Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүҥҥүттэн, ол эбэтэр 08.10.24 c. Суотту парома расписаниеҕа уларыйыы тахсарын туһунан биллэрэр⛴️
Маяк причалыттан:
09ч00м, 12ч00м, 15ч00м, 18ч00м
Кангалаас причалыттан:
10ч00м, 13ч00м, 16ч00м, 19ч00м
Биир паром сүүрэр⛴️
Билсэр телефоҥҥут:
89681520100 ("Аргыс" т/х)
89679131333 (салайааччы)
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ
✊Хас биирдии көмө – кыайыыны чугаһатар
Дойдубутугар буола турар байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар туох эмэ көмөнү уунан кыайыыны уһансар үтүө санаалаах дьон улууспут иһигэр күннэтэ көстөллөр. Ол курдук, улуустааҕы психологическай киин үлэһиттэрэ биллэрбит аахсыйаларыгар кыттыһан, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, муҥхаһыт Василий Аргунов сабыс-саҥа илими бэлэх уунна.
Василий Васильевич бу бастакы көмөтө буолбатах. Кини маннык аахсыйаларга куруук көхтөөхтүк кыттар. Дойдубут чиэһин көмүскүүр дьайыыга, ыарахан усулуобуйаҕа түүннэри-күнүстэри тыын былдьаһа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө уҕарыахтааҕар, билигин күүһүрэр кэмэ кэллэ.
Онон көмөттөн туора турбат биир дойдулаахтарбыт үтүө үгэстэрин көрө сылдьан, кинилэри холобур оҥостон, илиибит, сүрэхпит сылааһын ууран, аахсыйаны көҕүлээн, тэрийэн ыытар дьоммут ыҥырыытын ылынан, ылсан иһэргитигэр улууспут дьонун-сэргэтин ыҥырабыт.
✍️ Мария АРГУНОВА
✅ @uamurusahargata @ulusmedia

#чиргэл
👍 Аныгы киһи күннээҕи аһылыгар болҕомтотун уурар. Ол эрээри, кэлии ас эгэлгэтигэр туох буортулааҕын, алдьатыылааҕын дириҥник толкуйдаабакка, суолтатын өйдөөбөккө атыылаһарбыт, аҥаар кырыы аһыырбыт - баар суол. Киһи доруобуйата, олоҕун хаачыстыбата 80 бырыһыан аһылыктан тутулуктаах. Тыа сирин ыалын аһылыгын туругун, туох ас буортулааҕын, туһалааҕын бу сигэнэн ааҕыҥ
👇
БАТТАА↩️
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
БАТТАА↩️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔹🔹🔹 Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн👨👩👦, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас 👫сылын чэрчитинэн, биир дойдулаахпыт, саха народнай поэта, оҕо суруйааччыта, суруналыыс, тылбаасчыт Иван Васильевич Мигалкин – Кэрэл төрөөбүтэ 70 сылынан ыытыллар “Оҕо мичээрэ, оҕо үөрүүтэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи онлайн уус-уран ааҕыы күрэҕин балаһыанньата📄БАТТАА↩️
✅ @uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
uacbs.ru
Сайт Усть-Алданской МЦБС - “Оҕо мичээрэ, оҕо үөрүүтэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи онлайн уус –уран ааҕыы күрэҕин балаһыанньата
Өрөмүөннүүр үлэ орто анал үөрэхтээһин государственнай тэрилтэлэрин материальнай-техническэй базатын хаҥатыы уонна капитальнай өрөмүөнүн оҥоруу республикатааҕы программа чэрчитинэн барыта 23 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп көрүллэн оҥоһулунна.
Сиһилии БАТТАА ↩️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
С.С. Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар Гаврил Черноградскайы улуус, нэһилиэк дьаһалтатын салайааччылара, кини айар талааныгар, дьоҕуругар сүгүрүйээччилэр, аймахтара, доҕотторо-атастара мустан эҕэрдэлээтилэр.
Кини — тыа сирин үлэһит киһитэ айылҕаҕа, чугас дьонугар, олоххо тапталын, кутун-сүрүн иэйиитин иҥэрэн, сахалыы оһуордаах сайаҕас тылынан сайа хоһуйбутун сөҕө-махтайдылар.
Сиһилии БАТТАА↩️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
✊Бүгүн, Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн, Майаҕастааҕы "Түмсүү" сынньалаҥ киинигэр улуустааҕы психологическай киин исписэлиистэрэ байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар биллэрбит аахсыйаларын иитинэн аҕам саастаах дьоҥҥо уонна ийэлэргэ анаан тэрээһини ыыттылар.
Ол курдук байыаннай дьайыыга туһаныллар розжиг, "браслет выживания" оҥорого маастар-кылаастары, уйулҕаны уоскутар психологическай дьарыктары оҥордулар, филиал үлэтин туһунан иһитиннэрдилэр.
✍ Мария АРГУНОВА
@uamurusahargata @ulusmedia