УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
6.25K subscribers
40.6K photos
4.01K videos
11 files
6.93K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
🍒🍒🍒

Өлтөх нэһилиэгин Арыылаахтааҕы "Кэнчээри" оҕо саадын кэлэктиибэ бэтэрээн үлэһиттэригэр анаан иккис сылын анаан-минээн отонноон күндүлээтилэр.

Бу ырааҕы хаампат, кыайан сир астаабат аҕам саастаах дьоҥҥо бэртээхэй бэлэх буоллаҕа. Онон бэтэрээннэр үөрүүлэрин үллэстэллэр, Аграфена Дмитриевна Бурнашева салайааччылаах эдэр кэлэктиипкэ кыһамньыларын иһин махталларын тиэрдэллэр.

Оттон үтүө дьыала салҕааһыннаах буолар. Ол курдук, уһуйаан үлэһиттэрин бачыымнарын быйыл аны оскуола кэлэктиибэ өйөөн, эмиэ бэтэрээннэригэр отонноон биэрбиттэр.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#өлтөхнэһилиэгэ
#арыылаах
#үтүөдьыала
https://www.instagram.com/p/CTtVxNRtm7u/?utm_medium=share_sheet
#үтүөдьыала

Байыастарбытыгар сылаас таҥастары тиктибит

"Илии сылааһа" иис сыаҕа күһүөрү Дүпсүҥҥэ кэлэн СВО байыастарыгар анаан таҥас тигиитигэр маастар-кылаастары ыыппыта.

Ол кэнниттэн быһан хаалларбыт таҥастарын – флис курткалары, тактическай ырбаахылары, ыстааннары, чараас курткалары тигэн "Илии сылааһа" түмсүүгэ кыттыстыбыт.

Бу таҥастары тигиигэ кыттыбыт Пелагея Васильевна Соловьева, Мария Семёновна Колесова, Оксана Николаевна Нестерова, Анна Пантелеймоновна Сивцева, Ноябрина Николаевна Сивцева уонна иккис төгүлүн куоракка босхо тиэрдэргэ көмөлөһөр таксиспытыгар Станислав Леонидович Сивцевка улахан махталбытын тиэрдэбит.

Өрүүтүн маннык түмсүүлээх биир санаанан дьоҥҥо өйөбүл буола сылдьыҥ!

✍️ Людмила Ноговицына, Дүпсүн дьахталларын түмсүүтүн салайааччыта

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍24