УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
6.25K subscribers
40.6K photos
4.01K videos
11 files
6.94K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#быыбар2023

Быыбардааччылары буккуйар сымыйа сурахтар тарҕанан эрэллэр

Холобур, бу хаартыскаҕа көстөр курдук, галочка сороҕун квадрат иһиттэн таһаардаххытына бюллетень дьиҥэ суох буолар диэн сымыйа сурах буоларын Уус Алданнааҕы территориальнай быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Сергеев бигэргэтэр:

– Ити сымыйа сурах тарҕанан эрэр. Быыбардыыр бюллетеҥҥэ талбыт кандидатыҥ аатын утары бэлиэ туруораҕын, ол бэлиэҕин бүтүннүү хайаан да квадрат иһигэр батарыахтааххын диэн ханнык да сокуоҥҥа суох, онон бэлиэҥ сороҕо таһыгар тахсыан сөп. Оттон бэлиэни квадракка буолбакка, атын сиргэ туруордаххына, кырдьык, бюллетень дьиҥэ суох буолар.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👌51
#быыбар2023

Уус Алдаҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын быыбарыгар 4180 киһи кытынна, бу быыбардааччы уопсай ахсааныттан 30,61%-на буолар.

Оттон улуус баһылыгын быыбарыгар кыттыбыт киһи ахсаана бүгүн 3989 буолбут, бу 29,90%-ҥа тэҥнэһэр.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍8
#быыбар2023

Мүрү 1-гы #-дээх орто оскуолатын быйыл бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы экономико-правовой колледжка юрист идэтигэр үөрэнэ сылдьар Юлиана Орлова үөрэҕиттэн көҥүл ылан быыбарга үлэлии сылдьар.

Бу туһунан Юлиана маннык кэпсээтэ: "Экономика министиэристибэтин кытта дуогабардаһан үс күн быыбарга үлэлии кэллим.

Дьонтон кимиэхэ куоластаатыгыт диэн ыйытыыга хоруй ылабын. Онно, биллэн турар, эппиэттээччи аата-суола ыйыллыбат.

Бэҕэһээ бастакы күммүн үлэлээн олус сөбүлээтим. Олох оргуйар үөһүгэр сылдьыы, дьону кытта кэпсэтии элбэххэ үөрэтэр дии саныыбын. Инники үлэбэр-хамнаспар туһалаах буолуо буоллаҕа".


✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍14
#быыбар2023

Быыбар иккис күнэ ортолоото. Бу кэмҥэ Уус Алданнааҕы ТИК иһитиннэрбитинэн, улуус нэһилиэнньэтэ быыбарга кыттыыта 42% тэҥнэспит.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍15
#быыбар2023

Быыбар иккис күнүн түмүгүнэн улуус 6695 олохтооҕо, ол эбэтэр быыбардааччы 49,03% куоластаата. Бу туһунан улуустааҕы ТИК иһитиннэрдэ.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍9🤔2🤯2👌2
animation.gif
42.3 KB
#быыбар2023

Бүгүн күнүс 12.00 чаастаах дааннайынан Уус Алдан быыбардааччыларын 56,55% куоластаатылар

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍8
#быыбар2023

Лөгөй орто оскуолатын "кыһыл көмүс" выпускниктара Антонина Белолюбская, Марфа Готовцева Баатаҕайдааҕы 592 Nдээх быыбардыыр учаастакка быыбарга кыттыыны ыллылар.

Ону таһынан саамай эдэр быыбардааччы Марк Карпов куоластаата.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏4👍31
#быыбар2023

Бүгүн Мүрү нэһилиэгэр 565 #-дээх быыбардыыр учаастакка күнүс 15.00 чаас саҕана Юлианна Окоемова бэрэссэдээтэллээх тоҕус киһи үлэлии олорор. Биир полиция үлэһитэ уонна биэс кэтээн көрөөччү бааллар, биир кэтээн көрөөччү хамыыһыйа икки үлэһитин кытта тас куоластааһыҥҥа бардылар.

✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍7
#быыбар2023

Быыбар үһүс күнүн 15.00 чаастааҕы дааннайынан Уус Алдан улууһун олохтоохторо быыбарга кыттыылара 63,27%-ҥа тэҥнэһэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан 5-с миэстэҕэ таҕыста.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏8👍2
#быыбар2023

Бүгүн киэһээҥҥи 18.00 чаастааҕы дааннайынан Уус Алдан улууһун быыбардааччыларын 63,01%-на куоластаата.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍6
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар2023

Уус Алданнааҕы ТИК бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Сергеев быыбарга нэһилиэнньэ кыттыыта көхтөөҕүн, бүгүн 18.00 чаастаах көрдөрүүнэн 63,01% буолбутун бигэргэттэ. Оттон бүгүн күнүс 15:00 чаастаах көрдөрүүгэ сыыппараҕа алҕас тахсан ("некорректный ввод данных") % үрдээн көстүбүтүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын кытта көннөрүү киллэриллибитин быһаарда.

✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍5👌4
#быыбар2023

💠Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар куоластааһын бюллетеннэрин 47,23%-на ааҕыллыбыт.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏10👍3
animation.gif
35.7 KB
#быыбар2023

💠 Бороҕоннооҕу 29-с N-дээх биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктан Ил Түмэҥҥэ депутаттары талыы бюллетеннэрин 50%-на ааҕыллыбыт.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍41
animation.gif
35.9 KB
#быыбар2023

Бороҕоннооҕу 29-с N-дээх биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктан Ил Түмэн 7-с ыҥырыытыгар депутаттары талыы бюллетеннэрэ 100% ааҕыллыбыттар.

Бу уокурук олохтоохторо А.Н. Жирков иһин 69,71%-ра куоластаабыт, Е.Д. Кривошапкин иһин 26,75%-ра куолас бэриллибит, оттон А.М. Дегтяревка быыбардааччы 2.14%-на куоластаабыт.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍12
#быыбар2023

Үс күннээх быыбар түмүгүнэн тоҕус улууска баһылыктар талылыннылар. Үс баһылык бэйэлэрин дуоһунастарыгар хаттаан быыбарданнылар: Горнайга – Никита Андреев, Намҥа – Юрий Слепцов, Кэбээйигэ – Иван Левин.

Саҥа баһылыктарынан Уус Алдаҥҥа – Василий Аммосов, Тааттаҕа – Айаал Бурцев, Үөһээ Халымаҕа – Денис Барков, Уус Маайаҕа – Александр Азаров, Усуйаанаҕа – Валерий Сидорин уонна Эбээн Бытантайга – Иннокентий Стручков талылыннылар.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏26👎9👍1
#быыбар2023

СӨ Киин быыбар хамыыһыйата барыллаан ааҕыы түмүгүн иһитиннэрбитинэн, Уус Алдаҥҥа Василий Аммосов быыбардаабыт дьон 55,21% куоластарын ылла.

Ыспыраапка:

Василий Иванович Аммосов 1968 сыл кулун тутар 6 күнүгэр Бороҕон сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. 2001 с. Дьокуускайдааҕы коммунальнай тутуу техникумун, 2009 с. СГУ инженернэй-техническэй институтун бүтэрбит.
Уус Алданнааҕы механизированнай учаастакка иккис разрядтаах болуотунньугунан үлэтин саҕалаабыт, Намҥа МПМК Агропромстрой тэрилтэтигэр, "Якутсельстрой" Бороҕоннооҕу ПМК-гар каменщигынан, биригэдьииринэн, тутуу маастарынан, прорабынан, директоры солбуйааччынан, “Ыллык” ХЭТ тутуу тэрилтэтин арыйан директорынан, 2005 сылтан Уус Алдан улууһун дьаһалтатыгар тутуу отделыгар салайааччынан үлэлээбит, 2007 сылтан 2023 сылга диэри – Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга.


t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏36👍18👎8🤮1
#быыбар2023

Саха сиринээҕи Быыбар киин хамыыһыйатын улуус баһылыгын дуоһунаһыгар куоластааһын учаастактааҕы быыбар хамыыһыйаларын биирдиилээн барыллааһын түмүктэрин билиһиннэрэбит
👇👇👇

☑️ https://мюрюгазета.рф/uus-aldan-uluuhun-bahylygyn-duohunahygar-kuolastaahyn-tymyge/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏6👍5
#быыбар2023

Уус Алдан улууһун бэрэстэбиитэллээх уорганыгар дьокутааттары талыы түмүгэ

Мүрүтээҕи 1 № уокурукка

Алексеев Анатолий Анатольевич 312
Алексеев Евгений Петрович 81
Баханов Петр Петрович 164
Борисов Михаил Васильевич 386
Гоголев Александр Яковлевич 66
Готовцев Николай Николаевич 103
Ефимова Альбина Ильинична 116
Ильин Захар Васильевич 98
Карпов Андрей Иванович 53
Копырин Ньургун Петрович 204
Павлов Евгений Васильевич 135
Петрова Анна Саввична 176
Сторожев Анатолий Дмитриевич 166
Тордуянова Варвара Семеновна 83
Шелковников Гавриил Гаврильевич 237

Хоротооҕу 2 № уокурукка
Бурцев Гаврил Васильевич 299

Бурцев Степан Леонидович 273

Байаҕантайдааҕы 3 № уокурукка
Аммосов Иннокентий Иннокентьевич 428

Гаврильева Анна Васильевна 92

Өлтөхтөөҕү 4 № уокурукка
Губарева Евдокия Павловна 28
Тимофеев Гаврил Гаврильевич 447

Бэрт Ууһунааҕы 5 № уокурукка
Портнягин Иван Гаврильевич 250
Тролуков Максим Михайлович 17
Черкашин Николай Гаврильевич 240

Курбуһахтааҕы 6 № уокурукка
Готовцев Мичил Романович 185
Ермолаев Наум Наумович 289
Омукчанов Ян Владимирович 9

Лөгөйдөөҕү 7 № уокурукка
Бурнашев Анатолий Семенович 291

Копырин Иван Данилович 167
Максимов Василий Васильевич 26
Татаринова Светлана Павловна 12

Баатаҕайдааҕы 8 № уокурукка
Жирков Николай Герасимович 65
Троев Алексей Яковлевич 271
Чемезова Антонина Ивановна 73

Суоттутааҕы 9 № уокурукка
Борисов Василий Васильевич 22
Бочкарев Степан Николаевич 239
Заровняев Борис Иннокентьевич 245

Бороҕоннооҕу 10 № уокурукка
Борисов Михаил Григорьевич 80
Копырин Константин Михайлович 457

Дүпсүннээҕи 11 № уокурукка
Нестеров Алгыс Александрович 324

Стрекаловский Захар Захарович 186

Найахытааҕы 12 № уокурукка
Литвинцев Степан Моисеевич 88
Румянцев Василий Иванович 366

Өнөрдөөҕү 13 № уокурукка
Троев Юрий Иннокентьевич иһин– 388 утары – 62

Алданнааҕы 14 № уокурукка
Салышев Георгий Валикаевич 39
Стрекаловский Андрей Васильевич 165
Цой Евгений Иванович 137

Мындаабатааҕы 15 № уокурукка
Винокуров Виталий Робертович 210
Дьяконов Владимир Романович 268
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍14👏2
#быыбар2023

🗳 Бүгүн, сэтинньи 19 күнүгэр, II Лөгөй нэһилиэгин баһылыгын быыбара сарсыарда 8 чаастан саҕаланна.

Быыбарга 10 чаастааҕы туругунан 45 киһи куоластаата, ол быыбардааччы уопсай ахсааныттан 10,5 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍5🙏2🤯1
#быыбар2023

II Лөгөй нэһилиэгэр саҥа баһылыгы таллылар

🗳 Бүгүн, сэтинньи 19 күнүгэр, II Лөгөй нэһилиэгин баһылыгын быыбара сарсыарда 8 чаастан саҕаланан киэһэ 20.00 чааска түмүктэннэ.

«Быыбарга баһылыкка кандидатынан турбут Бурнашев Ариан Иннокентьевич – 130, Бурнашев Петр Егорович 140 куолаһы ыллылар. Онон баһыйар куолаһы ылан Петр Егорович Бурнашев нэһилиэк баһылыгынан талылынна.

Быыбарга барыта 273 киһи куоластаата, ол иһигэр 3 бюллетень дьиҥэ суоҕунан ааҕылынна», – диэн быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Елена Атласова иһитиннэрдэ.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏13👍83