УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.4K photos
3.05K videos
10 files
5.71K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Уһун Күөл орто оскуолатыгар кытай тылын үөрэтиигэ норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыагы саҕалыыр үөрүүлээх тэрээһин буолла.

Ол курдук, бу оскуола быйыл олунньуттан Арассыыйаҕа кытай тылын үөрэтэр ассоциированнай оскуолалар ситимнэригэр киирбитэ. Билиҥҥитэ бу ситимҥэ дойду 14 эрэ орто үөрэҕин кыһата баар.

🔻 Уһун Күөл оскуолата бу бырайыакка кыттыһыытын туһунан дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Наталья Турантаева билиһиннэрдэ:

– Биһиги оскуолабыт 2021 сылга полилингвальнай (хас да тылынан тэҥҥэ) үөрэхтээһини олоххо киллэриигэ Ил Дархан Гранын ылары ситиһэн, экспериментальнай былаһаакка статустанан, бу бырайыакка кыттыста. Онон үөрэнээччилэрбит үөрэх федеральнай стандартынан ирдэнэр иккис омук тылын үөрэтиигэ английскайы таһынан кытай тылын баһылыахтара, кинилэри Кытайтан Харбин куорат оскуолаларын учууталлара тэйиччиттэн көрүҥүнэн үөрэтиэхтэрэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Кытайтан быһа сибээһинэн Тыллары үөрэтиигэ хардарыта үлэлэһии киинин салайааччыта Чжао Гочэн, үөрэх уобаластааҕы управлениетын норуоттар икки ардыларынааҕы отделын салайааччыта Юй Цзычао, Харбин куорат үөрэҕин управлениетын салайар Инь Чжаолун, Харбин куорат 6N-дээх оскуолатын дириэктэрэ Чжан Сянчжоу уонна Кытай өрөспүүбүлүкэтин провинцияларын оскуолаларын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. Кинилэр бырайыак олоххо бигэтик киирэригэр үлэлэһэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр, хас биирдии үөрэнээччигэ кытай тылын үөрэтиигэ ситиһиилэри баҕардылар. Ити курдук тэрээһин кэмигэр бииргэ үлэлэһии Декларациятыгар илии баттастыбыт, онон номнуо олунньу 21 күнүттэн кытай тылын үөрэтии куурустара саҕаланыахтара. Маныаха биһиэхэ күүс-көмө буолбут ассоциированнай оскуолалар ситимнэрин Арассыыйатааҕы секретариатын бэрэссэдээтэлэ Юлия Николаева уонна сэкирэтээр, координатор Алгыс Тимофеевка махталбыт улахан.

🖊️ Диана Седалищева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үөрэхэйгэтэ
#илдархангрант
https://www.instagram.com/p/CaHYiAFsgd0/?utm_medium=share_sheet
#үөрэхэйгэтэ

Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһэ үтүө түмүктээх буоллун

Саха АССР тэриллибитэ 100, саха тылын үөрэтии саҕаламмыта 100 сылларын көрсө бу дьыл сэтинньи 23-25 күннэригэр Дьокуускай куоракка саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһэ саҕаланна. Сийиэскэ Уус Алдан улууһуттан 29 уонна 1 ыҥырыылаах дэлэгээттэр ананан бардылар.

Дэлэгээттэргэ Саха сиригэр төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ-иитиигэ, сайыннарыыга, саха тылын үөрэтэр учуутал статуһун үрдэтиигэ кэскиллээх чопчу этиилэри түмэн, сийиэс үлэтэ бу этиллибит хайысхаларынан, таарыллар тиэмэлэринэн, ыытыллар төгүрүк остуолларынан түмүктээх, таһаарыылаах буоларыгар баҕарабыт.

✍️ Айыы Куо Троева, үөрэх улуустааҕы салалтатын кылаабынай исписэлииһэ

Сиһилии: мюрюгазета.рф/article/79953