#киинкуоракка
💠 Гроссмейстер Петр Ушницкайы биир дойдулаахтара үөрэнээччитин ситиһиитинэн эҕэрдэлээтилэр
Бу күннэргэ М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Кылаабынай үөрэнэр куорпуһугар Турция Кемер куоратыгар ыам ыйын 19-31 күннэригэр ыытыллыбыт доруобуйаларынан хааччахтаах дьон ортотугар дуобакка аан дойдутааҕы V чөмпүйэнээккэ чөмпүйүөн үрдүк аатын сүкпүт өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай оскуола-интэринээт выпускнига, ХИФУ 1 кууруһун устудьуона, 20 саастаах Александр Ефимовы уонна кинини тоҕус сыл устата эрчийэр тириэньэрин, инбэлииттэр ортолоругар Арассыыйа дуобакка бастакы гроссмейстерын, СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка үтүөлээх үлэһитин, өрөспүүбүлүкэтээҕи адаптивнай физкултуура уонна успуорт Киинин тириэньэрин, Дүпсүнтэн төрүттээх биир дойдулаахпытын Петр Ушницкайы чиэстээһин, пресс-конференция ыытылынна.
Пресс-конференцияҕа ХИФУ ректора Анатолий Николаев, СӨ физкултуураҕа уонна успуорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, СӨ дуобакка Федерациятын президенэ Яков Сидоров, дуобакка аан дойдутааҕы гроссмейстер Матрена Ноговицына, о.д.а. кыттыыны ыллылар. Пресс-конференция кэмигэр Александр Ефимов Москваттан аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, аан дойдутааҕы гроссмейстер Владимир Гацинскайы кытта партиятын көрдөрдүлэр, сиһилии ырыттылар.
Дүпсүнтэн төрүттээх дьон сылдьан биир дойдулаахтарын Петр Ушницкайы үөрэнээччитин ситиһиитинэн үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлээтилэр.
Александр Ефимов Арассыыйа гроссмейстерын нуорматын толорбутуттан тириэньэр үөрүүтэ соргуланнын.
✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/99122
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
#сурутуухампаанньата
💠 Күндү сурутааччыларбыт, улуус олохтоохторо!
Бэс ыйын 5 күнүттэн 15 күнүгэр диэри “Мүрү саһарҕата” хаһыакка 2023 сыл 2-с аҥаарыгар почта нөҥүө уонна альтернативнай көрүҥүнэн, о.э. эрэдээксийэттэн бэйэ ылыыга, сурутууга ЧЭПЧЭТИИ биллэриллэр.
Почта нөҥүө сурутуу сыаната – 528 солк.
Эрэдээксийэттэн ылыыга сурутуу сыаната – 500 солк.
✌️ Почтаҕа, эрэдээксийэҕэ тиийбэккэ даҕаны дьиэҕититтэн олорон сурутуоххутун сөп диэн санатабыт. Онуоха почта саайтыгар https://www.pochta.ru/person/podpiska/press/ПО057 ссылканан киирэн эбэтэр хартыынаҕа баар QR-куодунан онлайн сурутар ньыма баар, оттон эрэдээксийэҕэ сурутарга 89627352327 нүөмэргэ билсэҕит.
🤌 Чэпчэтиилээх сурутуу күннэрин куоттарыма!
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Бэс ыйын 5 күнүттэн 15 күнүгэр диэри “Мүрү саһарҕата” хаһыакка 2023 сыл 2-с аҥаарыгар почта нөҥүө уонна альтернативнай көрүҥүнэн, о.э. эрэдээксийэттэн бэйэ ылыыга, сурутууга ЧЭПЧЭТИИ биллэриллэр.
Почта нөҥүө сурутуу сыаната – 528 солк.
Эрэдээксийэттэн ылыыга сурутуу сыаната – 500 солк.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп✨
💫 Бэс ыйын 6 күнэ 💫
Хой ♈️
Таптал чааһыгар саҥа сыһыан төрүөттэниэн сөп диэн сулустар кэпсииллэр
Оҕус ♉️
Бэйэҥ сэниэҕин дьоҥҥо олус барыыгын, тус олоххун быһаарарга сэниэҥ тиийбэт кэриэтэ
Игирэлэр ♊️
Кистэлэҥ санааҕын чугас доҕоргор арыллан кэпсиэҥ, дууһаҥ чэпчиэ
Рак ♋️
Дьону кытары алтыһан киһи элбэҕи ситиһэр
Хахай ♌️
Өйүҥ-санааҥ, сүрэҕиҥ барыта кини эрэ, олуһун сайыһаҕын
Кыыс ♍️
Дьону барытын аһынаҕын, кинилэр тустарыгар долгуйаҕын, кинилэр кыһалҕаларын бэйэн кыһалҕан оҥостоҕун
Ыйааһын ♎️
Баарын тухары кыһаммаккын, сүтэрэн баран биирдэ эрэ айманаҕын
Скорпион ♏️
Чугас дьоҥҥор олус кыһаллаҕын, долгуйаҕын, бэйэҥ кыһалҕаҕынааҕар бастаан дьонуҥ киэнин быһаараҕын
Охчут ♐️
Дьон эйиэхэ бастакы хардыы оҥорорун кэтэһэ сылдьан барытын куоттарыаххын сөп
Чубуку ♑️
Хайдах да түгэҥҥэ төбөҕүн өрө көтөҕө сырыт
Күрүлгэн ♒️
Чугас киһигин кытары бүгүҥҥү киэһэни атаар диэн сулустар сүбэлииллэр
Балыктар ♓️
Хайдах да түгэҥҥэ, барытын умнан да туран саҥа олоҕу саҕалыыр сөптөөх суол

#астык
💠 Ытык саастаах Раиса Руфова саҥа күнү үөрэ көрсөр
Хатаска олохтоох Наталья Руфова хотунун үлэ бэтэрээнэ, СӨ ытык саастааҕа Раиса Руфова саҥа күнү үөрэ көрсөр түгэнин хаартыскаҕа түһэрбитин үллэһиннэ.
Ньурбаттан төрүттээх Раиса Капитоновна кэргэнинээн Афанасий Васильевичтыын 1976 с. Бороҕоҥҥо кэлэн олохсуйбуттара. Алта оҕолоох ийэ Раиса Капитоновна өр сылларга олох-дьаһах кэмбинээтигэр атах таҥаһын оҥорор сыахха үлэлээбитэ, үлэ бастыҥ киһитэ этэ. Быйыл күһүн Раиса Руфова 85 сааһын үөрэ-көтө бэлиэтиэҕэ.
Ытык саастаах дьоммут – ийэлэрбит, аҕаларбыт, эбэлэрбит, эһэлэрбит – эдэр саастарыгар үлэ үөһүгэр сылдьан, уйгулаах олоҕу уһансан, билигин сынньалаҥнык, нус-хас олорон хас биирдии саҥа күнү уруйдуу көрүстүннэр, уһун үйэлээх буоллуннар.

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
"На Дальнем Востоке можно получить ипотеку под минимальные %. Как это работает?
Десятки тысяч семей стали счастливыми обладателями квартир и домов по программе "Дальневосточная ипотека".
Впервые о льготной поддержке для дальневосточников заявил президент Владимир Путин в сентябре 2019 года на ВЭФ.
Сегодня программа позволяет молодым семьям, врачам, медикам и участникам программы "ДВ-гектар" получить кредит размером не более 6 миллионов рублей по ставке 2%. На какие моменты нужно обратить внимание, смотрите в видео и на сайте дом.рф."

Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🏔️ Альпинист Евгений Кривошапкин бу сыл ыам ыйын 15 күнүгэр сахалартан бастакынан аан дойду саамай үрдүк чыпчаалын Эвереһы дабайда. Кини 8 тыһ. 849 м үрдүккэ Саха сирин былааҕын көтөҕөн, ыра санаатын олоххо киллэрдэ, историяҕа бэлиэ суолу хаалларда
Евгений Эверест хайаҕа сырыытын, хайдах бэлэмнэммитин, туох уустугу көрсүбүтүн, уо.д.а кэпсээтэ.
▶️ https://youtu.be/yv7dQq61zsQ
❤️ t.iss.one/ulusmedia
Евгений Эверест хайаҕа сырыытын, хайдах бэлэмнэммитин, туох уустугу көрсүбүтүн, уо.д.а кэпсээтэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тургутук
Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни
Аан бастаан эйигин көрбүппүн,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин.
Санньылҕан аргыстаах айаммар
Сүпсүлгэн түбүктээх күннэрбэр,
Сирдээҕи сулуһум буолаҥҥын
Иннибэр эн мэлдьи сырдыырыҥ.
Дьыл-хонук ааспыта ыраны
Ыһыахтыыр ытылҕан турбута,
Ол иһин эн кэрэ дьүһүнүҥ
Ыраатан умнуллан барбыта.
Түҥ тыаҕа уһукка хаайтаран
Олоҕум тохтообут курдуга,
Үҥэрбэр, иэйэрбэр, таптыырбар
Айыы да, аанньал да суох этэ.
Мин кутум эмискэ тилиннэ
Иккистээн бу курдук долгуйда,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэҕэ тардыста.
Сүрэхпэр сааскылыы умсулҕан
Төнүннэ олоххо ахтылҕан,
Үҥүөхпэр күн айыы көһүннэ
Тапталтан хараҕым ууланна.
Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни
Аан бастаан эйигин көрбүппүн,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни
Аан бастаан эйигин көрбүппүн,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин.
Санньылҕан аргыстаах айаммар
Сүпсүлгэн түбүктээх күннэрбэр,
Сирдээҕи сулуһум буолаҥҥын
Иннибэр эн мэлдьи сырдыырыҥ.
Дьыл-хонук ааспыта ыраны
Ыһыахтыыр ытылҕан турбута,
Ол иһин эн кэрэ дьүһүнүҥ
Ыраатан умнуллан барбыта.
Түҥ тыаҕа уһукка хаайтаран
Олоҕум тохтообут курдуга,
Үҥэрбэр, иэйэрбэр, таптыырбар
Айыы да, аанньал да суох этэ.
Мин кутум эмискэ тилиннэ
Иккистээн бу курдук долгуйда,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэҕэ тардыста.
Сүрэхпэр сааскылыы умсулҕан
Төнүннэ олоххо ахтылҕан,
Үҥүөхпэр күн айыы көһүннэ
Тапталтан хараҕым ууланна.
Өйдүүбүн, ол күлүм түгэни
Аан бастаан эйигин көрбүппүн,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Пушкин "Я помню чудное мгновенье" хоһоонун ким тылбааһа дии саныыгын?
Anonymous Quiz
28%
Наталья Харлампьева
15%
Иван Арбита
57%
Наталья Михалева – Сайа
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр
⚡️ Бүгүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, 10 кВ күүрүүлээх Л-Майаҕас уот ситимигэр 157№-дээх тирэхтэн Пилорама отпайканы араарыыга былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан киэһэ 17.00 чаастан 20.00 чааска диэри Чараҥҥа, Майаҕаска уонна Бороҕон сэлиэнньэтин сорох өттүгэр уоту араарыахтара.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Кинигэ хаһан да таах айыллыбат. Суруллан тахсыбыт кистэлэҥнээх, историялаах буолар. Омук ааттаахтара ымсыыраннар, бэйэлэрин тылларыгар тылбаастаналлар. Ол иһин ханнык эрэ түҥ былыргы айымньы тарҕанар буоллаҕа эбээт!
Биһиги да оҕолорбут Шарль Перо “Күлчээнэтин” билэллэр аҕай, арай эрэ нууччалыы ааҕан буолбатах, төттөрүтүн сахалыы ааҕан бараннар, былыргы саха остуоруйатын курдук ылыммыттар үгүс буолааччылар. Табыллыбыт тылбаас күүһэ итинник.
Сордоох сүпсүлгэн!
Остуоруйа саамай чыпчаал көстүүтэ биир: түүппүлэни туппутунан хамыыһыйа Күлчээнэлээххэ тиийэн кэлэр. Чаҕар кыыһын итинник үтүөҕэ тиксэримээри маачахата-кииринньэҥ ийэтэ дьүһүлэммитин ааҕа кэлэйэбит. Ол да буоллар сокуон ирдэбилэ кытаанах. Ону тутуһаннар били сорук-боллур дьон кыыс атаҕын тэҥнээннэр, ыраахтааҕы уолугар баалга бара сылдьан ыалдьыттаабыт Күлчээнэ буолбутун дакаастыыллар. Онуоха кыыс били түүппүлэ иккис аҥаарын кистэммитин ойутан таһааран киһи бары сөҕөр.
Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр
⚡️ Бэс ыйын 7 күнүгэр 6 кВ күүрүүлэх Л-Суотту уот ситимигэр былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан Суоттуга сарсыарда 10.00-тан күнүс 14.00 чааска диэри уоту араарыахтара.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Сайыҥҥы сынньалаҥҥа оҕоҕун иит!
💠 “Колобок” курдук буолбатарбыт ханнык!
Мин холобуокпун, холобуокпун,
Ампаартан сиппиллибитим,
Арыыга буспутум,
Сүөгэйгэ сөтүөлээбитим...
-дии-дии оҕоҕо кэпсээтэххэ, сонно тута нойосуус өйдөөн кэбиһээччи этэ. Билиҥҥи төрөппүт төһө ааҕара буолла?
Ол да гыннар, дьэ, бу олус бэртээхэй остуоруйа. Төһө оҕо бу Колобок диэн бурдук ас буоларын тута өйдөөбүтэ эрэ, билбэтим, ити эрээри кыра дьон кинини тыыннаах курдук ылынан, Саһыл обургу мэтиргэччи сиэбититтэн аһынан ытаабыт элбэх.
Дьэ, олоххо эмиэ итинник. Биир сырыыга сыыһа туттарбыккынан өҥнөнөн өр барбаккын. Сырыы ахсын албас уларыйара ордук. Ол аата, ыллыы-ылыы тэйэр кутталлаах. Этэргэ дылы “муора уута тобугунан, халлаан уута хабарҕатынан” диэн өс хоһооҥҥо курдук, туохха да кыһаммакка, уһуннук толкуйга түспэккэ эрэ, солуута суох төкүнүйэ-бөкүнүйэ сылдьар киһи хотуулаах тахсыбат.
Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
✍️ Анисим Неустроев