УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
6.25K subscribers
40.6K photos
4.01K videos
11 files
6.94K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#фотофакт

🤩 «Синардар Тулуна диэн пуховик тикпиттэр», – диэн сонун ватсап ситимигэр тарҕанна😅👍

P.s. Чуолкайын билиэхпит, кэтэһиҥ ✌️

@uamurusahargata @ulusmedia
👍9🔥4👏2
#Фотофакт

Баатаҕай нэһилиэгэр Ньэккээйи алааска 1833 сыллаахха Манчаары Баһылай Күөх Кэтириинэни күрэппит сиригэр маннык сэргэ баар 👍

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍215
#фотофакт

Бүгүн Өнөргө кустук суһума оонньоото 🌈🌈🌈

📸 Анатолий Черноградскай.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍132🥰1
#фотофакт

Майаҕас үрдүнэн Алаадьы алаас күһүҥҥү дьикти көстүүтэ 😍

Социальнай ситимтэн урукку хаартыска.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍32🔥105
#фотофакт

Баҕар, бытархай үлэ диэххит буолан баран, маннык кыра да быһаарыылар дьон күннээҕи олоҕун биллэ тупсараллар эбээт!

Сайыҥҥы куйаастан саһан, Ленин аатынан уулусса 23/2, 23/3-дээх үс этээстээх дьиэлэр күлүктэригэр уонна дьиэ анныгар сүөһү-сылгы мустар сирэ буолбута. Ол сыта-сымара, тыаһа-ууһа олохтоохторго үгүс мэһэйи үөскэппитэ. Бу сайын сүөһүлэр киирэр аһаҕас сирдэрин бүөлээн, ааннаан бу кыһалҕа туоратыллан, олохтоохтор астыналлар 🙌

Оттон «Нина» маҕаһыын иннигэр, Радиотумулга ааһар суолга – Мигалкин аатынан уулуссаҕа быстах сиринэн щебенка кутуллубута, үгүс киһини үөртэ 👏👏👏

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍35👏61
#ФОТОФАКТ

📸 Лөгөйдөр бүгүҥҥү субуотунньукка уонна 2010 сыллардаахха эмиэ күргүөмүнэн суол оҥоро тахсан түспүт хаартыскалара👍

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍451
#Фотофакт

Бороҕонтон Мындаабаҕа барар муоста алдьанан, олохтоохторго үгүс күчүмэҕэйдэр үөскээбиттэрэ.

Саҥа муостаны тутууга Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата 80 тыһыынча суумалаах үбү көрөн, чааһынай урбаанньыт Николай Атласов бу үлэҕэ ылсан саҥа муостаны тутан бүтэрдэ 👍👏

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍262
#фотофакт

❄️🌨 Уус Күөлэ бүгүн сарсыарда

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍54
#фотофакт

Бүгүн Кэптэнигэ илин бааһынаҕа 75 миэстэлээх оҕо уһуйаанын тутуу бастакы түһүмэҕин – сирин үөрэтии үлэтин "Прогресс" хампаанньа саҕалаата, – диэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Екатерина Мигалкина иһитиннэрдэ.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍185
#ФОТОФАКТ

🚩📰 КЫАЙЫЫ ХАҺЫАТА КӨҺҮННЭ

Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ Сыырдаахтан төрүттээх биир дойдулаахпыт Людмила Петрова дойду сирдьитэ Сталин мөссүөннээх Кыайыы хаһыатын тутан турар хаартыската тарҕанна. ''Социалистическая Якутия'' хаһыат 1945 сыл ыам ыйын 10 күнүнээҕи нүөмэригэр Байыаннай капитуляция туһунан аактаны таһынан оччотооҕу дьон Улуу Кыайыыны уруйдуур, үөрэ көрсөр тыллара тиһиллибиттэр.

Сэдэх хаһыаты хайдах хантан булбутун Людмила Иннокентьевна маннык сэһэргиир:

– Биэс саастаахпар ийэм өлбүтүгэр Бороҕоҥҥо эдьиийбэр Анна Михайловна Аманатоваҕа киирбитим. Кини 1949 сылтан 52 сыл устата улуус бибилэтиэкэтигэр үлэлээбитэ. Эдьиийим 2004 с. өлбүтүн кэннэ сорох малларын бэйэбэр Сыырдаахха көһөрбүтүм. Хаһыаты хаартыскалары бэрийэ сылдьан, буллум. Оччолорго эдьиийим эдэр буоллаҕа. Бука, ити хаһыаты кини Үрдүкү Сэбиэккэ үлэлээбит таайыттан Аммосов Петр Васильевичтан ылбыта буолуо диэн сэрэйэбин.


Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө сэдэх булумньутун Людмила Иннокентьевна дьоһун сиргэ туттарар баҕалаах.

✍️ Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍185
#фотофакт

🤯Бензин сыаната ыараабыт😨

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🤯19🤬2
#ФОТОФАКТ

🚌 Тулуна орто оскуолата саҥа автобустанна👍

– Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыгар автобустар күлүүстэрин туттарда, кинилэр ортолоругар П.В. Аммосов аатынан Тулуна орто оскуолатын дириэктэрэ Надежда Сторожева 22 миэстэлээх ≪ПАЗ≫ автобус күлүүһүн тутта,


– диэн үөрэх улуустааҕы управлениетын салайааччыта Степан Литвинцев иһитиннэрдэ.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍304
#Фотофакт

С 30 декабря на большей части Якутии установились сильные морозы -56-63°. Самая низкая температура сегодня наблюдается в Батагайском (-64😱🥶) Бярийинском, Чериктейском и др. наслегах ❄️❄️❄️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
😱17👍2👏2😨2
#фотофакт

🚩 Кыайыы Знамятын эстафетатын Уус Алдаҥҥа бүтэһик түһүмэҕэр – Курбуһах нэһилиэгин Уус Күөлүгэр көрүстүлэр.

Бу бэлиэ түгэнинэн сибээстээн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Анна Винокурова өссө 2005 сыллааха суруйбут хоһоонун ыытта🫶

Кыайыы кыһыл былааҕа
Тиийэн кэллэ Курбуһахха,
Турар-турбат бука бары
Тоҕуоруста кулуупка.

Дорообо, Кыайыыбыт былааҕа!
Бар дьонуҥ аатыттан истиҥник
Сүрэхпит сылааһын эйиэхэ
Биэрэбит хоһооҥҥо холбооммут.

Бааллар манна ытык-мааны
Сэрии содулун көрсүбүттэр,
Кыайыы өрөгөйүн билбит
Сэрии кыттыылааҕа бэтэрээннэр.

Музыка курус тыаһынан
Төбөбүтүн нөрүтэн
Санаатыбыт ол күнү
Уу-чуумпуга бигэтэн.

Элэҥнээн аастылар эн күөҥҥэр
Ол суоһар ынырык түгэннэр,
Эҕэрдэ ыыппыттар биһиэхэ
Эргиллэн кэлбэтэх бар дьоммут...

Төһөлөөх эдэркээн сүрэхтэр
Мэхээстэр, Сүөдэрдэр, Куолалар,
Бэл диэтэр, кэрэчээн кыргыттар
Хаалтара хааннарын тоҕоннор...

Сирдиириҥ бар дьоҥҥун Кыайыыга
Уот кыһыл өҥҥүнэн кытыаста,
Ханныктаах даҕаны түгэҥҥэ
Кыайыылаах тахсарыҥ өрүүтүн!

Ол иһин кэллэҕиҥ бу күҥҥэ
Өрөгөй үөрүүтүн үллэстэ,
Улуукан Кыайыыбыт былааҕа –
Бар дьоммут инники сирдьитэ!

10.01.2005.


@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍122
#ФОТОФАКТ

Уус Алдан улууһугар Ил Дарханын Гранын ситиһэн «Швейный патриот» бырайыагы үлэҕэ киллэрэн иистэнэ сылдьар волонтердар бүгүн «Якутия с тобой!» штабка 25 устуука антидрон суорҕаны киллэрэн туттардылар.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍192
#ФОТОФАКТ

👍 Улууспут киинигэр Кыайыы күнүгэр бэлэм саҕаланна🚩🚩🚩

@uamurusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍14👏32🔥1🤗1
#фотофакт

🎙 Из серии "Здесь и сейчас" (фото от подписчиков из Борогонцев и Кептени).

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍9🔥54
#фотофакт

🔥 Бороҕон сэлиэнньэтин Радиотумул түөлбэтигэр Нагорнай уулуссаҕа олорор Уйбаан Маппыайап тэлгэһэтигэр номнуо ньургуһун быган эрэр эбит😍

📸 Варвара Бурцева

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍203🥰3
#фотофакт

🌼 Бастакы хорсун ньургуһуннар тыллыбыттар😍 Ааҕааччыбыт бүгүн түһэрбит.

≪Дорожнай үрдүнэн.
Тыллыбыты итини эрэ көрдүм≫,


– диир☺️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍175😍3
#фотофакт

😍 Дьикти көстүү бүгүҥҥү сарсыардаҕытын киэргэттин, сэргэхситтин. Икки араас ньургуһун – саһархай уонна фиолетовай – сэргэстэһэ үүммүттэрэ интэриэһинэй!

📸 Дария Ордахова. Мүрү

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍22😍116👏2🤩1