УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.08K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#БАРЫБИИРГЭ

Уус Алданнааҕы суут тэрилтэтин кэлэктиибэ (бэрэссэдээтэл Нюргуяна Дьячковская) #мывместе #своихнебросаем аахсыйа чэрчитинэн байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан хаххалыыр сиэккэлэри туттардылар.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#барыбииргэ

«Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйа көмөтүн туттарыы саҕаланна 👍

😍 Россиятааҕы «Биир ньыгыл Россия» баартыйата ыытар «Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйатынан улууспутугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар бэлэх туттарыы бүгүҥҥүттэн саҕаланна.

📒 🖍 🎒 Улуус баһылыга Василий Аммосов уонна «Биир ньыгыл Россия» Уус Алданнааҕы салаатын сэкирэтээрэ Күннэй Рощина ыалларга ыалдьыттаан, оҕолорго үөрэх тээбириннэрин туттардылар, Василий Иванович оҕолору кытта кэпсэттэ, ситиһиилээх үөрэҕи баҕарда.

Бу аахсыйаҕа политическай баартыйа чилиэннэрэ, байыаннай дьайыыга кыттааччылаах улууспут нэһилиэктэрин дьаһалталара, Мүрү нэһилиэгин түөлбэлэрэ уонна тэрилтэлэртэн ветеринарнай управление кытынна.
Маннык көмө бэлэҕи улууспутугар барыта 110 ыал оҕото тутуоҕа.

✍️ Мария АРГУНОВА

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#барыбииргэ

Көмөбүт – уопсай сорукпут

Уус Алдан улууһун ытыктабыллаах олохтоохторо!


Билэргит курдук, билигин аан дойду үрдүнэн буола турар быһыы-майгы олус кытаатта, байыаннай дьайыыга биһиги улууспутуттан элбэх ыччат кытаанах туруулаһыыга сылдьар, оҕолорбут олохторун толук ууран туран дойдубут көҥүл, нус-хас, эйэлээх олох туһугар хорсуннук киирсэ сылдьаллар.

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биһиги, уус алданнар, инники күөҥҥэ сылдьар уолаттарбыт кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөһүөхтээхпит диэн биир сүбэнэн быһаарыныы ылыммыппыт. Ол чэрчитинэн улууска «Эрэл» анал аһымал пуонда тэриллибитэ. Улуустан делегация хаста да баран биир дойдулаахтарбытын көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, бар дьоммут сүрэхтэрин тапталын иҥэрэн ыыппыт көмөлөрүн, кэргэттэрэ-аймахтара суруйбут истиҥ-иһирэх тыллаах суруктарын, илиилэрин сылааһын иҥэрэн астаабыт минньигэс астарын тириэрдибитэ. Ол уолаттар куттарын бөҕөргөтөн, күүстэригэр күүс уган, ханнык баҕарар кыргыһыыттан кыайыылаах тахсалларыгар тулхадыйбат тирэх буолбута саарбаҕа суох.

Бу кыһарҕаннаах кэмҥэ үлэни өссө күүһүрдэр, хас биирдии улуус олохтооҕо көхтөөх кыттыыны ылара ирдэнэр. Билигин инники кирбиигэ сылдьар байыастарбыт хорсун- хоодуот уолаттарбыт санаалара бөҕөх, бары ахтылҕаннаах дойдуларыгар кыайыы-хотуу кынаттаах, үөрүү-көтүү көтөллөөх, өрөгөй ырыа аргыстаах эргиллэн кэлэллэригэр халбаҥнаабат бигэ эрэллээхтэр.

Кыайыыны чугаһатар туһугар биһигиттэн өйөбүл, таптал уонна кыһамньы ирдэнэр. Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕа! Ол туһугар бары бииргэбит! Норуот күүһэ – түмсүүгэ! Түмсүү түмүгэ – кыайыыга!

Бу маннык санаанан салайтаран, улуус Ытык сүбэтэ, бары биир киһи курдук, күннээҕи хамнаспытын «Эрэл» анал аһымал пуондаҕа түмүөххэ диэн биир дойдулаахтарбытын ыҥырабыт!

Ону таһынан бэйэтин сайаҕас баҕа санаатынан күүс-көмө оҥоруон баҕалаах дьону, улууспут тэрилтэлэрин, урбаанньыттарын эмиэ бу үтүө дьыалаҕа кыттыһарга ыҥырабыт!

Туора турумаҥ, холбоһуктаах күүһүнэн дойдубутун кыайыыга тиэрдиэххэ!

Уус Алдан улууһун Ытык сүбэтэ

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ

Хас биирдии көмө – кыайыыны чугаһатар

Дойдубутугар буола турар байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар туох эмэ көмөнү уунан кыайыыны уһансар үтүө санаалаах дьон улууспут иһигэр күннэтэ көстөллөр. Ол курдук, улуустааҕы психологическай киин үлэһиттэрэ биллэрбит аахсыйаларыгар кыттыһан, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, муҥхаһыт Василий Аргунов сабыс-саҥа илими бэлэх уунна.

Василий Васильевич бу бастакы көмөтө буолбатах. Кини маннык аахсыйаларга куруук көхтөөхтүк кыттар. Дойдубут чиэһин көмүскүүр дьайыыга, ыарахан усулуобуйаҕа түүннэри-күнүстэри тыын былдьаһа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө уҕарыахтааҕар, билигин күүһүрэр кэмэ кэллэ.

Онон көмөттөн туора турбат биир дойдулаахтарбыт үтүө үгэстэрин көрө сылдьан, кинилэри холобур оҥостон, илиибит, сүрэхпит сылааһын ууран, аахсыйаны көҕүлээн, тэрийэн ыытар дьоммут ыҥырыытын ылынан, ылсан иһэргитигэр улууспут дьонун-сэргэтин ыҥырабыт.

✍️ Мария АРГУНОВА

@uamurusahargata @ulusmedia
#БАРЫБИИРГЭ

Дойдубутугар уустук кэмҥэ билигин барыбытыгар эппиэттээх, хас биирдии киһи Ийэ дойдубутун көмүскээччилэргэ тугунан эмит көмөлөстөрбүт диир кэм кэлэн турар.

Алтынньыга улуус дьаһалтата ыытар «Барыта Кыайыы туһугар» көмө аахсыйатыгар И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын кэлэктиибэ кыттыста: оскуола үлэһиттэрэ өрбүт маскировочнай сиэккэбитин, буорту буолбат аһы, үлэһиттэртэн биир күннээх хамнас (77 000 солк.) хомуйан туттардыбыт.

Байыаннай дьайыыттан уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр, ил-эйэ олохсуйарыгар баҕарабыт.

✍️ Ньургуйаана Хорунова, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ

Санкт-Петербург куоракка ''Якутск'' диэн уу аннынан устар сүүнэ оҥочону ууга ыытыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла 🇷🇺

Манна Аҕа дойдуну көмүскээччилэр Саха сиринээҕи кэмитиэтин салайааччыта Марина Бахилина кыттыыны ылла. Бу түгэн өрөспүүбүлүкэ олоҕор сүдү суолталаах. Модун Арассыыйа Муоратааҕы Байыаннай флотун сүүнэ эбийиэгэр Саха сирин киин куоратын аатын иҥэрии – үрдүк чиэс, Кыайыы туһугар охсуһа сылдьар саха хорсун буойуннарын суолталааһын, билинии. Саха сирин уонна Арассыыйа Муоратааҕы Байыаннай флотун икки ардыларыгар бигэ сибээс олохтонуутун бэлиэтэ, дойду тирэхтээх, дурдалаах-хаххалаах буоларыгар улахан хамсааһын. Улахан байҕалларынан Саха сирин кэрэһэлиир сүүнэ оҥочо устуута хас биирдии саха киһитигэр эрэл санааны иҥэрэр, күүтүүлээх Кыайыыны чугаһатар. Бу сонуну Муоратааҕы Байыаннай флокка сулууспалаабыт, сулууспалыыр биир дойдулаахтарбыт сэргии истэллэрэ сэрэйиллэр.

✍️ Уйаара КУСТУК. Санкт-Петербург

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ

📣 Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөнү хомуйуу тохтообот. Ким баҕарар – биирдиилээн буоллун, кэлэктиибинэн буоллун – көмөҕө кыттыһан наадалаах малы, таҥаһы улуус дьаһалтатыгар илдьэн туттарыаххытын сөп.

Бүгүн "Өркөн" оҕону эбии үөрэхтээһин киинин кэлэктиибэ көмөтүн туттарда

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ

Уус Алдан улууһун Дүпсүннээҕи "Сардаҥа" оҕо уһуйаанын бэлэмнэнии уонна улахан бөлөх оҕолоро "ДЕТИ-ВОЛОНТЁРЫ" хамсааһыҥҥа кыттан, иитээччилэрин кытта СВО-ҕа байыастар уот оттоллоругар аналлаах "розжиг" оҥордулар уонна анал уруһуйу кырааскалаатылар.

Кырачааннар эйэлээх олох туһугар кыргыһа сылдьар биир дойдулаахтара кыайан-хотон дьиэлэригэр кэлэллэрин күүтэллэр уонна бэйэлэрин кыахтарынан көмө оҥороллоруттан үөрэллэр.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ

Волонтер көмөтө көмүстээҕэр күндү

Уус алданнар байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыгар күүс-көмө буоларбытынан биир бастыҥ улууһунан ааттанабыт. Биллэн турар, маннык түмсүү салайар, көҕүлүүр дьон баарыттан саҕыллан, салаллан тахсар буоллаҕа. Улууспутугар Саргылаана Никитина салайааччылаах психологическай киин үлэһиттэрэ улууспут дьонун түмэ тардан, үлэлиир дьиэлэригэр «Помощь волонтера бесценна» диэн штаб тэрийэн, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоммутугар көмө оҥорууга, хорсун байыастарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта алтыһан тигинэччи үлэлии-хамсыы олороллорун билэбит.

Кинилэри кытта кэпсэтээри психологическай киин дьиэ­тигэр тиийбиппэр киин үлэһиттэрэ Саргылаана Никитина, педагог Таисия Базарова, клиническэй психолог Елена Слепцова, социальнай педагог Доминика Егорова бу күннэргэ улуус дьаһалтатын бөлөҕө байыаннай дьайыы буола турар сиригэр айан­ныырынан биэрэн ыытар таһаҕастарын бэрийэ сылдьаллар эбит.

Үлэ үөһүгэр сылдьар Саргылаана Петровналыын кэпсэтиибитин сэргээҥ
👇
БАТТАА↩️

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ

Уус Алдан улууһуттан СВО кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөбүтүн тиксэрэ айаннаабыт "Эрэл" фонда учредителэ Иван Захаров уонна Лөгөй нэһилиэгин депутата Дмитрий Шарков Новоазовскайга тиийээт тарҕатарга бэлэмнии сылдьаллар.

Иван Иванович иһитиннэрбитинэн, барыта 60 кэмпилиэк наадалаах малы, таҥаһы хомуйаллар, ону таһынан улуус олохтоохторо ыыппыт араас көрүҥ көмөлөрүн, тус аадырыстаах баһыылкалары наардыыллар.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ

Уус Алдан улууһуттан Иннокентий Троев, Михаил Домотов, Иван Захаров, Дмитрий Шарков састааптаах делегация СВО-ҕа сылдьар уолаттарбытыгар гуманитарнай көмөнү тиксэрэр сырыыта салҕанар.

Бэҕэһээ, ахсынньы 4 күнүгэр, Донецкай народнай республикаҕа Мариуполь, Красная Поляна, Запорожскай уобаласка Мирское, Сладководное нэһилиэнньэлээх пууннар хайысхаларынан сылдьан 14 биир дойдулаах уолаттарбытын көрүстүлэр.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ

Уус Алдан улууһун олохтоохторун гуманитарнай көмөлөрүн тиэрдэр делегация бэҕэһээ, ахсынньы 6 күнүгэр, ДНР Бабах Тарама, Восточнай полигон хайысхаларынан сылдьан, 6 биир дойдулаахпытын көрсүбүттэрин "Эрэл" фонда учредителэ Иван Захаров иһитиннэрдэ.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ

Уус Алдан улууһуттан СВО-ҕа кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар улуус олохтоохторун гуманитарнай көмөлөрүн тиксэрэр делегация ДНР, ЛНР, Запорожскай, Белгородскай, Курскай уобаластарга байыастары көрсөн, барыта 54 кэмпилиэк таҥаһы-сабы, наадалаах малы, онтон да атын тэрили туттарбыттарын, 6 кэмпилиэги Новоазовскайга тирэх пууҥҥа хаалларбыттарын иһитиннэрдилэр.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM