УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.07K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#үйэтитии

💢 Быйылгы "Победа" байыаннай-патриотическай оонньуу Василий Данилов сырдык кэриэһигэр ананна

Биир дойдулаахпыт, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын выпускнига, байыаннай дьайыыга олоҕун хорсуннук толук уурбут гвардия старшай сержана Василий Данилов сырдык кэриэһигэр «Победа-2023» өрөпүүбүлүкэтээҕи байыаннай-спортивнай оонньуу буола турар.

Манна сэттэ хамаанда сэттэ түһүмэххэ күрэхтэһэллэр. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥаластан икки хамаанда, Чурапчы, Мүрү 2-с №-дээх, Мындааба, уонна Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыттан икки хамаанда байыаннай хаамыыга, АК-74 сааны түргэнник ыһыыга-таҥыыга, ботуруону түргэнник иитиигэ, таба ытыыга, бальнай үҥкүүгэ, патриотическай ырыаҕа, канат тардыһыытыгар күрэхтэһэллэр.

✍️ Мария Аргунова

☑️ Күрэхтэһии туһунан Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын юнкордарын суруйууларын Үрүйэчээн страницатыгар аах https://vk.com/wall-219778198_19

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

💢 Бороҕон нэһилиэгин устуоруйата оскуола түмэлигэр үйэтитиллэр

"Бороҕон нэһилиэгин устуоруйата" оскуолатааҕы түмэл 1980 сылтан үлэлиир. Түмэли бэтэрээн учуутал Акулина Сокольникова иилээн-саҕалаан үлэлэтэр.

Түмэлгэ олох былыргы щвейцарскай эти эрийэр массыына, “Зингер” иистэнэр массыына, неолит үйэтин саҕанааҕы кыһыах, кыргыс үйэтигэр хоһуун ытыллыбыт муос оноҕоһо, олоҥхоһут Ефим Барашков тус бэйэтэ туттубут мала-сала, оскуола бастакы учуутала, биллиилээх советскай-партийнай үлэһит Дмитрий Шепелевтан саҕалаан, учууталлар үөрэтэр-көрдөрөр посуобуйа оҥорор бэчээтинэй буукубалара харалла сыталлара устуоруйа олус күндү кэрэһиттэрэ буолаллар.

📹 Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from uusaldan.ru
Тандатааҕы историко-архитектурнай музейга 19-20 үйэлэр кирбиилэригэр олорон ааспыт *Байаҕантай кулубата Пантелеймон Готовцев- Бааса Атыыһыкка уонна кини оҕолоро Уус-Алдан маҥнайгы кооператора Феофан Готовцев- Атыыһыт Биэкэҕэ, разведчица, фельдшер Саха маҥнайгы үөрэхтээх дьахталларыттан биирдэстэрэ Матрёна Готовцева- Мадам Матрёнаҕа, Готовцевтар сыдьааннарыгар аналлаах сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ууран сытыарбыт, харайбыт, үйэлэри уҥуордаан кэлбит маллара, тутта сылдьыбыт иһиттэрэ-хомуостара, 1870-с сыллартан саҕалаан хаартыскалара выставка буолан тураллар. Ону таһынан, кэлбит ыалдьыттарга Готовцевтар аймахха аналлаах документальнай киинэ көстөр.*

😍 *Ыраахтааҕы саҕаттан иһит, ураты сундуктар, ссыльнай поляктар бэлэхтээбит дьиэ мала уонна да атын... Хаартыскаларга урукку Байаҕантай улууһун историята бүтүннүү кэпсэнэр.*

*Бу күннэргэ выставка бүтэһик күннэрин турар. Баран көрөргө, кыраайбыт историятын билэргэ тиэтэйиҥ.*

Тандатааҕы историко-архитектурнай музей коллектива.
#БАРЫБИИРГЭ

💢 Улууспутугар үтүө холобуру күннэтэ көрөбүт

Киһиэхэ киһи көмөтө, өйөбүлэ саамай наадалаах кэмигэр улууспут дьоно-сэргэтэ түмсүбүтүн күннэтэ бэлиэтии көрүөххэ сөп. Ол курдук улуустааҕы киин балыыһа кэлэктиибэ Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыга кытта сылдьар кэллиэгэлэрин дьиэ кэргэнигэр мэлдьи күүс-көмө буолаллар.

Дьиэ кэргэн баһылыга, “Суһал көмө” массыынатын суоппара Олег Васильев былырыын быстах хомуурга хабыллан күһүн дойдубут чиэһин көмүскүү барбыта. Онон туттан испит саҥа дьиэтэ силигэ сиппэккэ, кэргэнэ икки оҕотунаан куортам дьиэҕэ олороллор. Дьиэ тымныы буолан, кыһын улахан тымныыларга кыһалҕаны көрсүбүттэрэ.

Ол да иһин саҥа дьиэлэрэ тутуллан түмүктэнэригэр балыыһа үлэһиттэрэ бары биир санаанан күүс-көмө буолаллар. Холобур, икки төгүллээн кэргэнэ уонна дьоно ылбыт тутуу матырыйаалын тиэйэн аҕалан, сүөкэһэн, хаары ыраастаан субуотунньуктаатылар. Ону таһынан, кэллиэгэлэригэр баһыылка, дьиэ кэргэнигэр үп-харчы өттүнэн төһө кыалларынан күүс, өйөбүл буолаллар.

✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM