#тулаҕынтупсар
Туяра Сивцева улууспут бастакы уонна бастыҥ «тортофеяларыттан» биирдэстэрэ буолар🎂🍰🧁
Кэргэннээх, икки оҕолоох. Идэтинэн саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала. Өр кэмҥэ улуустааҕы киин балыыһаҕа исписэлииһинэн үлэлээбитэ. Билигин бириэмэтин дьиэ кэргэнигэр аныыр.
Туяра тортары астыырын таһынан, өссө урукку кэм десертарын: оҕо сааһы санатар минньигэстэн минньигэс «птичье молоко», «зефир», «ириска» десертары оҥорор😍
Эдэр хаһаайка сөбүлүүр дьарыгын туһунан маннык кэпсэттибит.
- Ас астыырбын оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Номнуо 8-с кылааска үөрэнэ сылдьан ийэбинээн дьоҥҥо медовай тортары сакааска астыыр этибит. Онтон кэнники ыал буолан олорон, наhаа сакааһынан дьоҥҥо ас астыыр буолуом дии санаабат этим. Хас биирдии ийэ курдук астаабыппын хаартыскаҕа түһэрэн инстаграм ситимигэр үллэстэр этим. Ону көрөн дьүөгэлэрим, бииргэ үлэлиир дьонум, аймахтарым сакаас биэрэр буолбуттара.
✍️ Мария Аргунова
@murusahargata
Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/89441

💠 Галина Моедо – Түүлээх нэһилиэгин бастыҥ оҕуруотчута
Түүлээх нэһилиэгин бастыҥ оҕуруотчута Галина Моедо тэлгэһэтин киһи эрэ сөҕө-махтайа көрөр. Барыта уурбут-туппут курдук, толору үүнээйинэн чэчирээн күөх сэбирдэҕинэн, нарын-намчы сибэккилэринэн суугунуур. Бу барыта үтүмэн үгүс үлэттэн, тулуурдаах сыраттан тахсар буоллаҕа.
Галина Ивановна 1987 с. Николай Турантаевка кэргэн тахсан Кылаайыга Өлүөхүмэ I Нөөрүктээйититтэн кэлбитэ. Онтон ыла Түүлээх бөһүөлэгэр олохсуйан, үлэлээн-хамсаан олорбуттара 36 сыл буолла. Талбыт курдук уоллаах кыыс оҕоломмуттара. Оҕолор үлэһит буолан билигин куоракка олороллор. Турантаевтар икки сиэннээхтэр. Галина бу курдук кэпсиир:
– Оҕуруот олордуутун 1989 сылтан дьиэ туттаат саҕалаабыппыт. Бастаан кэлэн баран хортуоппуйбун, хаппыыстабын наһаа ахтар этим. Кыһынын ийэм почтанан хортуоппуй тоҥорон ыытара.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/galina-moedo-tyyleeh-nehiliegin-bastyn-o5uruotchuta/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Түүлээх нэһилиэгин бастыҥ оҕуруотчута Галина Моедо тэлгэһэтин киһи эрэ сөҕө-махтайа көрөр. Барыта уурбут-туппут курдук, толору үүнээйинэн чэчирээн күөх сэбирдэҕинэн, нарын-намчы сибэккилэринэн суугунуур. Бу барыта үтүмэн үгүс үлэттэн, тулуурдаах сыраттан тахсар буоллаҕа.
Галина Ивановна 1987 с. Николай Турантаевка кэргэн тахсан Кылаайыга Өлүөхүмэ I Нөөрүктээйититтэн кэлбитэ. Онтон ыла Түүлээх бөһүөлэгэр олохсуйан, үлэлээн-хамсаан олорбуттара 36 сыл буолла. Талбыт курдук уоллаах кыыс оҕоломмуттара. Оҕолор үлэһит буолан билигин куоракка олороллор. Турантаевтар икки сиэннээхтэр. Галина бу курдук кэпсиир:
– Оҕуруот олордуутун 1989 сылтан дьиэ туттаат саҕалаабыппыт. Бастаан кэлэн баран хортуоппуйбун, хаппыыстабын наһаа ахтар этим. Кыһынын ийэм почтанан хортуоппуй тоҥорон ыытара.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тулаҕынтупсар
💠 Лена Москвитина: Дьиэни киэргэтэр хартыыналары уруһуйдуом
Лоскуй таҥастан хайдахтаах курдук кэрэ былааччыйа айыллан, төрөөн тахсарый? Киһи сахалыы сайбаччы таҥыннаҕына, сахалыы кут уһуктан төһөлөөх тулабыт сырдыы түһэрий? Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо, түөрт оҕолоох ыал ийэтэ, эдэр иистэнньэҥ Елена Москвитиналыын билсиэххэ.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/lena-moskvitina-dieni-kiergeter-hartyynalary-uruhujduom/
📲 Сакаас биэриэн баҕалаахтарга Лена төлөпүөнүн нүөмэрин үллэстэбит 89681612591