэтин оһуохай уопсастыбатын чилиэнэ, “Үтүөлээх этээччитэ”, ырыа айар толорооччу быһыытынан СӨ ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Кини 67 сааһыгар СГУ төрүт култууратын салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит, сааһын тухары 40-ча сыл учууталынан үлэлээбит педагогическай үлэ, сцена бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, I Өспөх, II Байаҕантай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, олох үөһүгэр сылдьар аҕа, эһэ, хос эһэ. Кини туһунан улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар үгүстүк бэчээттэммитэ, тэлэбиидэнньэ элбэхтик сырдаппыта. Уйбаан Уйбаанабыс бэйэтин дэгиттэр дьоҕурунан, уостубат эдэрдии эрчиминэн эргиччи холобур буолар киһи, киниттэн ыччата, дьоно-сэргэтэ элбэххэ үөрэнэр. Оттон алгысчыт быһыытынан хайдах кини суола арыллыбытын туһунан бэйэтин кытары кэпсэтиибит бу курдук буолла.

– Уйбаан Уйбаанабыс, эн бэйэҥ сахалыы эйгэлээҕиҥ уонна айылҕаттан бэриллибит эргиччи дьоҕуруҥ, култуура үөрэхтээҕиҥ алгысчыт буолан иитиллэн тахсыыгар сирдээбит буолуохтаах?

– Кырдьыга оннук. Киһи бу сиргэ туохха эрэ анаан айыллан кэлэр, бэйэтэ ирээттээх, суоллаах-иистээх дии саныыбын. Мин баччаҕа диэри үлэм-хамнаһым, дьоҕурум алгыстыыр аналбар сирдээн аҕалбытын, анаан айыллан кэлбит ыйааҕым диэммин кэлин ордук итэҕэйэр буоллум. Ол гынан баран, онуоха киһи бэйэтин бэйэтэ салайынан, туохха дьоҕурдааҕынан, баҕатынан сайыннаран, сирдэтинэн үөрэниэхтээх, ииттиниэхтээх. Миигин урут бастаан Тиит Арыы бөһүөлэгэр учууталлыы сырыттахпына Дмитрий Бысыин ыһыах алгыһын сиэрин-туомун толор диэн көрдөспүтэ. Онтон ыла бэйэбэр чугастык санаан, бу эмиэ идэ эбит, ким эрэ манан дьарыктаныахтаах диэммин ыҥырыынан сылдьан алгыстыыр буолбутум быйыл 27-с сыла буолла.

Читайте продолжение материала на сайте Улус Медиа по ссылке https://ulus.media/2020/06/20/etten-t-leeh-ajyylartan-ajdaryylaah-uus-aldan-algyschyttara/.

#сахапечать #улусмедиа #новости #устьалданскийрайон #алгысчыттар