Хатас нэһилиэгэ күнтэн күн тэнийэн, кэҥээн иһэр. Дьон көһөн кэлэр, дьиэ-уот туттан сөбүлээн олохсуйар. Ол иһин табыгастаах олорор усулуобуйаны тэрийиигэ балачча улахан болҕомто туһаайыллан, былааннаах үлэ барар. Биир оннук сөптөөх дьаһалынан “Хаачыстыбалаах айан суола» федеральнай тосхолго кыттан, уулуссалары саҥардыы буолар.
Дьиҥэр Хатас бөһүөлэгин киин суоллара олохтоохтук оҥоһуллан, аспаал тэлгэтиллэн турар. Ол гынан баран айан-сырыы элбээн, массыына хойуутук субуллан итиэннэ күн-дьыл ааһан ол 40-ча сыллааҕыта оҥоһуллубут уулуссалар онон-манан оҥхойдонон, эрийэ-буруйа түһэн айанньыттарга, суоппардарга соччото суох буолла.
Ити иһин бу сайын Аржаков итиэннэ Совхознай уулуссаларга икки биэрэстэ устатын тухары аспаал уурулунна. Үлэни “РИК АВТОДОР» тэрилтэ сүрүннээн, бары ирдэбили тутуһан ыытта, аны суол бэлиэлэрэ туруоруллара хаалла.
“Үчүгэй суолга массыына бэйэтэ барар, көлүөһэтэ биир кэм эргийэр» диэччилэр. Ол биллэн туран олус сэрэхтээх, ордук оҕо-аймах сылдьар аартыгар, мустар сиригэр. Итинтэн сиэттэрэн музыкальнай оскуола итиэннэ култуура дьиэтин иннигэр икки сиринэн анаан кыра үрдэли оҥордулар. Суолу саҥардыыны таһынан Хатас нэһилиэгэр бу күҥҥэ уот ситимин тардыы үлэтэ тэтимнээхтик барар.
“Горсвет“ тэрилтэ электриктэрэ Шараборин уулуссатын устатын тухары саҥа лаампалары иилэн, бөҕө кабель ситими тардыахтаахтар. Салгыы Каландаришвили уулуссатын 30 нүөмэрдээх дьиэтиттэн 114-гэр диэри эмиэ сырдыаҕа. Петров уулуссатын иккис дьиэтиттэн сүүрбэ иккитигэр диэри хараҥаҕа эрэйдэммэккэ сылдьар буолуохтара. Ону тэҥэ Малгин итиэннэ Совхознай уулуссалара олохтоохтор биир эмиэ туруорсар боппуруостара быһаарыллыахтаах.
Хатаска уоту тардыы алтынньыга бүтүөхтээх. Бу үлэ Дьокуускай уонна Хатас нэһилиэгин хааһыналарыттан үбүлэнэн барар. Маны таһынан Хатаска бу сайын түөрт тыыл бэтэрээнин дьиэтигэр толору хааччыллыыны киллэрдилэр. Кырдьаҕас дьон онон ууну-хаары дэлэччи туттар буоллулар, душ, суунар сир, туалет оҥоһулунна. Билигин бэдэрээттэспит тэрилтэ кыра бытархайдары ситэрэр. Аҕам саастаах дьоҥҥо усулуобуйаны тэрийии социальнай көмүскэлгэ министиэристибэ республикатааҕы бырагырааматыгар олоҕуран ситэр-хотор.
#улусмедиа #нацпроекты #хатассы