УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.57K subscribers
34K photos
3.12K videos
10 files
5.79K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Ханнык баҕарар нэһилиэк тирэнэр тирэҕэ – түөлбэлээн олорор дьоно-сэргэтэ. Көхтөөх, түмсүүлээх уопсай үлэнэн кыайтарбат да кыаллар, ыраах да чугаһыыр. Маннык биир бастыҥ үлэлээх “Мүрү” түөлбэ салайааччыта Екатерина Слепцова бэйэтин холобурун батыһан, оҕолоро уопсастыбаннай үлэни көҕүлүүр суолу туталлар.

Кинилэр аҕалара Петр Слепцов улуус киинигэр биир бастакынан сааскы катогу тэрийэн, билигин улууска өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хоккей күрэһэ ыытыллыбыта хаһыс да сыла буолла.

Слепцовтар дьиэ кэргэнинэн успуорка, ырыаҕа, үҥкүүгэ дьоҕурдарынан улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин чиэһин үгүстүк көмүскээбиттэрэ. Айталина Петрова, Александр, Роман Слепцовтар – чэпчэки атлетикаҕа, хоккейга улуус, өрөспүүбүлүкэ күрэстэрин хас да төгүллээх кыайыылаахтара. Айталина, Александр – “Кэнчээри” оҕо образцовай кэлэктиибин иитиллээччилэрэ, араас куонкурустар лауреаттара. Аччыгый уол Роман – Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын выпускнига, Горнай институту ситиһиилээхтик бүтэрбитэ, улуус хоккейга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ.

Маннык олоххо көхтөөх, бары хамсааһынтан туора турбат, олорор сирбит-уоппут дьылҕатын, инники кэскилин түстэһэр буолуу дьиэ кэргэнтэн, ийэ, аҕа бастыҥ холобуруттан саҕыллан үтүөнү үксэтэр, үрдүккэ кынаттыыр.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бастыҥнар
#уопсастыбанньыктар
https://www.instagram.com/p/CNwEANMsLmW/?igshid=y6idtfm6r57j