Улус.Медиа | Новости Якутии
10.7K subscribers
58.6K photos
9.96K videos
27 files
40.1K links
Новости из районов Республики Саха(Якутия) и города Якутска

Ulusmedia
Ulus.Media
@ulusmedia
Улус Медиа

📪 Для связи: @ulusmedia_admin

✉️ Сотрудничество и реклама: +7 914 271‑07‑05

🤖 Бот: @Ulus_Media_bot
Download Telegram
Forwarded from Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү" (Изабелла Сыбахова)
#бэлиэкүн
Бүгүн муниципальнай болуоссакка муус устар 26 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө 🌞ҮҮНЭ ЧЭЧИРИИ ТУР САХАМ СИРЭ🌞 диэн улуус киинин оскуолаларын миитинэ үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Оҕолор сахалыы таҥнан Саха сирин туһунан хор ырыатын үрдүк трибунаттан ыллаатылар.
Быйылгы үөрэх дьылын араас тэрээһиннэргэ бастыҥнары, кыайыылаахтары уонна үөрэххэ, олимпиадаларга үрдүк ситиһиилээх үөрэнээччилэри чиэстээтилэр.👏👏👏👏

Миитин улуустааҕы үөрэх салаатын управлениета көҕүлээһининэн ыытылынна.

#Үөһээбүлүүхаһыат
Forwarded from Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү" (Кристина Семенова)
#бэлиэкүн #республикакүнэ

⭐️ Бүгүн Боотулуу нэһилиэгэр Саха Автономията төрүттэммитэ 101 сылыгар, Саха өрөсбүүбүлүкэтин саҥа конституцията ылыныллыбыта 31 сылыгар, судаарыстыбаннай уонна бэлэтиичэскэй диэйэтэл И.Н.Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан ыҥыырдаах аттарынан сэлэлээн хаамыы буолан ааста.

Уопсайа 20 атынан, ол иһигэр 8 оскуола оҕолоох хаамтарыы буолла. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги нэһилиэккэ муус устар 27 күнүгэр, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр, иккис сылын аттар хаамтылар.

Боотулуу нэһилиэгин баһылыга Петр Саввинов

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү" (Изабелла Сыбахова)
#оҕолор #бэлиэкүн
❤️🕊🕊🕊🕊🕊🕊🕊❤️
Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх «Ньургуһун» оҕо уһуйаана Күөх маайы көрсө иитиллээччилэрин кытта урукку открыткалары саҥа тыыннаан хаартыскалаабыттар
🤗😍😍😍👏👏👏👏👏

#Үөһээбүлүүхаһыат
Forwarded from Газета "Таатта" (Редакция газеты "Таатта")
#Бэлиэкүн

Саха омук Улуу тустууга - Александр Иванов

Сиһилии ⬇️⬇️⬇️ күөҕү баттаан аах.

Ulus Media Сайткаhttps://таатта.рф/article/97970

@gazetataаtta @UlusMedia
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

👏 Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханыгар Айсен Николаевка истиҥ эҕэрдэ!

Бүгүн өрөспүүбүлүкэбитигэр икки төгүл үөрүүлээх бэлиэ күн. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын уонна аҕа баһылык Айсен Николаев дуоһунаһыгар киирэр күнэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бүттүүн биир сомоҕо күүс оҥорор, инникигэ эрэли саҕар, балысхан сайдыыга түстүүр.

Уус Алдан улууһун олохтоохторун ааттарыттан Мүрү нэһилиэгин олохтоохторо Иван Тордуянов, Изабелла Аманатова, Найахы нэһилиэгин олохтооҕо Василий Федоров ис сүрэхтэриттэн эҕэрдэлэрин уонна баҕа санаа бастыҥын аныыллар.

Маны сэргэ, Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын 8 "а" кылааһын үөрэнээччитэ Айсен Николаевы кытта сирэй көрсөн билсибит Айхал Неустроев үөрүүтүн сэмэйдик үллэстэр, долгуйар.

Айхал былырыын сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан Ил Дарханы Айсен Николаевы кытта көрсүөн, билсиэн баҕарарын туһунан сурук суруйан турар. Улуус биир бастыҥ үөрэхтээх, актыыбынай ыччатын баҕа санаатын толорон, Айсен Сергеевич Уус Алдан улууһугар Бороҕоҥҥо ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын үөрүүлээх арыллыытыгар ыҥырыы ыытан көрсүбүтэ. Бу Айхал саамай долгутуулаах уонна умнуллубат бэлиэ түгэнэ буолбута. Итиэннэ хайаатар да эҕэрдэтин тиэрдэр соруктааҕа хайҕаллаах.

🎥 ✍️Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү" (Валентина Догоюсова)
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Бэлиэкүн

Уһулуччулаах политическай деятель, саханы саха дэппит Исиидэр Бараахап сырдык аата, үтүө өҥөтө үйэлэргэ умнуллубат!

#үөһээбүлүүхаһыата
Forwarded from Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү" (Кристина Семенова)
#бэлиэкүн

⭐️ Валерий Николаев улуус баһылыгын дуоһунаһыгар үктэнэр, солотун сүгэр андаҕарын эттэ.

Улуус олохтоохторун интэриэһин өрө тутан, Үөһээ Бүлүү сайдарын туһугар сыратын ууран туран үлэлиэм диэн эрэннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uoheebuluu
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🙏Алтынньы 22 күнэ – Ийэ дойдуларын иһин Аҕа дойду сэриитин хонуутугар охтубут буойуннар сырдык ааттарыгар анаммыт ҮРҮҤ ТУРУЙА күнэ.

Бу бэлиэ күн олохтонуутугар Дагестан норуодунай суруйааччыта Расул Гамзатов оруоллаах. Кини ''Журавли'' диэн ырыа буолбут хоһоон ааптарын быһыытынан биллэр. Кавказка орто дойдуттан арахпыт дьон үрүҥ туруйаларга кубулуйалларын туһунан өйдөбүл баар. Ол иһин духуобунас, поэзия үрдүк аатыгар, ону тэҥэ сэриигэ өлбүт буойуттар сырдык кэриэстэригэр 2009 сыллаахха ЮНЕСКО Үрүҥ туруйа аан дойдутааҕы күнүн олохтообута.

Бу көтөр элбэх норуокка эйэни, сырдыгы кытта ситимнээх.
Холобур, Японияҕа үрүҥ туруйа уһун үйэни, Кытайга – өлбөт үөһү, христианскай итэҕэлгэ үтүө быһыыны кэрэһилиир.

Айылҕа маанылаах көтөрүн – үрүҥ туруйаны – харыстааҥ! Кинини түбэһэн көрүүнү сырдыгы, кэрэни, үйэлээх олоҕу кытта ситимнээҥ.

✍️ Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🕯Алтынньы 30 күнэ – политическай репрессия сиэртибэлэрин кэриэстиир күн.

Бу күнү сымыйа балыыртан хаайыы дьылҕаламмыттар бэйэлэрэ туруорсубуттара. 1991 сыл алтынньы 18 күнүгэр РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан анал күн бигэргэммитэ. ХХ үйэ бастакы аҥаарыгар дойду үрдүнэн ыытыллыбыт политическай хамсааһыннар мөлүйүөнүнэн киһини ''норуот өстөөҕө'' оҥорон, хаайыыга умса аспыттара, быстах дьылҕалаабыттара. Ити долгуҥҥа салайааччылартан, айар интеллигенцияттан саҕалаан, боростуой колхуостаахха тиийэ араас араҥа түбэһэн, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ эмиэ олох дьолун билбэтэхтэрэ. Репрессия тыына бүтүн норуоттары хаарыйбыта. Өлүү-сүтүү кэмэ суох элбэҕэ, үүрүү-үтүрүйүү улахана. Ол бааһа күн бүгүн даҕаны оһо, дьарҕата ааһа илик.

Саха сиригэр репрессия хаарыйбыт ыала, аймаҕа аҕыйаҕа суох. Бүгүн – бу ыар дьайыы сиэртибэлэрин кэриэстиир күн. Устуоруйа суураллыбат, киһи умнуллубат!

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

🚩 Сэтинньи 7️⃣ күнэ сэбиэскэй кэм дьонун өйүгэр-санаатыгар бэлиэ күнүнэн дириҥник иҥэн сылдьар.

🚩 ''Сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүгэр...'' диэн ырыа тылыгар этиллэринии, 1917 сыл сэтинньи 7 күнүгэр үлэһит норуот революцияҕа турунан, ыраахтааҕылаах былаас суулларыллан, саҥа олох өрөгөйдөөбүтэ.

🚩 1918 сылтан Өктөөп революциятын күнэ бүттүүн сэбиэскэй норуот бырааһынньыгынан биллэриллибитэ. Бу күн дьон-сэргэ өрө көтөҕүллэн, миитиҥҥэ мустара, парааттаан хаамара. Маҕаһыыҥҥа ас мааныта атыыга тахсан, дьиэ аайы бырааһынньык остуола тардыллара.

🚩 1992 с. союз ыһыллыытыгар ити күн Байыаннай Албан Аат, 1995 сыл Сомоҕолоһуу күнүнэн биллэриллибитэ. Ол да буоллар, аҕа саастаах көлүөнэ дьон Өктөөп бырааһынньыгын син биир бэлиэтииллэр.

🚩 Улуу Өктөөп революциятыгар ураа, табаарыстар!

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM