УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.08K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Арассыыйа бэчээтин күнүн көрсө “Сахабэчээт” судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ улуустар уонна куорат хаһыаттарын суруналыыстарыгар тохсунньу 11-12 күннэригэр улахан сэминээри тэрийдэ. Манна кылаабынай эрэдээктэрдэр, эрэдээксийэлэр эппиэттээх үлэһиттэрэ ыҥырылыннылар. Биһигиттэн кылаабынай эрэдээктэр Наталья Попова кытта сылдьар.

Көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэрэ икки күн устата ааспыт сыллааҕы үлэ түмүгүн таһаарар, ырытар кэпсэтиилэргэ кытталлар, үлэни тупсарыыга үөрэхтээһиннэргэ, маастар-кылаастарга үөрэнэллэр. Манна бэлиэтээн эттэххэ, генеральнай дириэктэр Ньургуйаана Стручкова быйыл “Сахабэчээт” тэрилтэтигэр үөрэхтээһиҥҥэ, идэ таһымын үрдэтиигэ болҕомто ууруллуоҕун эттэ. Онон маннык тэрээһиннэр сыл устата тиһигин быспакка тэриллиэхтэрэ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэчээткүнэ
https://www.instagram.com/p/CYnRXu-ohTG09NchvavHCbXBRAkE5HwcT0KgP40/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

"Мүрү саһарҕата" хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ – Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Наталья Попова Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна буолла👏👏👏

Наталья Гаврильевнаны сыралаах үлэҥ сыаналаммытынан кэлэктииппит аатыттан истиҥник эҕэрдэлиибит уонна айар үлэҕэр, төрөөбүт улууһуҥ хаһыатын сайыннарар, тэрилтэни салайар күнүстэри-түүннэри түбүктээх үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт🎉🎉🎉

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэчээткүнэ
#хаһыатүлэтэ
https://www.instagram.com/p/CYqOmtuM0DDyEOSM2ueBZtamkouFb2FADEZiaY0/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

🔻 Өссө үөрүүбүтүн үллэстэбит🎉🎉🎉

🔻 "Сахабэчээт" судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ улуустар хаһыаттарын уонна сетевой таһаарыыларын үлэлэринэн сыл түмүгүн таһаарар "Медиа-лидер" профессиональнай куонкуруһугар биһиги хаһыаппыт киин улуустарга бастакы миэстэ буолла👏👏👏

🔻 Оттон кылаабынай эрэдээктэр Наталья Попова "Медиа-лидер" иккис миэстэлээх дипломун тутта🎉🎉🎉

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэчээткүнэ
#бастыҥнар
#хаһыатүлэтэ
https://www.instagram.com/p/CYqr_2TMRAwjlzlkpZJoe-18UIwEKcOhM22WuA0/?utm_medium=share_sheet
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бэчээткүнэ

💠 Улуустар хаһыаттарын видеографтара маастар-кылааһы бардылар

Саха бэчээтин бэлиэ күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Николаев анал ыйааҕынан 2020 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр бигэргэммитэ.

Бу сүҥкэн историческай күнү суолталаан, үйэтитэн, чуолаан улуус бэчээтин эйгэтин үлэһиттэрин түмэн, аныгы үйэ тэтимнээх сайдыытын кытта тэҥҥэ хаамсан, саҥа үктэлгэ тахсан, ааҕааччыга туһалааҕы, интэриэһинэйи тиэрдэр соруктаах үлэни көҕүлээри өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай автономнай "Сахабэчээт" тэрилтэтэ СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологиялар министиэристибэтин өйөбүлүнэн "Оройуон медиалара – саҥа таһым" диэн сэминээри тэрийбитэ үһүс күнэ.

Сэминээр чэрчитинэн улуустар хаһыаттарын видеографтарыгар "Улусмедиа" сетевой таһаарыы видеограба Эвелина Попова интервьюну ылыы, онно уоту туһаныы, монтаж туһунан кэпсээтэ.

📹 Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэчээткүнэ

💠 Саха Национальнай бэчээтин күнүн көрсө Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Овальнай саалатыгар судаарыстыбаннай уонна биэдэмистибэннэй наҕараадалары туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.

💐 Биһиги эрэдээксийэбититтэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар суруналыыс Екатерина Захарова "СӨ Бэчээтин туйгуна" бэлиэнэн наҕараадаланна😍👏👍

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Бэчээткүнэ

Чугас дьонун кинигэҕэ үйэтиттэ

Бороҕон нэһилиэгэр Черкашиннар диэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕалара, нэһилиэк балыыһатын маҥнайгы биэлсэрэ Егор Ананьевич Черкашин оччотооҕу эмп-том суох, усулуобуйа ыарахан кэмигэр бэйэтин идэтин толору баһылаан, өссө айылҕаттан бэриллибит талаанын сайыннаран, отоһут быһыытынан дьону эмтээн, дьон-сэргэ махталын ылыан ылбыта, Чаххааһын биэлсэр диэн аатынан норуокка биллэр эмчит буолбута.


Республика араас улуустарыттан кэлэн эмтэнэн ,үтүөрэн харахтара сырдаан бараллара. Кини кылгас ол эрээри чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта, кэргэнэ Ксения Васильевна Копырина Дьокуускайга театральнай студияны үөрэнэн бүтэрбитэ, дьылҕа хаан ыйааҕынан кэргэн тахсан элбэх оҕоҕо күн сирин көрдөрбүтэ.

Улахан дьиэ кэргэн ийэтэ нэһилиэккэ, араас үлэлэргэ үлэлээн, 9 оҕотун соҕотоҕун көрөн- истэн, иитэн-үөрэттэрэн атахтарыгар туруоран, ыал оҥортоон, барыларыгар уруу тэрийэн, олохторун укулаатын уурбута.

✍️ Светлана Прудецкая библиотекарь, общ корр.

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️