УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.47K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

💕 Бигэ тирэхтээх, иллээх дьиэ кэргэн – уопсастыба тулхадыйбат тутааҕа диэн мээнэҕэ этиллибэт. Дьиэ кэргэн үтүө эйгэтин олохтуур эмиэ туспа үлэ, дьулуур, кэрэҕэ тардыһыы күүһэ буолар. Онон олунньу 14 күнүн – Тапталлаахтар күннэрин көрсө улууспут араас көлүөнэ ыалларыттан олохторугар саамай умнуллубат түгэннэрин, бэйэ икки ардыгар истиҥ сыһыан уонна дьиэ кэргэн иллээх олоҕун кистэлэҥэ
туохха сытарын туһунан санааларын ыйыталастыбыт

🖊️ Ольга Шепелева, Екатерина Захарова

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тапталлаахтаркүннэрэ
https://www.instagram.com/p/CZ8YnrFtKoE/?utm_medium=share_sheet
📺📺📺

Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларын көрсө олунньу 15 күнүгэр "Саха" НКИХ ханаалыгар быйыл өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн спортивнай күрэхтэһиитин ыытар Уус Алдан улууһун бэрэстэбиитэллэрэ "Саҥа күн" уонна "Олох үөһүгэр" биэриилэргэ ыалдьыттыахтара. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

📌 Ол курдук сарсыарда 8:00 чааска тахсар "Саҥа күн" биэрии быһа эфиригэр улуус баһылыгын солбуйааччы Михаил Борисов нэһилиэнньэ Оонньууларга бэлэмнэниитин, култуурунай бырагырааманы билиһиннэриэҕэ.

Биэрии түмүгэр "Мүрү, Мүрү барахсан" ырыаҕа саҥа килиип дьон-сэргэ дьүүлүгэр тахсыаҕа.

📌 Оттон киэһэ 19 ч. 45 м. улуус баһылыга Алексей Федотов, Оонньуулар култуурунай бырагыраамаларын кылаабынай режиссера Сергей Расторгуев, спортивнай оонньуулар кылаабынай судьуйалара Николай Цыпандин уонна СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистирин солбуйааччы заместитель Александр Бугаев ыалдьыттыахтара. Кинилэр тэрээһин үлэни билиһиннэриэхтэрэ, көрөөччүлэр ыйытыыларыгар хоруйдуохтара.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саханкихкөрдөрөр
https://www.instagram.com/p/CZ9j--OMXAo/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Олунньу 13 күнүгэр – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр Сэһэн Ардьакыап аатынан Бороҕоннооҕу улуус устуоруйатын түмэлэ (дир. Дьулустаан Заболоцкай) куйаар ситиминэн "Тыл оонньуута" күрэһи тэрийэн ыытта.

Оонньуу ис хоһооно бэрт судургу эрээри интэриэһинэй буолла: КЫДАМАЛАҺЫННАРБАТАХТАРЫНААҔАР диэн биир уһун тылтан саамай элбэх аат тылы булан суруйуу.

Оонньуу биллэриитэ, күрэс төһө даҕаны биир күннээх буоллар, Сахабыт сирин кылгас кэмҥэ тилийэ көтөн, кыттааччы элбэх буолла. Ол курдук Дьокуускай куораттан уонна Муома, Өймөкөөн, Сунтаар, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам улуустарыттан төрөөбүт тылларын таптааччылар сэҥээрэн, көхтөөхтүк кыттаннар күрэһи өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһаардылар.

Оттон бу сонун оонньууну түмэл култуурунай-сырдатар үлэтин сүрүннээччи Альбина Афанасьева иилээн-саҕалаан тэрийдэ. Кини түмүгү таһаарыыга бэйэтэ баар "Кэскил түһэ" ийэ тыл түмсүүтүн көмөлөһүннэрдэ. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан аат тыл буолбатах тыллар сотулуннулар, онон бастакы ыытыллыбыт сыыппаралар үгүстэрэ уларыйдылар.

Барыта 38 киһи илин-кэлин түһүспүттэриттэн "Кылаан кыайыылаах" аатын Дьокуускай куораттан 317 тылы булан ыыппыт Людмила Андросова эрэллээхтик ылла. Бастакы миэстэ Тулунаттан 266 тылы таһаарбыт Ирина Охлопковаҕа тигистэ, иккис миэстэни Бороҕонтон 215 тылы булбут Мария Сивцева уонна үһүс миэстэни эмиэ Бороҕонтон 205 тылы таһаарбыт Марфа Руфова ыллылар. Итини таһынан оҕолортон соҕотох кыттыбыт Мүрү 1 N-дээх орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Айхал Неустроев "Кэскиллээх кыттааччы" ааты сүгэр чиэстэннэ.

Бэлиэтиир буоллахха, улууспутуттан саамай элбэх кыттааччы Тулуна бөһүөлэгиттэн кытынна. Итини түмэл үлэһиттэрэ: "Олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйин Маргарита Неустроева үлэтин түмүгэ", – дииллэр, кини түмэли кытта ситимнээх үлэтин бэлиэтииллэр.

🖊️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусустуоруйатынмусуойа
#төрөөбүттылуоннасурукбичиккүнэ
https://www.instagram.com/p/CaAA2lcsAjT/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Үөрэх эйгэтигэр биллэриллибит Ааҕыы сылын чэрчитинэн миниистир Ирина Любимова ыытар аахсыйатыгар кыттыһан, улууска бастакынан Мүрү 1 N-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ Игорь Сивцев быйыл оскуоланы бүтэрэр Лилиана Готовцеваҕа (11 "а" кылаастан) уонна Вадим Готовцевка (11 "б" кылаастан) кинигэ бэлэх туттарда.

Лилияна уонна Вадим маҥнайгы кылаастан оскуола бибилэтиэкэтин актыыбынай ааҕааччылара, бибилэтиэкэ ыытар тэрээһиннэригэр куруук көхтөөхтүк кытталлар.

Игорь Григорьевич оҕолорго үөрэхтэригэр ситиһиини баҕаран туран: "Кинигэни доҕор оҥостон, үөрэхтэнэн, киэҥ билиилээх дьон буолуҥ, төрөөбүт дойдугутун сайыннарыыга дьоһун кылааты киллэриэххит диэн эрэнэбин", – диэн кэс тылын эттэ. Оскуолабыт салайааччыта улуус үөрэҕин үлэһиттэрин, тэрилтэлэр салайааччыларын аахсыйаҕа кыттыһалларыгар ыҥырыы таһаарда.

🖊️ Эрсан Готовцев, 7 "б" кылаас үөрэнээччитэ, эдкор.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мүрү1нүөмэрдээхортооскуолата
https://www.instagram.com/p/CaB8DAsMho3/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Уус Алдан улууһун Тандатыттан төрүттээх ювелир Варвара Соловьева Арассыыйа Гохрана "Арассыыйа. XXI үйэ" ювелирнай искусство куонкуруһугар "Үрүҥ уонна кыһыл көмүс оҥоһуктар маастардарын төрүт тиэмэҕэ үлэлэрэ" номинацияҕа кыайыылааҕынан ааттанна. Тарбаҕар талааннаах биир дойдулаахпыт бу Арассыыйа култуураҕа министэристибэтин уонна дойду ювелирдарын Гилдьиятын өйөбүллэринэн ыытыллар көмүс оҥоһуктар маастардарын биир сүрүн суолталаах, үрдүк таһымнаах үгэс буолбут куонкурустарыгар ситиһиитэ – өр сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэ. Ол курдук кини бу оҥоһуктарын өбүгэлэрбит саҕанааҕы ньыманы сөргүтэн оҥороругар элбэх литератураны хасыһан, музейдар экспонаттарын үөрэтэн оҥорбут.

Варвара быыстапка туһунан маннык кэпсиир:

– Быйыл Арассыыйа Государственнай историческай музейын 150 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт куонкуруска кыттыым, ситиһиилэниим – хас да бүк долгутуулаах, үөрүүлээх. Икки хайысхалаах быыстапка дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа Кыһыл болуоссат 1 N-дээх дьиэтигэр баар Арассыыйа Государственнай историческай музейыгар икки ый устата көрдөрүүгэ туруоҕа. Ол курдук, былыргы оҥоһуктар уонна аныгы маастардар үлэлэрэ диэн арахсар. Дойду ааттаах-суоллаах даҕаны, талааннаах эдэр ювелирдара эмиэ кытыннылар. Барыта 500-тэн тахса сайаапкаттан, 1500-тэн тахса оҥоһуктан бастыҥнарын таллылар. Мин удьурҕайтан, үрүҥ көмүһүнэн киэргэтэн, хорҕолдьуну кутан күнтэн харыстыыр чарапчыны уонна хамсаны оҥорон кытынным. Сэргээтилэр, кэрэхсээтилэр. Тыйыс тымныылаах Саха сиригэр былыр күнтэн харыстыыр ачыкыны кэтэллэрин дьиктиргээччилэр да бааллар. Бу кыайыым иһин кэргэммэр – культуролог идэлээх Олег Соловьевка уонна тимир ууһа, ювелир Александр Даниловка махтанабын, кинилэр сүбэлэрэ-амалара, өйөбүллэрэ миэхэ төһүү күүс буолар.

Салгыытын комментарийдарга аах


🖊️ Диана Седалищева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалдантанчулууларбыт
https://www.instagram.com/p/CaFPrJjMxkx/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Усть-Алданский улус посетили заместитель начальника отдела санитарного надзора, лицензирования и регистрации управления Роспотребнадзора по республике Айыына ЕРЕМЕЕВА и начальник территориального отдела Намского Роспотребнадзора, куратор района Елена ИЛЬИНА.

Рабочая группа вместе со специалистами Усть-Алданского улуса осмотрели объекты работы, дали рекомендации по размещению и питанию гостей Игр. Так, комиссия по питанию осмотрела столовые и буфеты детских садов, школ, интернатов, Офисного центра Мюрюнского наслега. Внимание присутствующих было обращено на технические условия, оценены и исследованы готовность объектов.

🔻 «При подготовке объектов к эксплуатации наиболее важными являются вопросы безопасности. Целью нашей поездки является оценка готовности объектов к приему большого количества гостей. По итогам поездки мы заключили, что объекты питания полностью готовы, конечно, есть небольшие недочеты, по ним даны рекомендации. В целом, между нами и представителями в Усть-Алданском районе проведен конструктивный и содержательный диалог», — подчеркнула Айыына ЕРЕМЕЕВА.

🖊️ Пресс-служба администрации Усть-Алданского района

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бороҕон2022
https://www.instagram.com/p/CaGpzKvNlJ5/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Уһун Күөл орто оскуолатыгар кытай тылын үөрэтиигэ норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыагы саҕалыыр үөрүүлээх тэрээһин буолла.

Ол курдук, бу оскуола быйыл олунньуттан Арассыыйаҕа кытай тылын үөрэтэр ассоциированнай оскуолалар ситимнэригэр киирбитэ. Билиҥҥитэ бу ситимҥэ дойду 14 эрэ орто үөрэҕин кыһата баар.

🔻 Уһун Күөл оскуолата бу бырайыакка кыттыһыытын туһунан дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Наталья Турантаева билиһиннэрдэ:

– Биһиги оскуолабыт 2021 сылга полилингвальнай (хас да тылынан тэҥҥэ) үөрэхтээһини олоххо киллэриигэ Ил Дархан Гранын ылары ситиһэн, экспериментальнай былаһаакка статустанан, бу бырайыакка кыттыста. Онон үөрэнээччилэрбит үөрэх федеральнай стандартынан ирдэнэр иккис омук тылын үөрэтиигэ английскайы таһынан кытай тылын баһылыахтара, кинилэри Кытайтан Харбин куорат оскуолаларын учууталлара тэйиччиттэн көрүҥүнэн үөрэтиэхтэрэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Кытайтан быһа сибээһинэн Тыллары үөрэтиигэ хардарыта үлэлэһии киинин салайааччыта Чжао Гочэн, үөрэх уобаластааҕы управлениетын норуоттар икки ардыларынааҕы отделын салайааччыта Юй Цзычао, Харбин куорат үөрэҕин управлениетын салайар Инь Чжаолун, Харбин куорат 6N-дээх оскуолатын дириэктэрэ Чжан Сянчжоу уонна Кытай өрөспүүбүлүкэтин провинцияларын оскуолаларын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. Кинилэр бырайыак олоххо бигэтик киирэригэр үлэлэһэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр, хас биирдии үөрэнээччигэ кытай тылын үөрэтиигэ ситиһиилэри баҕардылар. Ити курдук тэрээһин кэмигэр бииргэ үлэлэһии Декларациятыгар илии баттастыбыт, онон номнуо олунньу 21 күнүттэн кытай тылын үөрэтии куурустара саҕаланыахтара. Маныаха биһиэхэ күүс-көмө буолбут ассоциированнай оскуолалар ситимнэрин Арассыыйатааҕы секретариатын бэрэссэдээтэлэ Юлия Николаева уонна сэкирэтээр, координатор Алгыс Тимофеевка махталбыт улахан.

🖊️ Диана Седалищева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үөрэхэйгэтэ
#илдархангрант
https://www.instagram.com/p/CaHYiAFsgd0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан саҥа арыллыбыт култуура Дыбарыаһыгар аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир, толору хааччыллыылаах бибилэтиэкэ киэҥ-куоҥ саалалара арыллан, тустаах үлэһиттэр номнуо ааҕааччыларын көрсөн үлэ үөһүгэр сылдьаллар.

Бу күннэргэ оҕо бибилэтиэкэтин кырачаан ааҕааччылара күндү ыалдьыт буоланнар, сэргии, сэҥээрэ көрөллөрө үксээтэ. Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын алын кылааһын үөрэнээччилэрэ Коля, Тимур Бочкаревтар – оҕо бибилэтиэкэтин эрэллээх доҕотторо, ыытыллар араас тэрээһиннэр актыыбынай кыттыылаахтара.

Коля биэс, Тимур үс саастааҕар ийэлэрэ Сардаана Романовна уолаттарын Бороҕоннооҕу бибилэтиэкэҕэ илдьэн, кинигэни ааҕыы умсугутуулаах дьарыгар угуйбута. Ийэлэрэ уолаттарыгар өссө кыра эрдэхтэриттэн бу үөрүйэҕи иҥэрэн, остуоруйа кэпсиирин сөбүлүүрэ.

🔻 “Кинигэни оҕону кытта тэҥҥэ аахтахха интэриэһиргиирэ күүһүрэр. Оннук санаанан салайтаран, күн бүгүнүгэр диэри бииргэ ааҕабыт. Ордук нууччалыы ааҕарбын сөбүлүүллэр, түргэнник өйдүүллэр. Ону тэҥэ оҕо саадыгар сылдьар эрдэхтэриттэн нууччалыы куонкурустарга кытыннарарбыт. Телевизор, телефон нөҥүө эмиэ нууччалыы информацияны ыларбыт үксээн, нууччалыыга охтубуттара.

Онон сахалыы тылбытын-өспүтүн сайыннарар баҕаттан, сахалыы кинигэлэри уларсан ааҕа сатыыбыт. Уолаттар саҥа бибилэтиэкэни көрөн олус сэргээтилэр. Кинигэтэ элбээбит, сырдык, ыраас буолбут диэн санааларын үллэстэллэр. Коля ордук фантастиканы сэҥээрэн ааҕар. Тимур мамоннаах, динозаврдаах энциклопедиялары сөбүлүүр.

Бибилэтиэкэ эрэллээх ааҕааччылара диэннэр үлэһиттэр үөрэ-көтө көрсөн, саҥа дьиэлэрин көрдөрөн, кинигэ бэлэхтээн ыыттылар. Оттон уолаттар ааҕар кинигэлэрин уларсан, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаарараллар”, – диэн кырачаан ааҕааччылар ийэлэрэ Сардаана Бочкарева кэпсиир.

🔻 “Маннык информацияны телефон нөҥүө куйаар ситиминэн эмиэ билиэххэ, ааҕыахха сөп. Ол эрээри, саҥа кинигэ сыттыын да, тутан-хабан олорон ааҕарга да астык”, – диэн убай киһи Коля санаатын сайа этэр.

Салгыытын комментарийдарга аах

🖊️ Ольга Шепелева

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
https://www.instagram.com/p/CaQdV4Gs5-v/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Оруобуна икки сыллааҕыта “Мүрү саһарҕата” хаһыакка “Уус Алдан соҕотох блогера Аркадий Охлопков YouTube ханаалыгар суруттарыҥ” диэн суруналыыс Екатерина Захарова ыстатыйата тахсыбыта.

Оччолорго Аркадий Семенович ханаалыгар 150-тан тахса видеолаах, 700-кэ сурутааччылаах эбит буоллаҕына, билигин видеотун ахсаана 380 буолбут, онтон 250 видеота аһаҕас – ким баҕарар көрөр, атынын анаан көҥүлүнэн көрүөххэ сөп. Оттон сурутааччытын ахсаана 1790 киһи буолбут, көрүү уопсай ахсаана 335750-ҥа тэҥнэспит. Онуоха YouTube платформа быраабылатынан, аҕыйаабыта 1000 сурутааччылаах, кэлиҥҥи 12 ый иһигэр 4000 чаас көрүүлээх ханааллаах киһи дохуот аахсыан сөп. Онон Аркадий Семенович ханаалын монетизациялыырга сайаапкалаан, көҥүлү ылбыт.

🔻 Бу туһунан 71 саастаах блогер инстаграмҥа @arkadyohlopkov страницатыгар бэҕэһээ пост таһаарда:

“Монетизация диэҥҥэ суруттарбытым, ол аата аны бэйэм көҥүллээбит видеоларбар реклама биэрэллэр, төһөнөн элбэх реклама биэрэллэр да, миэхэ Америкаттан (ютуб Америка бородууксуйата) харчы ааҕыллан, каартабар түһүөхтээх. Аҕыйах хонугунан (олунньу 25 күнүгэр) ханаалым аһыллыбыта үс сылын туолуохтаах. Киһи сааһыран арыый иллэҥ буоллаҕына, син онон-манан дьарыктанар эбит”.

🔻 Итини таһынан кини: “Кытайтан Fimi X8 SE 2020 диэн дрону сакаастаан ылбытым, 4-5 км ыраахха диэри көтөр, инструкциятыгар 8 км да тиийиэн сөп диэн. Халлаан сылыйдаҕына ону көтүтэн боруобалыам. Ити курдук, ханаалбын интэриэһинэй оҥорон, дьон сэҥээриитин тардар ньымалары толкуйдуубун”, – диэн этэр.

Аркадий Охлопков туһунан хаһыакка тахсыбыт ыстатыйа хаһыаппыт саайтыгар эмиэ тахсыбыта, ссылкатын сторизка көрүҥ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CaQzVojoy_b/?utm_medium=share_sheet