#Кыайыыкүнэ
💢 Улуус киинигэр Бороҕоҥҥо Өйдөбүнньүк уота умайда
Улуу Кыайыы 78 сылыгар аналлаах “Өйдөбүнньүк уотун уматыы” үөрүүлээх миитин “Батыйа” комлекска буолла. Кыайыыны уһансыбыт сэрии бэтэрээннэрин көмүс ааттарыгар махталлаах ыччат аатыттан Семен Орлов эҕэрдэ ырыатынан саҕаланна. Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх бырааһынньыгынан Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, Мүрү нэһилиэгин баһылыга Василий Аммосов, Ил Түмэн депутата Геннадий Васильев, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Олег Федоров эҕэрдэ тылы эттилэр.
Ийэ дойдубут көҥүл, сырдык, эйэлээх олоҕун иһин олохторун толук уурбут саллааттар сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэ-махтана Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын үөрэнээччилэрэ Үйэлээх уокка венок, миитин кыттыылаахтары сибэкки дьөрбөтүн уурдулар итиэннэ миитин бары кыттыылаахтара биир дойдулаахпыт, кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс Николай Пестряков “Баараҕай Батыйа” хоһоонун биир тэҥник күргүөмүнэн аахтылар. Оттон ырыаны Василий Охлопков толорон иһитиннэрдэ.
Миитин иккис чааһыгар дойду чиэһин көмүскүү сылдьан байыаннай дьайыыга эчэйбит, ытык иэстэрин төлөөрү сырдык тыыннарын толук уурбут хорсун-хоодуот уолаттарбыт ааттарын үрдүктүк тутан, киэн тутта ааттаатылар.
Ол курдук, анал байыаннай дьайыыга сырдык тыына быстыбыт дьоммут ааттарын үйэтитэн Алексей Федотов “Эр санаа” (өлбүтүн кэннэ) уордьаны Владимир Николаевич Баишев төрөппүттэрэ Евдокия, Николай Баишевтар уонна кэргэнэ Жанна Баишева туттулар. Николай Леонидович Голиков наҕараадатын төрөппүттэрэ София, Леонид Голиковтар, Гаврил Гаврильевич Попов наҕараадатын ийэтэ Валентина, кэргэнэ Айна Поповалар туттулар.
✍️ Мария Аргунова
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Салгыы комментарийдарга⏬⏬⏬

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ
💢 Кыайыы эстафетатын кыайыылааҕа – МЧС хамаандата👍 💪 👏
Арассыыйа Дьоруойа Михаил Стрекаловскай аатынан "Кыайыы эстафетатыгар" 9 хамаанда кытынна.
Кыайыы өрөгөйүн МЧС хамаандата биллэ. Иккис миэстэҕэ Мүрүтээҕи бастакы нүөмэрдээх оскуолата буолла. Үһүс бириистээх миэстэҕэ үөрэх управлениетын уонна ДЮСШ хобоһуктаах хамаандалара тигистэ.
✍️ Ольга Шепелева
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Арассыыйа Дьоруойа Михаил Стрекаловскай аатынан "Кыайыы эстафетатыгар" 9 хамаанда кытынна.
Кыайыы өрөгөйүн МЧС хамаандата биллэ. Иккис миэстэҕэ Мүрүтээҕи бастакы нүөмэрдээх оскуолата буолла. Үһүс бириистээх миэстэҕэ үөрэх управлениетын уонна ДЮСШ хобоһуктаах хамаандалара тигистэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ
💢 Бороҕоҥҥо Лөгөй аатынан киин болуоссакка бырааһынньыктааҕы кэнсиэр түгэннэрэ👏 👏 👏
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ
💢 Кэптэнигэ Улуу Кыайыы 78 сылын бэлиэтиир миитин Лөгөй орто оскуолатын улахан кылааһын үөрэнээччилэрэ Өлбөт-өспөт полка халыҥ халҕаһатынан анньан кэлиилэриттэн саҕаланна. Миитин кыттыылаахтара Марианна Попова, Владимир Прядезников Улуу Кыайыыны уруйдуур тыллардаах ааҕыыларын долгуйан иһиттилэр, сэрииттэн эргиллибэтэхтэр сырдык кэриэстэригэр мүнүүтэлээх чуумпурууга куустардылар.
Салгыы нэһилиэк баһылыга Николай Попов Лөгөй нэһилиэгин дьоно Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыларын, Украинаҕа буола турар байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар уолаттарбытын ахтан-санаан этиитэ болҕомтону тарта, уйулҕаны уһугуннарда.
Умуллубат уокка Александр Максимов, Владислав Лугинов гирляндалары уурдулар. "Аал уот" бэтэрээннэр ансаамбыллара Варвара Фёдорова салалтатынан "Тыыннаахтар умнубат сыллара", "Катюша" ырыалары ыллаатылар. Онтон сэрии, үлэ, тыыл, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин улуустааҕы сэбиэттэрин ааттарыттан Ульяна Бурнашева билиҥҥи кэм Аҕа дойду сэриитигэр чахчыларын билиһиннэрдэ. Уу нулдьаҕай сааһыгар эрэй бөҕөнөн киһи буолбут сэрии сылын оҕото Земфира Никифороваҕа, иитээччи, уһуйааччы Екатерина Петуховаҕа, сэрии огдообото Мотрёна Петуховаҕа, тыыл бэтэрээнэ Афанасий Олесовка Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүнэн анаммыт мэтээллэри туттардыбыт.
Сэрии сылын оҕолоругар, тыыл бэтэрээннэригэр сакалааттары, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар төрөппүттэригэр үтүө санаа корзинатын бэлэхтээн үөртүбүт. "Өбүгэ аһа" түмсүүттэн Майя Дьяконова, Валерий Татаринов хара килиэбинэн, гречка хааһынан күндүлээн миитин сиэрин ситэрдилэр
✍️ Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп. Кэптэни

💢 Түүлээхтэр Дмитрий Оллоновы үйэтитэллэр
Бүгүн Улуу Кыайыы 78 сылыгар Түүлээх нэһилиэгэр алта бойобуой орден кавалера Дмитрий Данилович Оллонов аатыгар тэрилтэлэр, түмсүүлэр икки ардыларыгар ытыыга күрэх буолла.
Нэһилиэк уопсайа биэстии киһилээх 12 хамаанданы туруорда, ытыыга 60 киһи кытынна.
Үс чаас устата эрийсиилээх күрэх ыытылынна.
Ол түмүгэр үһүс миэстэ "Аргыс" эр дьон ансаамбылын хамаандата, иккис миэстэ КСК коллектива, бастакы миэстэ, "Айылгы" ветераннар түмсүүлэрэ буоллулар.
Дьахталларга "Бэргэн ытааччынан» Мария Винокурова, эр дьоҥҥо Петр Волков, оҕолорго Сережа Винокуров ааттаннылар.
Тэрийбит, кыттыбыт, ыалдьыбыт дьоммутугар махталбытын биллэрэбит.
✍️ Туяра Ушницкая, уопсас. кэрэсп. Түүлээх нэһилиэгэ
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Бүгүн Улуу Кыайыы 78 сылыгар Түүлээх нэһилиэгэр алта бойобуой орден кавалера Дмитрий Данилович Оллонов аатыгар тэрилтэлэр, түмсүүлэр икки ардыларыгар ытыыга күрэх буолла.
Нэһилиэк уопсайа биэстии киһилээх 12 хамаанданы туруорда, ытыыга 60 киһи кытынна.
Үс чаас устата эрийсиилээх күрэх ыытылынна.
Ол түмүгэр үһүс миэстэ "Аргыс" эр дьон ансаамбылын хамаандата, иккис миэстэ КСК коллектива, бастакы миэстэ, "Айылгы" ветераннар түмсүүлэрэ буоллулар.
Дьахталларга "Бэргэн ытааччынан» Мария Винокурова, эр дьоҥҥо Петр Волков, оҕолорго Сережа Винокуров ааттаннылар.
Тэрийбит, кыттыбыт, ыалдьыбыт дьоммутугар махталбытын биллэрэбит.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ
💢 Кыайыыны уһансыбыттар ааттара умнуллубат
Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолата Аҕа дойду сэриитэ саҕаланыан иннинэ 1940-1941 үөрэх сылыгар орто оскуола буолбута. Ити сыл 8-с кылаас аһыллыбыта. Сэриигэ оскуола учууталлара, үлэһиттэрэ, үөрэнээччилэрэ, тыылга хаалбыт оҕолор учууталларын салалтатынан инники күөҥҥэ сылдьыбыттара.
Олортон биирдэстэринэн Кёнигсберг (билигин Калининград) куоракка Улуу Кыайыыны көрсүбүт, 40 сыл оҕону үөрэтиигэ олоҕун анаабыт Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Афанасий Федоров (1914-1998) буолар. Афанасий Иванович хорсуннук сэриилэһэн "Кыһыл Сулус" уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин II истиэпэннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыта. Афанасий Иванович ССРС физическэй култуураҕа туйгуна, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо этэ.
Хорсун саллаат, үтүөкэннээх учуутал сиэнэ, эһэтин туйаҕын хатаран байыаннай идэлээх Иван Федоров Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө муус устарга Москваҕа Поклоннай хайаҕа баар Сэбилэниилээх Күүстэр түмэлин интерактивнай саалатыгар сылдьан эһэтин Афанасий Ивановиһы булан кини үтүө аатыгар сүгүрүйдэ, бэлиэ хаартыскаҕа түстэ.
Иван Федоров алын сүһүөх кылаастарга Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар, кэлин Мүрүтээҕи гимназияҕа үөрэммитэ. Маннык аныгы ыччат эһэлэрин бойобуой, үлэ албан ааттаах олоҕун умнубаттара, киэн тутталлара үөрүүнү, инникигэ эрэли саҕар.
✍️ Елена Сыроватская, уопсас.кэрэсп.

💢 Өнөргө Улуу Кыайыы 78 сылыгар аналлаах бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ Аҕа дойду туһугар кыргыһыы толоонугар олохторун толук уурбут хорсун буойуттарга уонна төрөөбүт дойдуларыгар эргиллэн кэлэн эйэлээх олох туһугар турууласпыт сэрии, тыыл бэтэрээннэрин сырдык ааттарыгар "Өйдөбүнньүк уотун уматыы" миитин ыытылынна.
Нэһилиэк баһылыга Николай Лукачевскай Аҕа дойду сэриитин историятыттан ахтыы оҥорон кэпсээтэ. Бу сэриигэ баран охтубут буойуттар ааттарыгар уонна Өнөр нэһилиэгиттэн Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыга сылдьан эдэр сааһыгар суорума суолламмыт хорсун буойун Евдоким Ушницкай аатыгар мүнүүтэлээх тохтобулу биллэрдэ. Салгыы Евдоким Ушницкай төрөппүттэригэр Марианна, Семен Ушницкайдарга уонна Алексей Черноградскай төрөппүттэригэр Наталья, Мариан Черноградскайга, Иван Замятин кэргэнигэр Алена Замятинаҕа, Михаил Слепцов кэргэнигэр Мира Слепцоваҕа, Петр Лыткин төрөппүттэригэр Дарья, Афанасий Лыткиннарга, Василий Ушницкай уолугар Тимур Ушницкайга Ил Дархан Кыайыы күнүнэн эҕэрдэ суругун уонна нэһилиэк тэрилтэлэрин кэлэктииптэрэ тэрийбит продуктовай корзиналарын бэлэх туттардылар. Онтон бэтэрээннэр ааттарыттан бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Любовь Борисова эмиэ эҕэрдэ тыл эттэ.
Россия Дьоруойа Михаил Стрекаловскай аатынан музейга байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Евдоким Ушницкайга анаммыт быыстапка стендэ турда, онно кини оҕо саадыгар сылдьан уруһуйдаабыт уруһуйдара уонна күрэхтэһиилэргэ кыайбыт мэтээллэрэ көрдөрүлүннүлэр. Бу күн успуорт саалатыгар нэһилиэк тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэр кыттыылаах ытыыга күрэхтэһии буолла. Алталыы киһилээх хамаандалар тыҥааһыннаах киирсиилэрин түмүгэр 1-кы миэстэни бэтэрээннэр, 2-с миэстэни оскуола, 3-с оҕо саадын хамаандалара ыллылар.
Онтон киэһэ пааматынньыкка Өйдөбүнньүк чүмэчи уматыы аахсыйатыгар кытынныбыт.
Бу күн улуустааҕы тэрээһиҥҥэ киэн туттар ыччаппыт, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Петр Лыткин "За воинскую доблесть" мэтээлинэн наҕараадаланна.
✍️ Варвара Парникова – Үүйэ, уопсас. кэрэсп.

💢 Түүлээх нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнүнэн тыыл бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕолоро 5 киһи Афанасий Неустроев дьиэ кэргэниттэн "Өбүгэ аһа" (сылгы хаттата, хаана, үөрэлэммит ынах иһэ, сүөгэй) кэһиини тутан үөрдүлэр-көттүлэр.
Итини сэргэ "Айаана" эдэр ийэлэр түмсүүлэрэ алта бэтэрээммитигэр минньигэс торт кэһиилээх, ырыа-тойук аргыстаах дьиэлэригэр тиийэн эҕэрдэлээтилэр
✍️ Туяра Ушницкая, уопсас. кэрэсп. Түүлээх