#тургутук
💫 “Сахалар – Ленинград блокадатыгар” тургутук кыайыылааҕа – Вика Тимофеева👏 👏 👏
🫥 Күндү ааҕааччыларбыт! Ааспыт субуота сарсыарда Телеграмҥа ханаалбытыгар суруналыыс Афанасий Копырин "Сахалар – Ленинград блокадатыгар” диэн тургутугу таһаарбыппыт. Онуоха тургутук кыайыылааҕар ааптар бириис биэрэбин диэн биллэрбитэ.
🫥 Тургутукка уопсайа 81 киһи кыттыбыт, олортон Вика Тимофеева диэн ааҕааччыбыт кыайыылаах буолла. Кини 10 ыйытыыга барытыгар сөпкө хоруйдаата, бириэмэтин көрдөрүүтэ – 56,9 сөкүүндэ.
Эҕэрдэ, Вика! Бириискин эрэдээксийэттэн билсэн ыларгын күүтэбит😉
@murusahargata
Эҕэрдэ, Вика! Бириискин эрэдээксийэттэн билсэн ыларгын күүтэбит
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тургутук
🏆 Ааспыт субуотаҕа, олунньу 4 күнүгэр, суруналыыс Афанасий Копыринтан “Сталинград, Сталинград...” бириистээх тургутук кыайыылааҕынан Анатолий 🥇 диэн ааҕааччыбыт буолла. Кини 15,4 сөкүүндэ иһигэр 10 ыйытыкка барытыгар сөпкө хоруйдаата
Тургутукка уопсайа 55 киһи кыттыбыт. Иккис миэстэҕэ @Luodmi🥈 диэн аа5ааччыбыт 11,5 сөкүүндэ иһигэр 9 сөптөөх хоруйу, оттон үһүс буолбут Варвара Окоемова 🥉 46,5 сөкүүндэҕэ эмиэ 9 сөптөөх хоруйу биэрдэ.
🏅 Кыайыылаах Анатолий, эрэдээксийэттэн бириискин ыларгар Афанасий Копырины кытта билсэргин күүтэбит.
@murusahargata
Тургутукка уопсайа 55 киһи кыттыбыт. Иккис миэстэҕэ @Luodmi
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тургутук
🏆 Бириистээх тургутук кыайыылааҕа – Анатолий Черноградскай
Анатолий Черноградскай оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан хаһыаты, кинигэни ааҕарын сөбүлүүр эбит. Идэтинэн телемастер. Таайбараҥнары, тургутуктары таайарын олус сөбүлүүрүн этэр. "Бу тургутук уустук соҕус этэ эрээри, ааҕар, син ону-маны билэр буоламмын, таайдым", – диэн күлэ-үөрэ кэпсээтэ. Кэлэр тургутуктарга да холонон, кыайарга дьулуһа сатыыр баҕалааҕын биллэрдэ.
@murusahargata
Анатолий Черноградскай оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан хаһыаты, кинигэни ааҕарын сөбүлүүр эбит. Идэтинэн телемастер. Таайбараҥнары, тургутуктары таайарын олус сөбүлүүрүн этэр. "Бу тургутук уустук соҕус этэ эрээри, ааҕар, син ону-маны билэр буоламмын, таайдым", – диэн күлэ-үөрэ кэпсээтэ. Кэлэр тургутуктарга да холонон, кыайарга дьулуһа сатыыр баҕалааҕын биллэрдэ.
@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тургутук
Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни
Аан бастаан эйигин көрбүппүн,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин.
Санньылҕан аргыстаах айаммар
Сүпсүлгэн түбүктээх күннэрбэр,
Сирдээҕи сулуһум буолаҥҥын
Иннибэр эн мэлдьи сырдыырыҥ.
Дьыл-хонук ааспыта ыраны
Ыһыахтыыр ытылҕан турбута,
Ол иһин эн кэрэ дьүһүнүҥ
Ыраатан умнуллан барбыта.
Түҥ тыаҕа уһукка хаайтаран
Олоҕум тохтообут курдуга,
Үҥэрбэр, иэйэрбэр, таптыырбар
Айыы да, аанньал да суох этэ.
Мин кутум эмискэ тилиннэ
Иккистээн бу курдук долгуйда,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэҕэ тардыста.
Сүрэхпэр сааскылыы умсулҕан
Төнүннэ олоххо ахтылҕан,
Үҥүөхпэр күн айыы көһүннэ
Тапталтан хараҕым ууланна.
Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни
Аан бастаан эйигин көрбүппүн,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни
Аан бастаан эйигин көрбүппүн,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин.
Санньылҕан аргыстаах айаммар
Сүпсүлгэн түбүктээх күннэрбэр,
Сирдээҕи сулуһум буолаҥҥын
Иннибэр эн мэлдьи сырдыырыҥ.
Дьыл-хонук ааспыта ыраны
Ыһыахтыыр ытылҕан турбута,
Ол иһин эн кэрэ дьүһүнүҥ
Ыраатан умнуллан барбыта.
Түҥ тыаҕа уһукка хаайтаран
Олоҕум тохтообут курдуга,
Үҥэрбэр, иэйэрбэр, таптыырбар
Айыы да, аанньал да суох этэ.
Мин кутум эмискэ тилиннэ
Иккистээн бу курдук долгуйда,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэҕэ тардыста.
Сүрэхпэр сааскылыы умсулҕан
Төнүннэ олоххо ахтылҕан,
Үҥүөхпэр күн айыы көһүннэ
Тапталтан хараҕым ууланна.
Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни
Аан бастаан эйигин көрбүппүн,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM