Улус.Медиа | Новости Якутии
10.9K subscribers
63.1K photos
10.7K videos
27 files
42.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Номер заявления на регистрацию канала в РКН № 4999650995

Улус.Медиа
@ulusmedia

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Таатта улууһун А.И.Софронов - Алампа аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолата Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах өрөгөйдөөх күнүн көрсө эҕэрдэлиир!

#тааттахаһыат
#1школа
Forwarded from Газета "Таатта" (Елена Слепцова)
# Биһиэхэ суруйаллар

🥒🥬🫑Туһа киһитэ 3 саастаах Айаал Ноенохов көмөтө сүр.

#тааттахаһыат #чычымах #оҕуруот
Forwarded from Газета "Таатта" (Елена Слепцова)
Сайын үгэнэ

🌱🌱🌱Отчут-масчыт тыа дьоно бу кэмҥэ туттумахтаан хаалар былдьаһыктаах күннэрэ тураллар.
🌱🌱🌱Ол сиэринэн Чычымах ходуһаларыгар бугуллар кэчигирэһэллэр, кэбиһиилэр түстэнэллэр. Кыралыын-улаханныын куйаас күнү-дьылы баттаһа, от үлэтин түргэнник бүтэрэр-оһорор мөккүөрдээхтэр.

#тааттахаһыат #чычымах
Forwarded from Газета "Таатта" (Елена Слепцова)
Биһиги общественнай корреспондеммыт Анатолий Мурунов Москва куораттан Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах ыһыахха сылдьан «Тымныы Полюһуттан —Москваҕа" саха сылгытынан айан кыттыылаахтарын кытта Дугуйдаан Винокуровы уонна Мичил Неустроевы чиэстээһинтэн үллэстэр.

#тааттахаһыат
Forwarded from Газета "Таатта" (Елена Слепцова)
🎃🎃🎃24,5 киилэ ыйааһыннаах тыква олордубут ыал

Таатта нэһилиэгин ытык ыала, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Семейная доблесть» хаһаайыттара Тамара, Афанасий Бояровтарга ыалдьыттаан, «дьэ кырдьык биһиги да сирбитигэр тыква үүнэр эбит” дии санаатым.

Сиһилии ➡️ https://таатта.рф/article/68038

#тааттахаһыат
Forwarded from Газета "Таатта" (Елена Слепцова)
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🍓🍓🍓Сайыны уһатар дыргыл сыттаах дьэдьэн өссө да аһын биэрэ сытар. Көрүөххэ, сиэххэ минньигэһин.

#тааттахаһыат
Forwarded from Газета "Таатта" (Аграфена)
«Сыл тахсар оппутун улуус сириттэн булунуохпут...»

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ билиҥҥи кэмҥэ саамай тирээн турар сорукпутун - оттооһуну быһаарсарга киэҥ ыҥырыылаах агросэбиэт мунньаҕа буолла. Нэһилиэктэр баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын специалистара ыҥырыллыбыттар эрээри, хомойуох иһин, бука бары кэлбиттэр диир кыаллыбат. Сорохтор айаннаан иһэллэр диэн буолбутунан бастаан үүтү туттарыы туһунан кэпсэтии буолла. Бу боппуруоска балаһыанньаны тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай экономиһа Г.С.Кычкин билиһиннэрдэ. Кини иһитиннэриититтэн бэлиэтээтэххэ кэтэхтэр 25 т үүтү туттарбыттар, бырыһыаныгар таһаардахха 85 %, былырыын 38 т үүтү 10-нуу солк. туттарбыттара, быйыл 20 солк. буолбутугар кыччаабыт курдук, итини Гаврил Сергеевич сорох кэтэхтэр бааһынай хаһаайыстыбаҕа көһөн биэрбиттэрэ диэн быһаарда. Октябрьскай, Амма, Дьүлэй, Игидэй, Баайаҕа нэһилиэктэрэ былааннарын 90% үөһээ туттаран олороллор, атыттар эрэллээхтик толоробут дииллэр.

Сиһилии⬇️⬇️⬇️

Сайтка
https://таатта.рф/article/68259

#тааттахаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Игидэй нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбата сайдыытыгар сыратын уурбут "Куобахай" хаһаайыстыбаны күн бүгүҥҥэ диэри тигинэччи үлэлэтэн олорор Виктор Филиппович Марков ынах-сүөһүнү хомус баайан эбии аһаппыта ыраатта.

Кини этэринэн күөл хомуһугар эбиэс бурдук састааба баар.Сүөһү олус сөбүлээн хамаҕатык сиир.

Хомус,баайыы технологиятын кэпсии-кэпсии көрдөрөр.
Үөрэнин, тускутугар туһанын.

Варвара Ефимова.
#тааттахаһыат#Хомус баайыытыгар сүбэ.
Forwarded from Газета "Таатта" (Таатта Редакция газеты)
«Дьоһун” бэкээринэ күҥҥэ 200 килиэби астыыр
(📹ВИДЕО)

Улуус киинигэр “Дьоһун” бэкээринэ 2017 сылтан үлэлэтин саҕалаабыт.

Анастасия Дмитриевна, Константин Иннокентьевич Толстяковтар дьиэ кэргэн бэйэлэрин дьыалаларын 2015 сылтан бастаан кафе аһан саҕалаабыттар. Онтон 2017 сылтан кулинария аспыттар, билигин бэкээринэ буолан үлэлии хамсыы олороллор.

Сиһилии ➡️➡️➡️: https://таатта.рф/article/69810

#тааттахаһыат
🍂Дугуйдан Винокуров Тааттаҕа сырыыта

🍂Таатта улууһун киинигэр Саха АССР төрүттэммитэ 100, Таатта улууһа тэриллибитэ 110 үбүлүөйдээх сылынан «Көмүс күһүн-2022» атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар биир үөрүүлээх көрсүһүү буолла. Өймөкөөнтөн Москубаҕа диэри, 2021 сыл кулун тутар 5 күнүттэн удьуор сылгыһыт, айанньыт, Хаастаах уонна Хонор саха аттарынан Арассыыйа 17 эрэгийиэнин уҥуордаан, 11000 км сири айаннаан, 1 сыл 4 ыйынан кэлбит Дугуйдан Винокуровы кытары Былатыан Ойуунускай скверигэр сылаас истиҥ көрсүһүү буолла.

Сиһилии➡️➡️➡️:

https://таатта.рф/article/72220

#тааттахаһыат

@ulusmedia
Forwarded from Газета "Таатта" (Warwara)
🧊Таатта улууһугар Чөркөөх музейа тэриллибитэ 45 сылыгар сөп түбэһиннэрэн, саха киэн туттар уола Дугуйдаан Магадаҥҥа айаныгар былыргылыы уонна аныгылыы тигиллибит сахалыы таҥаһы кэтэн барар баҕалааҕын кэпсэппитин сакаастыы кэлбитигэр музейга баар таҥастары кэтэрдэн көрдөрбүттэр.

🧊Дэбдиргэ, Туора Күөл, Ытык Күөл иистэнньэҥнэрэ норуот маастардара - Туора Күөлтэн Изабелла Элякова , Ытык Күөлтэн Клара Читаева, Уолбаттан маастар Басова тикпит таҥастара Дугуйдааҥҥа оруобуна буолбут.

🧊Ол курдук өр кэм дьаныардаах үлэнэн тигиллибит саһыл истээх сон, саҕынньах, куруму этэрбэс уонна да атын таҥастар хас да сыллааҕыта музейга экспонат буолан, дьон көрүүтүгэр туран улаханнык сөхтөрөр.

🧊Таҥастар олох урукку дьиҥнээх матырыйааллартан, чубуку, таба тириилэриттэн тигиллибиттэрэ кэрэхсэбили тардар.

#тааттахаһыат
#ватсапситимиттэн