📰📰📰
⭕ Дьарыктаах буолуу сулууспата Уус Алдан улууһун нэһилиэнньэтэ дьарыга уонна үлэтэ суохтарын көмүскээбитэ номнуо 30 сыл буолла. Улуустааҕы нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ – федеральнай сулууспа административнай регламенын бэйэтин эйгэтигэр сыһыаннаах судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорорго бары ирдэбиллэргэ хоруйдуур тэриллээх-тээбириннээх аныгы кэм тэрилтэтэ буолар. Бүгүн кииҥҥэ үрдүк квалификациялаах идэтийбит алта испи�сэлиис нэһилиэнньэни кытта үлэ хаа�чыстыбатын, таһымын үрдэтэр соруктаахтар. Иниспиэктэрдэр Мария Крылова, Анна Максимова, Матрена Ноговицына, Иннокентий Стручков, Антон Новогодин үтүө суобастаах үлэлэрин бэлиэтиэ этибит.
⭕ 30 сыл устата сулуус�пабыт нэһилиэнньэ дьарык�таах буо�ларын, хас биирдии киһи үлэ буларын, онон уопсастыбаҕа туһа�лаах киһи, бэйэтин идэтийбит кыаҕын олоххо киллэрэрин, оттон үлэни биэрээччи киниэхэ сөптөөх исписэлииһи буларын туһугар үлэлээн кэллэ.
📌 Ыстатыйаны сиһилии "Мүрү саһарҕата" хаһыат муус устар 16 күнүнээҕи 15-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат саайтыгар аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьарыктаахбуолуу
#социальнайэйгэ
#үбүлүөй
https://www.instagram.com/p/CN3qQyVMpwZ/?igshid=z5v4t4ndbe7i

Instagram
#дьарыктаахбуолуу
Диана Белолюбская – кэрэ сэбэрэ маастара
Уурбут-туппут курдук оҥоһуулаах сырдык, ыраас хоско биир кэм кыптыый тыаһа кылыгыраан олорор. Бу – парикмахер Диана Белолюбская күннээҕи үлэтин түгэнэ. Кини Суотту нэһилиэнньэтигэр сэбэрэни тупсарар олус туһалаах өҥөнү оҥорор. Былырыын муус устарга бэйэ дьыалатын саҕалыыр баҕаттан Суоттуга парикмахерскай арыйбыта.
Онуоха бу баҕа санаата олоххо киирэригэр социальнай хантараагынан 300 тыһыынча солкуобай көмөҕө биисинэс-былаан суруйбута уонна дьарыктаах буолуу кииниттэн бэйэ дьарыгын сайыннарарга 150 тыһыынча солкуобай көмө харчыны ылбыта олук буолбута.
✍️ Ольга Шепелева
Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/86856 эбэтэр Вконтакте страницабытыгар https://clck.ru/33LXL2

💢 Кылаайы олохтооҕо көтөрү иитэр баҕа санаатын толордо
Кэнники кэмҥэ улууспутугар үгүс киһи көтөрү иитэн эрэр. Олортон биирдэстэрэ Кылаайы бөһүөлэгин олохтооҕо Павел Васильев 50 кууруссаны кыстатта.
Кини дьарыгын туһунан бу курдук кэпсиир:
– Оҕо сааспыттан көтөрү иитэр баҕалаах этим, ону олоххо саҥа киллэрдим. Былырыыҥҥыттан саҕалаан иитэн эрэбин. Бастаан кус, онтон перепелка, куурусса ииппитим. Перепелка сымыыт бөҕө этэ да, дьон атыыласпат буолан эспитим. Билигин куурусса эрэ иитэбин. Кыһын дьон подсадной кустары биэрэн кыстаттараллар.
Боруобалаан инкубатор ылан чоппууска, индюшонок таһаартаан дьоҥҥо биэрбитим. Өссө элбэх сымыыт батар инкубатор ылар киһи, бройлер чоппууска, кус, индюшонок таһаарар былаан баар.
Кууруссалар күҥҥэ 30-35 сымыыты биэрэллэр. Астара комбикорм, туораах сыаната ыарахан. Үчүгэйдик барыс киллэрэр гына, дьиҥэр, инкубаторга таһааран атыылаатахха син буолуо эбит.
Павел Васильевич бэйэтин күүһүнэн, баҕатынан көтөрү ииттэргэ сананан, анаан дьоҕус "птичник" тутан, көтөрдөрүн этэҥҥэ кыстатта.
Саамай кылаабынайа, астарыгар битэмииннэригэр болҕомтону уурарын этэр, итиэннэ баҕа эрэ наада эбит, уоннааҕыта барыта сыыйа тахсан иһэр диэн санаатын үллэстэр. Ордук, ыраах сытар, суола-ииһэ суох нэһилиэккэ сибиэһэй сымыыт бэйэҕэ баара ордук бөҕө буоллаҕа.
✍️ Мария Аргунова
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#дьарыктаахбуолуу
💥 Түүлээх нэһилиэгин олохтооҕо тигээйи иитиитинэн дьарыктанар
Аҕыйах сыллааҕыта Саха сиригэр тигээйини иитиэхтэрэ диэн санаан да көрбөтөхпүт буолуо. Оттон билигин аҥаардас биһиги улууспутугар хас да киһи иитэрэ биллэр.
Бу баччаҕа диэри саха киһититтэн тэйиччи дьарыгы Кылаайы бөһүөлэгин олохтооҕо Гаврил Попов биһирээтэ. Кини Амурскай уобаластан сакааһынан аҕалтаран, икки уйа тигээйини боруобаҕа кыстатан көрдө. Хаһаайын бу иннинэ дьон тигээйини иитэллэрин телевизорга көрөн, радиоҕа истэн олус интэриэһиргээн холонон көрөргө санаммыт. Тигээйилэригэр анаан кыстык дьиэ оҥорон, тыйыс тымныы кыһыны этэҥҥэ туораан, быйыл тигээйини элбэтэр санааламмыт.
Салгыы Гаврил Константинович бу курдук сэһэргиир:
– Күһүн сэттэ киилэ мүөтү ылан атыылаабытым. Дьиҥэр, 20 киилэ мүөтү ылыам эбитэ буолуо да, сирим отун оҕустаран кэбиспитим. Көрүүтэ судургу. Кыһынын -5 кыраадыска кыстаабыттара, олунньуттан +2 кыраадыска туруорбутум.
Аһылыктара диэн, күһүн уйаларыгар мүөттээх рамкалары хааларабын, саас саахары уонна мүөтү былаан канди диэн хааһы оҥоробун, астара бүттэҕинэ анал аһылыгы эбэн биэрэбин.
Сайын бэйэлэрэ хонууттан аһыыллар, ордук ньээм от сибэккиттэн мүөтү ылаллар. Оскуолаҕа үөрэнэр икки оҕолоохпут, кинилэри эмиэ бу дьарыкка сыһыарабын, олус интэриэһиргииллэр, кэтээн көрөллөр.

🔥 Кэрэ аҥаардарга хаас оҥорор соҕотох эр киһи Бороҕоҥҥо үлэлиир
Кэрэ аҥаардарга хаастарын оҥорор өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы уонна соҕотох эр киһи – биир дойдулаахпыт Конон Габышев буолар.
Конон Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 9-с кылааһын бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэммит. Уруһуйдьут уол кэнники сылларга татуировка оҥорору интэриэһиргээн, үс сыл тату оҥорорунан дьарыктаммыт.
Дойдутугар Бороҕоҥҥо «Палладиум» атыы-эргиэн киинигэр хос ылан тату-салон арыйан үлэлээбитэ иккис сыла буолла. Татуировка оҥорбут үлэтэ номнуо 600-тэн тахсыбыт. Бэйэтэ сахалыы эскизтэри толкуйдаан уруһуйдуур буолан, дьон сэҥээриитин ылар.
Онтон аны уруһуйдьут үөрэхтээх татуировщик Арассыыйаҕа тиийэ биллэр ааттаах перманентнай макияж топ-маастара Тая Перфектоваҕа үөрэнэн, “Аппаратные волоски” диэн хаас оҥорор тиэхиньикэни баһылаан үлэтин саҕалаата.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/kere-anaardarga-haas-onoror-so5otoh-er-kihi-boro5onno-yleliir/
✍️ Мария Аргунова
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Кэрэ аҥаардарга хаастарын оҥорор өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы уонна соҕотох эр киһи – биир дойдулаахпыт Конон Габышев буолар.
Конон Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 9-с кылааһын бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэммит. Уруһуйдьут уол кэнники сылларга татуировка оҥорору интэриэһиргээн, үс сыл тату оҥорорунан дьарыктаммыт.
Дойдутугар Бороҕоҥҥо «Палладиум» атыы-эргиэн киинигэр хос ылан тату-салон арыйан үлэлээбитэ иккис сыла буолла. Татуировка оҥорбут үлэтэ номнуо 600-тэн тахсыбыт. Бэйэтэ сахалыы эскизтэри толкуйдаан уруһуйдуур буолан, дьон сэҥээриитин ылар.
Онтон аны уруһуйдьут үөрэхтээх татуировщик Арассыыйаҕа тиийэ биллэр ааттаах перманентнай макияж топ-маастара Тая Перфектоваҕа үөрэнэн, “Аппаратные волоски” диэн хаас оҥорор тиэхиньикэни баһылаан үлэтин саҕалаата.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#дьарыктаахбуолуу
🍯 Кэптэнигэ Валентина уонна Игорь Тищенколар диэн үлэһит ыал быйыл сайыҥҥыттан ыҥырыаны иитиинэн дьарыктаннылар. Кинилэр бу саҥа саҕалааһыннара ситиһиилээх түмүгү биэрдэ. Ол курдук ааспыт өрөбүлгэ биир дойдулаахтарыгар атыыга таһааран үөртүлэр.
Саҥа саҕалаабыт ыал саҕалаабыттара сатанан истин. Амсайбыт дьон мүөт амтана араас сибэкки мүөтүттэн атынын бэлиэтээтилэр. Бэйэ алааһыгар үүнэр сибэккилэртэн хомуллубут мүөт былдьаһыгынан бүттэ.
✍️ Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп.

👍Саҥа, сонун идэлэри баһылааҥ!
Уус Алдан улууһун нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун киинэ, хаһыс да сылын «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, үгүс дьону хабан үөрэттэрдэ.
Бу ааһан эрэр сылга хас да категориянан: 35 диэри саастаах дьон, тэрилтэҕэ үлэлиир эрээри оҕотун 3 сааһыгар диэри көрөн олорор ийэлэр, 7 сааһыгар диэри оҕолоох ийэлэр, биэнсийэҕэ тахсаллара чугаһаабыт дьон, 50 саастарыттан үөһэ саастаахтар, о.д.а категориялаах дьон бэйэлэрэ сөбүлээбит, кэлин олохпор наадалаах, туһалаах буолуо диэбит идэлэрин талан үөрэннилэр, үөрэнэ сылдьаллар.
Ол курдук Матрена Семенова бу саас “Wildberries”: с нуля до запуска магазина” диэн баҕарар үөрэҕэр сайаапка ыытан, от ыйыгар ситиһиилээхтик түмүктээн, үөрэммитин туоһулуур докумуонун ылан үөрүүтэ баһаам.
Бу туһунан Матрена маннык кэпсиир:
«Мин бэйэм тэрилтэлээхпин. Оҕобун көрөн олорор кэммэр эбии үөрэхтэнии боппуруоһун интэриэһиргээн, «Работа в России» портал нөҥүө талбыт үөрэхпэр сайаапка ыыппытым. Улууспут нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун киинэ сайаапкабын бигэргэтэн, Томскайдааҕы госуниверситет онлайн-үөрэҕэр бэрт көхтөөхтүк, үгүһү билэн-көрөн үөрэнним. Олорор кэммэр аралдьыйан, тугу эрэ саҥаны бэйэбэр арыйан, туһанным диэххэ наада. Маннык үөрэхтээһин баара олус үчүгэй, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах. Ону сэргэ тэйиччиттэн үөрэхтээһин буолан, кыра оҕолоох ийэлэргэ олус табыгастаах».
Уус Алдан улууһун нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун киинэ араас үөрэхтэргэ сайаапка ыытаргытыгар ыҥырар. Анал идэни баһылаан, сөптөөхтүк туһанаргытыгар баҕарар. Билсэр нүөмэрдэргит 89618699544, 89618699546.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia