СОМОРСУҤҤА ЫЧЧАТ СҮӨҺҮНҮ ТУТАР САЙЫЛЫК ҮӨРҮҮЛЭЭХТИК АҺЫЛЫННА
Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр ыччат сүөһүгэ анаммыт сайылык үөрүүлээхтик аһылынна.
Соморсун сирин-уотун биир кэрэ сиригэр, Дьаллаан алааһыгар ынах сүөһүгэ буолбакка, ыччат сүөһүнү сайылатар сайылык баар буолла.
Манна кыттыыны Амма улууһун баһылыга Николай Архипов, СӨ Агроплемхолбоһук салайааччыта Алексей Жирков, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта, баһылыгы тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччы Ион Кононов, Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Кононов, хаһаайыстыба салайааччылара ыллылар.
“Бу өрөспүүбүлүкэҕэ ыччат сүөһүнү төлөһүтүү пилотнай бырайыак бастакы эбийиэгэ буолар. Ол курдук биһиги СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр этии киллэрэн, ыччат сүөһүнү туспа көрөн, урукку курдук туспа салааны тутан иитэн эрэбит. Манна бары өттүнэн табыгастаах, аһылыгынан толору хааччыйыан сөп „Соморсун“ хаһаайыстыбата ылсыбыта. Ол курдук оттуур сирдээх, сенаж бэлэмниир, бурдук да үүннэрэр. Онно саҥа салайааччы, олохтоох киһи Петр Николаевич Андросов бэрэссэдээтэлинэн ананна. Былырыын пилотнай бырайыагынан күһүн 200 ыччат сүөһү киирэр саҥа хотоно тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Онно этэҥҥэ кыстаабыттара. Сайылык титиигин Алексей Караканов салайааччылаах олохтоох биригээдэ тутан киллэрдэ. Манна үлэһиттэр икки дьиэнэн олороллор. Биригэдьиир – Анна Николаевна Чемезова“, – диэн кэпсээтэ кылаабынай зоотехник Спиридон Капитонов.
Үөрүүлээх аһыллыыга сахалыы сиэринэн аал уот оттуллунна, алгыс тыла этилиннэ. Тутууну ыыппыт бастыҥ үлэһит дьоҥҥо наҕараадалар туттарылыннылар.
#УлусМедиа #новости #Амгинскийулус #сайылык

МУКУЧУГА «САЙЫЛЫК» КЭПЭРЭТИИП ҮЛЭ ҮӨҺҮГЭР СЫЛДЬАР
Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр эти-үүтү оҥорон таһаарар биир сүрүн тэрилтэнэн Дьяконов Петр Аркадиевич бэрэссэдээтэллээх СХПК МТС “Сайылык” буолар. Сайыҥҥы ыйдарга үлэ-хамнас, окко киирэргэ бэлэмнэнии туһунан тыа хаһаайыстыбатын саламтатын исписэлииһэ Гаврильева Анна Алексеевна сэһэргээтэ:
“Кэбээйи улууһугар от үүнүүтэ быйыл орто диэххэ сөп. Киэҥ нэлэмэн ходуһалаах алаастар Чымаадай, Чиҥнээни, Дьиикимдэ үүнүүлэрэ үчүгэй дииллэр. Сорох чааһынай дьон окко киирэн эрэллэр. Чымаадайга оттооччулар бэйэлэрэ кыттыһан суолларын-иистэрин оҥоһуннулар.
СХПК МТС “Сайылык” быйыл оттуур ходуһатын Дьиикимдэни 13 килэмиэтири күрүөлээтэ. Бу күннэргэ окко бэлэмнэнии, тиэхиньикэ өрөмүөнүн үлэтэ бара турар.
Ону сэргэ сүөһүнү-аһы көрөр үлэһиттэр Көтөх Бэрэҕэ бэс ыйыгар, Ньукуолун иннинээҕи күн тахсыбыттара. Үс ыанньыксыт, икки ньирэй көрөөччү, биир бостуук уонна зоотехник бары сайылыкка бааллар.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар эдэр дьон кэлэн үлэлиир буолла. Ол курдук, биригэдьиир – Ноговицын Василий Леонидович, зоотехник – быйыл үөрэҕин саҥа бүтэрбит эдэр исписэлиис Полятинский Айхал Вячеславович, бостуук – үөрэҕин быыһыгар сайын кэлэн үлэлии сылдьар устудьуон Дьулустан Ноговицын. Үрүҥ илгэни сыа-сым курдук тутар эппиэттээх үлэһиттэр, асчыттар – Харитонова Саргылана Ивановна, Иванов Рустам Прокопьевич. Үүтү күҥҥэ алта центнер курдугу туттараллара, үөн-көйүүр түһэн арыый аччаата”.
Бэлиэтээн эттэххэ, СХПК МТС “Сайылык” 2014 сыллаахха от ыйын 14 күнүгэр тэриллибитэ. Билигин кэпэрэтиипкэ уопсайа 262 төбө, ол иһиттэн 120 ынах, 69 быйылгы ньирэй, 73 субай бааллар.
Биллэрин курдук, Саргылаах Сахабыт сиригэр от-мас үүнэн, силигилии ситэр кэмэ – самаан сайын барахсан. Биир күн дьылы аһатар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Уйгу быйаҥы сомсор, олорон турбакка түбүгүрэр былдьаһыктаах от ыйыгар «Сайылык» тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтиибин үлэһиттэрэ сыл тахсар отторун бэлэмниир, үрүҥ илгэни дэлэтэр үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьаллар. Сыһыы-хонуу муҥунан хороҕор муостааҕы холбооттоон, сыспай сиэллээҕи сырыырҕатан, өбүгэбит үтүө үгэһин салгыы сайыннарар туһугар күннэтэ сыралаһаллар.
#УлусМедиа #Кобяйскийрайон #сайылык

🍃 Якутяне отмечают Николин день и День Сайылыка
После долгой суровой зимы якутяне с особым почитанием относятся к встрече лета, которая отмечается 22 мая в Николин день. Помимо этого по указу Главы республики Айсена Николаева этот день с 2018 г. объявлен Днем Сайылыка. В это время наши предки, теперь работники сельского хозяйства массово выходят на летние фермы, а горожане спешат на дачу. И в каждой семье хозяюшки пекут оладьи, готовят утиный суп с домашней лапшой или похлебку с сэлиэй и благодарят божества.
↪️ https://ulus.media/article/11631
#Улусмедиа #новостиякутии #сайылык