#улуускабүгүн
💢 “Түмэр эйгэ” форум улуус уопсастыбанньыктарын түмтэ
Бүгүн улуус уопсастыбынньыктарын ортолоругар "Түмэр эйгэ" форум Гражданскай актыыбынас күнүгэр ананан тэрилиннэ.
Манна икки секциянан арахсан кэпсэтии тэрилиннэ. Украинаҕа байыаннай дьайыыларга сылдьар дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр уопсатыбаннас хайдах көмөлөһүөҕүн туһунан бастакы секцияҕа уонна иккис секцияҕа дойдуга Педагог уонна Настаабынньык сыла биллэриллибитинэн, уһуйааччы билиҥҥи олоххо оруолун туһунан кэпсэтии таҕыста.
✍️ Мария Аргунова
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускабүгүн
💢 Уопсастыбаннас күүһэ сүдү
"Түмэр эйгэ" форум Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр кыһалҕалаах боппуруостарын быһаарарга, сүбэ-ама буоларга кэпсэтиһиини тэрийэр былаһааккатыгар үгүс киһи түмүстэ.
Манна байыаннай дьайыы кыттыылаахтара Вячеслав Кудрин, Иван Петров, Иван Самсонов, ийэлэр, аҕалар, уопсастыбаннай түмсүүлэр биир дойдулаахтарбыт туһугар бары күүһү уурар уопсастыбаннас олус туһалаах, санааны көтөҕөр кэпсэтиигэ кыттыстылар.
Дьокуускай куораттан быстах байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр "Якутия с тобой" түмсүү хос бэрэссэдээтэлэ Анна Ефимова, Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатыгар түһэриллибит Василий Данилов ийэ кынна Виктория Контоева ыалдьыттаатылар.
Анна Николаевна ыытыллар үлэ туһунан кэпсээтэ. Итиэннэ улуус олохтоохторугар байыастарбытыгар туһалаах малы-салы: наһыылканы, хаххаланар сиэккэни, повязканы хайдах тигэри, тигиллэр ирдэбилин көрдөрдө, сүбэ-ама буолла. Виктория Геннадьевна улуус бар дьонугар улахан махталын биллэрдэ. Уус алданнар түмсүүлээхтэрин сөҕөрүн билиннэ. Туруорсуу ортолоото, олус ыарахан суол эбит диэн аһаҕастык эттэ.
Ийэлэр ааттарыттан Дүпсүнтэн Агафья Сивцева тыл эттэ. Кини уола Иван Сивцев үтүө суобастаах сулууспатын билиһиннэрдэ. “Төһө да ийэ амарах санаата, уйан дууһата айманнар, олус күүстээхпит”, – диэн санаатын үллэһиннэ.
Үгүс этии, сүбэлэр киирдилэр, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, дьиэ кэргэттэригэр уопсайа 500 киһиэхэ анал дастабырыанньа туттарыыта сотору кэминэн ыытыллара этилиннэ.
✍️ Ольга Шепелева

💢 Холобур буолар аҕа Валерий Гоголев аҕа оруолун үрдэтиигэ кылаатын иһин бэлиэнэн наҕараадаланна
Улуус уопсастыбаннаһын форумугар Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Валерий Гоголев өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕалар лигалара" уопсастыбаннай түмсүү аатыттан (бэрэссэдээтэл Айхал Габышев) "Аҕа оруолун үрдэтиигэ, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүгэ кылаатын иһин" анал бэлиэнэн наҕараадаланна.
Валерий Гоголев Дүпсүнтэн төрүттээх. Ийэтэ Мария Егоровна Жиркова 1960-1980 сылларга оройуоҥҥа, ону ааһан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ыанньыксыт этэ. Остуойка биригээдэтигэр 20 сыл настаабынньыгынан үлэлээн элбэх ыччаты сүөһү иитиитигэр үлэ үөрүйэхтэригэр, олоххо үөрэттэҕэ, уһуйдаҕа. Өр сыллаах үрдүк көрдөрүүлээх үлэтин иһин Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буолбута, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэһит бэрдэ, киһи үтүөтэ этэ. Киниттэн уһуйуллан уола Валерий үлэҕэ-хамнаска, дьоҥҥо сыһыана ураты, биллэр уопсастыбанньык. "Пенсионердар сойуустара" түмсүү биир тутаах чилиэнэ, "Алаас" түөлбэ актыыбынай олохтооҕо.
✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94864
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Улуус уопсастыбаннаһын форумугар Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Валерий Гоголев өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕалар лигалара" уопсастыбаннай түмсүү аатыттан (бэрэссэдээтэл Айхал Габышев) "Аҕа оруолун үрдэтиигэ, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүгэ кылаатын иһин" анал бэлиэнэн наҕараадаланна.
Валерий Гоголев Дүпсүнтэн төрүттээх. Ийэтэ Мария Егоровна Жиркова 1960-1980 сылларга оройуоҥҥа, ону ааһан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ыанньыксыт этэ. Остуойка биригээдэтигэр 20 сыл настаабынньыгынан үлэлээн элбэх ыччаты сүөһү иитиитигэр үлэ үөрүйэхтэригэр, олоххо үөрэттэҕэ, уһуйдаҕа. Өр сыллаах үрдүк көрдөрүүлээх үлэтин иһин Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буолбута, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, үлэһит бэрдэ, киһи үтүөтэ этэ. Киниттэн уһуйуллан уола Валерий үлэҕэ-хамнаска, дьоҥҥо сыһыана ураты, биллэр уопсастыбанньык. "Пенсионердар сойуустара" түмсүү биир тутаах чилиэнэ, "Алаас" түөлбэ актыыбынай олохтооҕо.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускабүгүн
⏺ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников салайааччылаах оробуочай бөлөх бүгүн Уус Алдан улууһугар үлэлиир.
Бэбиэскэҕэ – ойуур баһаарыттан сэрэтии үлэлэрэ уонна сааскы уу-хаар алдьаппыт айан суолларын өрөмүөнэ, чөлүгэр түһэрии.