УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.7K photos
3.1K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Уус Алдан улууһугар Суотту, Дүпсүн, Мүрү нэһилиэктэригэр үлэлээтэ.

Бастатан туран, Суотту нэһилиэгэр улууска соҕотох анал буойунаҕа сылдьан, үлэни-хамнаһы билистэ. “Туйма” ТХППК салайааччыта Владислав Мухин сүрүн кыһалҕа үлэ каадырынан хааччыллыыга баарын ыйда. Ол курдук, эдэр исписэлиистэр кэллэхтэринэ даҕаны, олорор усулуобуйа суоҕуттан биир-икки сыл эрэ үлэлээт, төннөргө күһэллэллэрин эттэ. Онон эдэр үлэһиттэргэ анаан толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутууну туруоруста.

Билиҥҥи кэмҥэ буойуна үлэтэ саҕаланан эрэр. Өҥө быһыытынан олохтоохтортон ынах сүөһүнү, сылгыны өлөрөн, тутан, эт аһы соҕотуопкалыыллар.

Бэлиэтиир буоллахха, "Туйма" ТХППК сайыҥҥы өттүгэр 200-300 киилэ эт бородууксуйаны оҥорон таһаарар. Ол курдук, тиэптэл, фрикадельки, голубцы, фарш итиэннэ үүт астан сүөгэй, суорат, иэдьэгэй, арыы улуус маҕаһыыннарыгар, Дьокуускай куоракка тиһигин быспакка атыыга тахсар.

🖊️ Ольга Шепелева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#СӨБырабыыталыстыбатынүлэтэ
#оробуочайсырыы
#суоттунэһилиэгэ
#туйматхпк
https://www.instagram.com/p/CTjiBVYMFBB/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Суотту агро хайысхалаах орто оскуолатын “Кытыл” диэн үөрэнээччилэр производственнай
биригээдэлэрэ сылын ахсын хаппыыстаны көрүүгэ үлэлиир. Быйыл сайын оскуола Бүгүйэх бааһынатыгар 15 оҕо икки гаа сиргэ хаппыыста “Ринда” көрүҥүн үүннэриигэ сыыһын, үөнүн ыраастаан, ууну, уоҕурдууну кутууга үлэлээн көрдүлэр-иһиттилэр.

Онон бу күннэргэ өлгөм үүнүүлээх хаппыысталарын быһаары сылдьаллар. Итиэннэ төһө үүнүүлээхтэринэн хамнастарын аахсыахтара. Ити курдук, үөрэнээччилэр сайыннарын олус туһалаахтык атаардылар.

Оттон оскуола иккис биригээдэтэ 600 кв.м. иэннээх сиргэ сүбүөкүлэни,
моркуобу үүннэрбиттэрин соторутааҕыта хомуйдулар.

Бэлиэтиир буоллахха, үлэһит кэлэктиип быйыл 13 араас көрүҥ хортуоппуйу – 436.21, моркуобу – 630.95, сүбүөкүлэни – 818.23, помидору – 350, атын култуураны – 150, хаппыыста араас көрүҥүн 100 киилэни хомуйан, үөрүүтэ үгүс.

Агро хайысхалаах оскуола үлэтэ кэҥээн, сайдан иһэрин туоһута – быйыл саас кэлэктиип күүһүнэн 300 кв.м. иэннээх улахан тэпилииссэни тутан, 300 устуука, итиэннэ таһырдьа 100 ук улахан астаах Сан-Андерс дьэдьэни олордубуттара.

Арассааданы Хамаҕатта урбаанньытыттан Сергей Кривошапкинтан ылан, сайын устата сүбэлэтэн-амалатан бэркэ үүннэрбиттэр. Ол курдук, дьэдьэннэрин бастакы астарын от ыйын саҥатыгар хомуйбуттар. Билигин даҕаны бөдөҥ, минньигэс амтаннаах аһын толору биэрэ турар.

Онон кэлэктиип эһиил дьэдьэни өссө элбэтэр уонна атын көрүҥнэри боруобалыыр улахан соруктаах.

🖊️ Ольга Шепелева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суоттунэһилиэгэ
#суоттуагрооскуолата
https://www.instagram.com/p/CUMfTxxM3RA/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

Бүгүн Суоттуга – үтүмэн үөрүү күнэ. Саҥа саҕахтары арыйар, кэскилгэ, сайдыыга сирдиир саҥа, билиҥҥи ирдэбилгэ толору сөп түбэһэр, 220 миэстэлээх оскуола аанын тэлэччи арыйда. Улуус, нэһилиэк олоҕор бэлиэ түгэн буолла.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков уо.д.а үрдүк сололоох ыалдьыттар сырыттылар.

Бу бэлиэ күн Саха АССР өрөгөйдөөх 100 сыллаах үбүлүөйүгэр сөп түбэспитинэн ордук уратылаах. Оннук үрдүк итэҕэли тутан хааллылар Суотту оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суоттунэһилиэгэ
#үөрэх
#бэлиэтүгэн
https://www.instagram.com/p/CYsfgQzooPJP-N9crfrlCaURsXiS0R7TBIeklY0/?utm_medium=share_sheet