БЭРДЬИГЭСТЭЭХ УОПСАЙ ДЬИЭТИН ОЛОХТООХТОРУН ИЛ ДАРХАН ХАЙҔААТА
Горнай улууһун “Үлэ күүһэ” хаһыат Үрүҥ Тунах Ыһыах күнүн көрсө «Ыһыах мааны тиэргэнэ» хаартысканан күрэҕи ыытта.
Бэс ыйын 15-21 күннэригэр Инстаграм ситимигэр ыытыллыбыт сонун күөн күрэскэ сааһыттан тутулуга суох улуус олохтоохторо, тэрилтэлэрэ, түөлбэлэрэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Усулуобуйа быһыытынан дьиэ кэргэттэр сахалыы мааны таҥастарын таҥнан-симэнэн, тиэргэннэрин иһигэр, сибэккилэрин, оҕуруоттарын, клумбаларын таһыгар хаартыскаҕа түһэн баран инстаграмнарыгар таһаардылар. Бэрдьигэстээх, Мытаах, Маҥаны, Кировскай нэһилиэктэрин күөҕүнэн чэлгийбит, сибэккинэн симэммит сахалыы куттаах тиэргэннэрин хаартыскалара куйаар ситимигэр тарҕаннылар.
Ол курдук Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин Березовая уулусса элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо бу куонкуруска эрдэттэн оҥостон, таҥас-сап, ас-үөл эгэлгэтин бэлэмнээн, анаан-минээн идэтийбит фотограбы ыҥыран хаартыскаҕа түспүттэрэ киэҥ сэҥээриини ылла.
Кинилэри бэйэтин страницатыгар Ил Дархан кытта бэлиэтээтэ. «Березовая 7/1 уопсай олохтоохторо сахалыы симэнэн, бииргэ түмсэн дьиэҕэ ыһыахтыырга бэлэммит. Дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ хас биирдиибитин түмэр», – дииллэр дьиэ олохтоохторо.
“Үлэ күүһэ” хаһыат айар кэлэктиибэ кыайбыт тиэргэҥҥэ сахалыы Ыһыах аһын нобуорун (үтэһэлээх эт, быырпах, үрүҥ уонна бурдук ас эгэлгэтэ) туттарыаҕа.
#улусмедиа #сахапечать #новости #горныйулус #якутия #ысыах #Үлэкүүһэ